2022 сыл Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотека ситимин иһинэн Төрүт култууратын сыла

Саха сиригэр биир киэҥ сиринэн тайаан сытар Үөһээ Бүлүү улууһа баай историялаах түбэнэн киэҥник биллэр. Үөһээ Бүлүү сүрүн баайынан-дуолунан ураты дьоҕурдаах, чаҕылхай талааннаах дьоно-сэргэтэ тоҕуоруһан олорор сиринэн буолар. Өр үйэлэр усталарыгар өбүгэлэр үгэстэрин утумнааһын, төрүт культураны харыстааһын, ытык укулааты тутуһуу үтүөкэннээх холобурдара бу түбэҕэ ордук элбэхтэр.
2022 сыл Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотека ситимин иһинэн Саха төрүт култууратын сылынан биллэрилиннэ.