О.Д Федорова аатынан Үөһээ Бүлүү киин модельнай библиотека кыраайы үөрэтэр салаата төрөөбүт улууспут устуоруйатын кэрэһилиир араас ахтыылары, сэһэннэри, хаартыскалары, киинэҕэ устуулары хомуйар, кэлиҥҥи үүнэр көлүөнэҕэ анаан чөкөтөр, харайар.
Биһиги улууспут сэрии кэнниттэн уларыта тутуу буолуор диэри үлэ үгүс салаатыгар – тыа хаһаайыстыбатын, үөрэҕириини, культураны сайыннарыыга республика инники күөнүгэр сылдьыбыта, бурдук үүннэрээччилэрбит, сылгы иитээччилэрбит бүтүн союз үрдүнэн сураҕыраллара, оҕону иитиигэ новатордарбыт ыччаттара киэҥник пропагандаламмыттара. «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн Далырдар көҕүлээбит хамсааһыннара Саха сирин үрдүнэн тэнийбитэ, спорт, культура, самодеятельность силигилии сайдыбыта.
Уйгуну уһансыыга утуйар ууну умнан үлэлээбит быйаҥнаах илиилээх ыанньыксыттарбыт барахсаттар үрүҥ илгэни дэлэйдик үрүлүппүттэрэ. Ырааҕы чугаһатар, ыараханы моһуйар механизатордарбыт сыралаах үлэлэрэ, оҕуруотчуттарбыт ситиһиилэрэ үүнэр көлүөнэ ыччакка холобур буолаллар.