Улуу Кыайыы 80 сылын өрөгөйүн чэрчитинэн Саха сирин устуоруктарын уонна кыраайы үөрэтээччилэрин түмсүүтүн иилээһининэн, билим үлэһиттэрэ улуустарынан сылдьан, Саха сирин, саха омугун устуоруйатын нэһилиэнньэҕэ билиһиннэрэр соруктаах айаннара саҕаланна. Үс билим үлэһитэ балаҕан ыйын 22-23 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһугар кэлэн үлэлииллэр.
Ол курдук:
1) Петров Пантелеймон Пантелеймонович, устуоруйа билимин хандьыдаата, Дьокуускай куорат, Саха сирэ сэрии сылларынааҕы олоҕун уонна Бүлүү сүнньүгэр нууччалар бастаан кэлиилэрин чинчийээччи.
2) Николаев Николай Степанович, устуоруйа билимин хандьыдаата, Саха сирин кырасдааныскай сэриитин уонна сахалар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыларын чинчийээччи.
3) Васильев Василий Егорович, устуоруйа билимин хандьыдаата, этнограф, ойууннааһыны чинчийээччи, Дүллүкүттэн төрүттээх биир дойдулаахпыт.
Икки күн киэҥ сири хабан, элбэх киһини кытта көрсүөхтэрэ.
Балаҕан ыйын 22 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи Ю.Н Прокопьев аатынан 3 нүөмэрдээх орто оскуолаҕа күнүс 15.00 чаастан устуоруйаны үөрэтээччилэри, учууталлары, оҕолору кытта көрсүһүүгэ сонун чахчылары бэлиэтээн сэргэх кэпсэтиини таһаардылар
Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Хоро, Дүллүкү, Оҥхой, Нам, Ороһу нэһилиэктэринэн үлэлиэхтэрэ.