Главная / Видео / Бүлүү чулуу уола Степан Аржаков (на конкурс короткометражных фильмов «Выдающийся Аржаков»)

Бүлүү чулуу уола Степан Аржаков (на конкурс короткометражных фильмов «Выдающийся Аржаков»)

Быйыл саха чулуу уола, государственнай политическай деятель Степан Аржаков үбүлүөйдээх 125 сыла бэлиэтэннэ.
Төрөөбүт дойдутугар Бүлүү улууһугар араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Ол иһигэр Степан Аржаков туһунан тэттик киинэ устуутугар өрөспүүбүкэтээҕи күрэх биллэрбиттэрэ. Манна Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д.Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ специалиһа Адамова Мария Александровна кыттыбыта. Бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир «Саһарҕа» устуудьуйа үөрэнээччилэрин кытта документальнай киинэ уһулан бастакы миэстэ буоллулар.