Тапталлаах Үөһээ Бүлүүбүт туһунан хоһооннор

Гимн муниципального района “Верхневилюйский улус”

Гимн муниципального района “Верхневилюйский улус (район)” один из символов района, наряду с флагом и гербом. Слова гимна написаны Н. С. Егоровым (утверждена пятой сессией Улусного Собрания депутатов 3 июля 2003 г.). Автором музыки является А.И. Васильев (утверждена седьмой сессией Улусного Собрания депутатов 10 декабря 2003 г.).

Үс үөстээх Бүлүүбүт кытылын буламмыт

Үрэҕин, алааһын, күөллэрин батыһа

Хороҕор муостааҕы, сиэллээҕи үөдүтэн

Холлоохтук үөскэтэн, тэнийэн кэллэхпит.

Дьол-соргу уйата, Үөһээ Бүлүүм.

Бөлүһүөк толкуйдаах, өркөн өй санаалаах,

Суруйар идэлээх, ырыаһыт талааннаах

Уутуйан үөскээбит түөлбэтэ буолаҕын.

Үөрэхпит билиибит эйгэтин баһылаан

Үгүс да сайдыылаах ыччаппыт таҕыста.

Сахабыт норуотун самныбат саргытын

Салайар үтүөкэн дьоннору үүннэрэр.

 Үрүҥ да, хара да күннэргэ норуоппут

Өрүүтүн, санньыарын биир тэҥҥэ үллэстэн

Ураанхай омукпут удьуорун ууһатан

Уостубат уйгуну оҥорсо тураҕын.

Үөһээ Бүлүүм, Үөһээ Бүлүүм

Үрдүккэ кэрэҕэ дьулуһар,

Сахабыт инники кэскилин

Сайдыытын түстэһэр аналлаах.

Корякин Н. П.-Уран Ньукулай

«Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ» МТ

Өрөгөй ырыата

Улууһу бүтүннүү түмэргэ аналлаах

Урааҥхай сахабыт уутуйан олорбут,

Уйгулаах түбэҕэ түмүллэн сайдабыт,

Улахан киин буола тэнийэр дойдубут.

Үөһээҥҥи Бүлүүбүт дэнэммит

Үөрүүнэн киэн тутта этэбит,

Өбүгэ үгэһин иҥэрэн

Өрөгөй ырыатын ыллыыбыт.

Хоһуллар Бүлүүбүт холкутук устуоҕа,

Хоһууттар түмсэммит олоҕу тутуоҕуҥ,

Үтүөкэн дьоммутун инники туруоран

Үрдүккэ, сырдыкка дабайа туруоҕуҥ.

  Үөһээҥҥи Бүлүүбүт дэнэммит

Үөрүүнэн киэн тутта этэбит,

Өбүгэ үгэһин иҥэрэн

Өрөгөй ырыатын ыллыыбыт.

Үөһээ Бүлүү – мин дойдум

А. Болтокова тыла, мел.

Үтүө-мааны мин дойдум

Үөһээ Бүлүүм барахсан,

Үлэ, үөрүү аргыстаах

Үүнэр-сайдар ыччаттаах.

Уохтаах сиргэ төрүүллэр

Уостан түспэт улуу дьон,

Боороо курдук дьоруойдар

Бараахаптыы бастыҥнар.

Күөхтүүр чэлгэн хонуугар

Күөрэгэйдэр дьырылаан,

Ааттаах «Чолбон» бөлөхтүү

Абылыыллар бар дьону.

Мутукчабыт көҕөрөн,

Модун тииттээх тыаларыҥ

Мүөттээх ыраас салгына

Манньыталлар сүрэхпин.

Сирэм тыаҕа, хонууга

Сибэккилэр сиэттиһэн,

Силигилии үүнэннэр

Сиэдэрэйкээн хартыына.

Оҕо сааспыт алааһын

Олус ахтан кэлэбит.

Үүнэ-сайда тур өрүү

Үөһээ Бүлүүм барахсан!

Евдокия Гаврильева

***   

Хайдах курдук  тубуста

Үөһээ Бүлүүм олоҕо,

Кэлэн сэргэ хаамыста

Остуоруйа номоҕо.

Таҕыстыҥ да налыччы

Асфалынан хаамаҕын,

Тула көрөн бөһүөлэгиҥ

Тупсубутун сөҕөҕүн.

Олоҥхоҕо хоһуллар

Киирбэт күннээх дойдулуу

Түүҥҥү уота  сандаарар

Дьүүкээбиллии суһумнуу

Олоруохха үчүгэй,

Ото-маһа сиэдэрэй

Үөһээ Бүлүүм, сайда тур,

Үйэлэргэ туругур.

Үтүө-мааны ыччатыҥ

Үүнэн-сайдан, үөрэнэн,

Үрдэллэри дабайдын,

Үтүө ааккын үксэттин.

Үөһээ Бүлүүм

Мария Данилова тылл.

Н. Бойлохов мел.

Таптыыр Бүлүүм биэрэгэ

Талбыт курдук киэркэйэн,

Мэндиэмэннээх дьиэлэрэ

Биэрэк устун дьэргэйэн,

Үөһээ Бүлүүм үүнэрин

Үөрэ-сэргии көрөбүн.

Үүттээх сүөгэй быйаҥнаах

Үөскүүр төрөл сүөһүлээх,

Үүнэр-сайдар кэскиллээх

Үгүс үтүө ыччаттаах

Үөһээ Бүлүүм үүнэрин

Үөрэ-сэргии көрөбүн.

Ырааҕынан аатырар

Ыллыыр-туойар ыччаттаах,

Тустан, оонньоон, тардыһан

Туруулаһар дьоннордоох

Үөһээ Бүлүүм үүнэрин

Үөрэ-сэргии көрөбүн.

Олоҥхоһут, оһуокайдьыт

Уустаан туойар тойуктаах,

Уруһуйдьут, оһуордьут

Уран тутуу маастардаах

Үөһээ Бүлүүм үүнэрин

Үөрэ-сэргии көрөбүн.

Үөһээ Бүлүүм

Анна Егорова

Үөһээ Бүлүүм барахсан

Илиниктиир өттүгэр

Эһэ-бөрө иитиллэр

Эргэнэ хара эркиннээх.

Арҕаакылыыр өттүгэр                                                       

Ынах сылгы ааллаһар

Атахтаһа алаастаах,

Соҕуруулуур өттүгэр

Собо, мунду балыктаах

Субуруһа күөллэрдээх,

Хотукалыыр өттүгэр

Куобах, саһыл хорҕойор

Хордоҕойдоох, куулалаах.

Үөһээ Бүлүүм барахсан

Кылбайа устар уулардаах

Кырылас кумах кытыылаах

Кырдалыгар тураммын

Кырыытыттан көрдөххө,

Кытыы күөлүм олоҕо

Кырылас этээстээх дьиэлэринэн

Кылбаарбыта кэрэтиэн,

Онон-манан чочоруспут

Очуос хайа холобурдаах

Улахан саҥа таас дьиэлэр

Оҥоһуллан тураллара

Оһуобайыан, үчүгэйиэн!

Үөһээ Бүлүүм барахсан

Үөрэх-билии өттүнэн

Өссө этэр буоллахха,

Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы

Гимназия оскуолалаах,

Атын оройуон ыччатын

Анаан-минээн аҕалтаан

Араас идэҕэ үөрэтэр

Аһыллыбыт СПТУ-лаах,

Кэнчээри ыччакка кэрэхсэтэр

Кэрэ таас оскуолалаах,

Кырачааннарга аналлаах

Дьааһылалаах, детсадтаах.

Үөһээ Бүлүүм барахсан

Үүнэр, сайдар кэскиллээх,

Үлэһит үтүө дьоннордоох.

Үөһээ Бүлүүм барахсан

Үөрэх-билии тарҕатан

Өссө үүнэ-сайда тур,

Сабыс-саҥа тутуунан

Сандаарыйа олорууй,

Айар-тутар үлэнэн

Аан дойдуга аатырыый!

Үөһээ Бүлүүм үтүө сирим

Вадим Константинов

Үөһээ Бүлүүм үтүө сирим,

Үөрбүт-көппүт күндү дойдум,

Сырдык ырам ыллык суола,

Кииним түспүт кэрэ иэнэ.

Ыллыыр ырыам тылын истиий,

Дьоһун-мааны дойдум дьоно,

Дьоллоох үтүө соргум аана

Алгыс курдук айхал сирэ.

Ааккын ааттаан уруй туойан,

Өрүү өрө тутан сылдьыам,

Ыллыыр-туойар дьоро киэһэ

Үөһэ тардан үөрэ-күлэ.

Дьоллоох буолууй дьоһун дойдум,

Үөрэр буолууй миигин көрсө,

Үүнэр сирим – үтүө аатым

Үөһээ Бүлүүм күндү дойдум.

Корякин Н. П.-Уран Ньукулай

Үөһээҥи Бүлүүлэр

(өрө күүрүүлээхтик)

Үрүҥ Аар Айыыбыт түстээбит

Үөһээҥи Бүлүүлэр буолабыт,

Үөрэҕи, билиини тутуһан,

Үөтүүлээх аартыгы аһынан.

Чэй эрэ, үөһээҥи бүлүүлэр,

Чөл олох тускулун тутуоҕуҥ!

Төрөөбүт биһиктээх алаастан

Түөрт үрэх төлкөлүү иилээбит

Түөлбэлээн үөскээбит удьуортан

Төлөннөөх сүрэхтээх эбиппит.

Чэй эрэ, үөһээҥи бүлүүлэр,

Чөрөйөн-өрөйөн биэриэҕиҥ!

Айылҕа дьиктитин, кэрэтин,

Айыы хаан аймаҕын үгэһин

Анаарар, хоһуйар идэлээх

Айыллан тэнитэр дойдулаах

Чэй эрэ, үөһээҥи бүлүүлэр,

Чопчулаан кэрэни айыаҕыҥ.

Саҥаны айаммыт, түмэммит

Сахабыт дьонугар уунуоҕуҥ,

Саргылаах санааны түстэһэн,

Самныбат олоҕу түстүөҕүҥ.

Чэй эрэ, үөһээҥи бүлүүлэр,

Чэлгийэр олохтоох буолуоҕуҥ.

Мин дойдум – Үөһээ Бүлүүм

Төрүт уус Үөһээҥи Бүлүүлэр

Таҥха-хаан түөрэҕин быраҕан,

Түөрт үрэх устатын батаннар

Түөлбэлээн түстэммит эбиттэр.

Былыргы утуму удьуордааҥ

Буһууну-хатыыны нөҥүөлээҥ.

Дьылҕа хаан ыйааҕын тутуһар

Дьоһуннаах Үөһээҥи Бүлүүлэр,

Дьол-соргу тускутун билэннэр

«Дойдубут бу буоллуҥ» – дэспиттэр.

Былыргы удьуорбут кэс тылын

Биһиэхэ аналын эн ылын.

Бүгүҥҥү Үөһээҥи Бүлүүлэр

Билгэ-хаан билиитин ылынан,

Билиигэ-көрүүгэ тардыһар

Биһиктээх санааҕа иитиллэн

Былыргы утуму удьуордааҥ

Барҕалаах өй-санаа баайданыҥ.

Үүнүөхтээх үөһээҥи Бүлүүлэр

Үрүҥ Аар тойоммут бэлэҕэр,

Үрдүккэ, сырдыкка тардыһан

Үөрэххэ, кэрэҕэ дьулуһан

Былыргы утуму уҥуордаан

Булгуччу үтүөнү удьуордааҥ!

Аламас хостонуо турдаҕа

Атын да сир баайа көстүөҕэ,

Айар кут аартыга аһыллыа

Айыы хаан аймаҕа барҕарыа.

Былыргы утуму уҥуордаан

Буолуохтаах түгэни баһылааҥ!

Хотун Бүлүүбүт

Эбэбит, эриэккэс Бүлүүбүт

Эйиэхэ ананар хоһооммут,

Этигэн хомустуу эйээрдин,

Эҕэрдэ түмүллэн холбоннун.

Хос ырыата:

Оо, Бүлүү эбэбит барахсан,

Олус да баай, талым эбиккин,

Бар дьоҥҥор барытын уунаҥҥын

Барҕалыы, харайа устаҕын.

Үтүмэн үйэттэн тарҕанан,

Үүс тураан бэйэҕин таптааннар

Үс саха бэртэрэ хорҕойон,

Үйэлээх үгэһи туппуттар.

Хос ырыата

Үс Бүлүүм дьоннорун биһиктээн,

Үгүс да моһолтон быыһааҥҥын,

Күн күбэй ийэлии бүөбэйдээн

Күлүмнүү мичийэ сытаҕын.

Хос ырыата

Аламаас күлүмнүүр чаҕылын

Айыы-хаан аймаҕар туттардыҥ,

Күөх уотуҥ сырала сылытан,

Күн ууһун күндүлүү дьоллоотуҥ.

Хос ырыата

Удьуор тыын утумун тутуһан,

Урааҥхай сахабыт ууһуоҕа

Уруйдаах олоххо тардыһан,

Уруу-хаан ыччатын тэнитиэ.

Хос ырыата

Бүлүү эбэм

Быдан былыр кэмнэртэн

«Бүтэй» Бүлүү дэтэҥҥин,

Бүппэт баайгын харыстаан

Бүккэр-таххар кистэнэн.

Хос ырыата:

Арчылааҥҥын долгуйа

Аргыый уста сыппытыҥ.

Хоһууттары хомуйан

Хороҕордуур муостааххын,

Хотоҕостуу сиэтэҥҥин

«Хоргун Бүлүү» дэтэҥҥин.

Хос ырыата

Сыһыыҥ аайы сылгылаах

Сыалаах үүттэх ынахтаах,

«Сыалыыр Бүлүү» дэтэҥҥин

Сайыннартыҥ сахаҕын.

Хос ырыата

Айыыҥ дьонун туһугар

Алаааскын буллартыҥ,

Күнүҥ дьонун туһугар

Күөхтүүр уоккун уматтыҥ.

Хос ырыата

Ыһыах ыһан дьоллонор

Алгыс этэн тыынанар,

Оһуокайдаан оһорор

Эһиэкэйдээн эмтэнэр.

Хос ырыата:

Бүтэй Бүлүүм дьонноро

Бүттүүн дьоллоох буолуоҕуҥ!

Үөһээ Бүлүү – мин дьолум

Петр Одорусов тылл.

Аркадий Саввинов мел.

Төбөбүнэн окко түспүт

Төрөөбүт түөлбэм,

Күҥҥэ төрөөн

Дьолбун булбут

Күндү мин уйам,

Хахай хааннаах,

Хотой куттаах

Хайҕаллаах сирим –

Хос ырыата:

Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Бүлүү

Үөһээ Бүлүү – мин дойдум!

Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Бүлүү

Үөһээ Бүлүү – мин дьолум!

Үрдүк үүнүү, үрүҥ илгэ

Үллүбүт сирэ,

Бөҕөс киһи, бөдөҥ сүөһү

Үөскээбит сирэ.

Байанайдаах тыабыт, уубут

Барҕарбыт сирэ –

Хос ырыата:

Үөрэх-сайдыы, билии-көрүү

Үрдээбит сирэ,

Ыраас таптал – истиҥ иэйии

Ыаллаабыт сирэ,

Хоһуун-хоодуот эдэр ыччат

Холбоспут сирэ!

Хос ырыата:

Үөһээ Бүлүү улууһа

П. Одорусов тылл.

Александр Васильев мел.

Үтүө-мааны Өлүөнэ сүрүн салаата –

Үөрэ-көтө устар сыа Бүлүү эбэ.

Сымнаҕас-номоҕон бу дойду сахата

Сылаас тыынынан сылыппыт эйгэтэ!

Хос ырыата:

Үһүс тыһыынча сылларыгар – сайда тур,

Үрүҥ Тунах Олоҥхо улууһа!

Үөрэхтэн, үлэттэн дьоллонон туругур,

Үөһээ Бүлүү бар дьоно, ыччата!

Амарах майгылаах нуучча көмөтүнэн

Араас омуктуун олох олоробут.

Үүнэр үйэлэргэ өркөн өйбүтүнэн

Үөскүү, ууһуу өрөгөйдүү туруохпут!

Хос ырыата:

Баҕардар, кэлэр кэм бааллаах долгуннара

Барыбытын тимирдэ сатыахтара!

Ол да буоллар, долгуннардыын туруулаһа

Олохпутун салҕыахпыт – тыыннаах хаалан!

Хос ырыата:

Ахтылҕан

Григорий Павлов тылл.

Анатолий Нектегяев мел.

Үөһээ Бүлүү мин дойдум

Өрүүтүн ахтабын эйигин,

Ол онно сааскыбыт

Сандааран кэллэҕэ.

Хос ырыата:

Ахтабын, саныыбын

Ханна да буолларбын,

Өрүүтүн өйдүүбүн

Үөһээ Бүлүү мин дойдум!

Оонньоон ааспыт оҕо сааспын

Сүүрбүт-көппүт тыаларбын,

Самаан сайын сөрүүкээри

Сөтүөлүүрбүн Бүлүүбэр.

Хос ырыата:

Ахтабын, саныыбын

Ханна да буолларбын,

Өрүүтүн өйдүүбүн

Үөһээ Бүлүү мин дойдум!

Үөһээ Бүлүү ыччата

И. Степанов-Лэгэнтэй

Үрүҥ күммүт анныгар

Үрүлүйэ үөскээбит,

Үрүҥ санаа үөрдүспүт

Үөһээ Бүлүүм дьолугар.

Үөрэх-билии тэнитэр

Үгүс элбэх оскуола,

Үүнэр ыччат кэскилин

Үрдүк сорук оҥостор.

Үөрэх туһун толкуйдаан

Үрдүк үөрэх ааннарын

Үөрэ-көтө аһаллар

Үтүө-мааны ыччаттар.

Үөһээ Бүлүүм кэскилэ,

Үрүүмпэҕэ үөрүмэ,

Үргүүк таба кэриэтэ

Үөртэн туораан сүүрүмэ.

Үлэ, үөрэх аргыстаах

Үүнэр, сайдар аналлаах

Үөскүү, үксүү туруохтаах

Үрдүүр туһун саныахтаах.

Струкин Н.-Дьулусхан

Дойдубут Үөһээ Бүлүү

(Өрөгөй ырыа куонкуруска)

Дойдубут биһиэнэ Үөһээ Бүлүү

Дьоһуннаах үлэһит дьоннордоох,

Дьэндэйбит этээстээх дьиэлэрдээх,

Уоттардаах киэҥ уулуссалардаах.

Хос ырыата:

Үүнэр-сайдар кэскиллээх,

Үөрэнэр-үлэлиир ыччаттаах,

Үйэлэргэ сайдаҕын туругура

Үөһээ Бүлүүбүт уруйдан, уруйдан!

Араас омук дьоно олохсуйан

Айаҕыт-тутаҕыт олоҕу бииргэ,

Доҕордоһуу күүһүн сүдүтүн көрөбүт –

Бүлүү биэрэгэр бөһүөлэк сайдарын.

Хос ырыата

Бүлүү алмааһын өрө уунан

Хотун Бүлүү тураҕын үйэлэргэ,

Эн кэрэ сэбэрэҕэр сүгүрүйэн

Хоһоон, ырыа айыллар күннэтэ.

Хос ырыата

Үрдүккэ, сырдыкка тардыһар

Үөрэх кыһаларын дойдута,

Оҕолоруҥ билиини баһылаан

Көттүлэр Арассыыйа туонатыгар.

Хос ырыата

Бараахап убайбыт дойдутуттан

Манан ааспыттара айаннаан

Манчаары Баһылай маҥан атынан,

Өксөкүлээх убайбыт хонуктаан.

Хос ырыата

Үөһээ Бүлүүм – үрдүк үөрүүм

Уйбаан Ороһуунускай

Ыраах эрэ бардахха

Ымыы буолан кэлэҕин,

Саҥа хоһоон айдахха

Сибитиэйдии тиллэҕин.

Хос ырыата:

Ыра санаам, түүлбэр көрүүм

Ырыа ыллыыр кэрэтиэн,

Үөһээ Бүлүүм – үрдүк үөрүүм

Үчүгэйин эбитиэн!

Хотун Бүлүүм долгулдьуйан

Хааман иһэр мөссүөҥҥэр,

Хатыҥ чараҥ наскылдьыйан

Ханыылаһан көһүннэ.

Хос ырыата:

Айар үлэ алыптарын

Айыы кутум биэриэхтин,

Дойдум күннээх чаҕылларын

Долбор суола сирдээтин.

Үчүгэйиэн, Үөһээ Бүлүүм

Күн сардаҥатын кууспахтаан

Күндээрдэ Үөһээ Бүлүүм,

Дьол-үөрүү кыымын ыспахтаан

Доҕотторум, үҥкүүлүүм.

Хос ырыата:

Үөһээ Бүлүүм –

Үрдүк үөрүүм,

Үчүгэйиэн үөрэниэххэ,

Үлэлиэххэ, иэйиэххэ.

Үрдүк кыһа чыпчаалыгар

Үүнэр-сайдар оскуола.

Атаартаата күн аартыгар

Айхалынан дьол суола.

Хос ырыата:

Эйэ холуубун көтүтэн,

Эрэлбитин күүркэтэн

Таптал, үлэ мэлдьи эдэр,

Тиҥиргэччи сүрэх тэбэр.

Хос ырыата:

Хотун Бүлүүм, эн буолууй

Николай Васильев мелодията

Тырымнастай хараххар

Тыыннаах уоттаах тапталым

Субуллубут суһуоххар

Суһумнуохтун аналым.

Хос ырыата:

Сандал сааһы санатан,

Сүрэх аайы ыллатан

Саха кыыһа сарыыссам,

Саамай кырасаабыссам.

Уларыта тутуунан

Умсугуйан кэскиллээн,

Түргэтэтии куурсунан

Тэтимнээхтик үлэлээн.

Хос ырыата:

Дьонуҥ кутун тутаҥҥын

Дьиктилээхтик дьоллоорууй,

Холобурга сылдьаҥҥын

Хотун Бүлүүм, эн буолууй.

Үөрдэ-көттө Үөһээ Бүлүүм

Иван Иванов мел.

Улуу күммүт күүскэ тыган,

Уххан үлэ киһи гынан,

Сахам сирэ дьолун булан,

Сайдам санаа, ыра туолан.

Хос ырыата:

Үөрдэ-көттө Хотун Бүлүүм,

Үүнэр-сайдар Үөһээ Бүлүүм.

Арассыыйа сырдыга –

Арылыйар кырдьыга,

Көмүс өркөн өйү ыһан,

Кыһыл аалай былаах кыыһан.

Хос ырыата:

Алмаас тааспыт кырыыланан,

Алаас күөхтүү ача анньан,

Бүгүн ГЭС-пит салгыы күлэн,

Бүлүү сирн баайа тиллэн.

Хос ырыата:

Үөһээ Бүлүүбүт өрөгөйө

В. Федоров тыла

В.  Туманов мел.

Үс Бүлүү үрдүнэн дьиэрэйэр

Манчаары тойуга эйээрэр

Эр санаа көҥүлэ көччүйэр

Сахалар саргыбыт түстэнэр.

Хос ырыата:

Үгүс сыл кэтэспит бу кэммит

Үөрүүлээх-көтүүлээх түгэммит,

Кыайыылаах-хотуулаах үктэлгэ –

Үөһээ Бүлүүбүт өрөгөйө!

Үс Хоһуун түһүлгэ түмүллэр

Манчаары оонньуута ньиргийэр

Кус-быһый, ат-бөҕө эрэттэр

Ким кыахтаах – ол кыайдын дэһэллэр.

Хос ырыата:

Үс саха түмсүүлээх күнүгэр

Манчаарыбыт аата аттанар,

Хотун Бүлүү чуумпура истэр

Долгуйа устар, долгуна түллэр.

Хос ырыата:

Индиана Феофанова

***

Үрүҥ кумах үрдэллээх

Үкэр оттоох үктэллээх,

Үллэр долгун Эбэлээх

Үөһээ Бүлүүм, мин дойдум.

Үйэлэргэ тарҕаммыт

Үгэс буолбут ыһыахтаах,

Үҥкүү бэрдэ – оһуокай

Үлүһүйэр дьарыктаах.

Үтүрүһэр, тутуһар

Үгүс тиргил бөҕөстөөх,

Үүнэн-сайдан тахсыбыт

Үтүмэнниир быһыйдаах.

Үллэр үлэ дьаныардаах

Үөмэх «сулус» дьоннордоох,

Үөрэх-билии аргыстаах

Үтүө-мааны ыччаттаах.

Үптээх илгэ сүүрүктээх

Үүттээх ынах сүөһүлээх,

«Үһү» дэтэр хаһалаах

Үргэн сүүрэр сылгылаах.

Үөһээ Бүлүү – мин дойдум

Үөрэр-көтөр күн бүгүн,

Үс Хоһууҥҥа – Манчаары

Үрдүк аатын Эн сүктүҥ!

Николай Васильев-Харыйалаах Уола

Хотун Бүлүү ньууругар

Көмүс күлүгүн көрүнэ,

Үөһээ Бүлүү, дьэ, бүгүн

Төрөөбүт күнэ ньиргийэр!!!

Түгэх өбүгэлэрим

Хара хааннарынан,

Көмүс көлөһүннэринэн

Оҥорбут дойдулара,

Өрүү, ис-испиттэн, мин-

Киэн туттабын, Үөһээ Бүлүү!

Дьон диэн дьон буоллахпыт

Ааһар үйэлиин, син, сүтүөхпүт.

Кэннибитигэр Эн эрэ хаалыаххын

Ама, өйдөөбөт үһүбүөт?!.

Кэнэҕэс ыччаппар

Хаалар халлааннаах,

Онно да үрүҥ күннээх

Орто туруу бараан дойдуом,

Киэн туттабын, Үөһээ Бүлүү!

Дьоллоох олох сирдьитэҕин

Т. Шестаков тыллара уонна матыыба

Уостубат уйгулаах киэҥ Бүлүүм уорҕата

Уутуйан үөскээбит Үс сахам дойдута,

Дьүкээбил өҥүнэн дьиримниир алмаастаах

Дьүһүллэн бүппэттии кэлимсэ сир баайдаах,

        Хос ырыата:

Үөһээ Бүлүүм – килбиэн сулус кэрэтэҕин,

Үөһээ Бүлүүм – кэҥии-тупса киэркэйэҕин,

Үөһээ Бүлүүм – тэбэр сүрэх мэктиэтэҕин,

Үөһээ Бүлүүм – дьоллоох олох сирдьитэҕин.

    Хос ырыата:

Архааннаах ааккынан махтанан тураммыт

Албан аат уйатын күөрэччи тутабыт,

Кэрэҕэ дьулуһар кэскиллээх ыччаппыт

Күөн туттар баҕатын уруйдуу туойабыт.

       Хос ырыата:

Олохпут үөһүгэр сыдьаайар сырдыктыын,

Оҥкулу уурсуһар удьуор-хаан аймахтыын,

Үөрэххэ-билиигэ,үрдүккэ сирдээбит

Үтүөкэн дьоннордуун өрүүтүн бииргэбит.

       Хос ырыата: