Үөһээ Бүлүү улууһун Өрөгөй ырыата (Гимн)

Гимн муниципального района “Верхневилюйский улус (район)” один из символов района, наряду с флагом и гербом. Слова гимна написаны Н.С. Егоровым (утверждена пятой сессией Улусного Собрания депутатов 3 июля 2003 г.). Автором музыки является А.И. Васильев (утверждена седьмой сессией Улусного Собрания депутатов 10 декабря 2003 г.).

Үс үөстээх Бүлүүбүт кытылын буламмыт

Үрэҕин, алааһын, күөллэрин батыһа

Хороҕор муостааҕы, сиэллээҕи үөдүтэн

Холлоохтук үөскэтэн, тэнийэн кэллэхпит.

Дьол-соргу уйата, Үөһээ Бүлүүм.

Бөлүһүөк толкуйдаах, өркөн өй санаалаах,

Суруйар идэлээх, ырыаһыт талааннаах

Уутуйан үөскээбит түөлбэтэ буолаҕын.

Үөрэхпит билиибит эйгэтин баһылаан

Үгүс да сайдыылаах ыччаппыт таҕыста.

Сахабыт норуотун самныбат саргытын

Салайар үтүөкэн дьоннору үүннэрэр.

Үрүҥ да, хара да күннэргэ норуоппут

Өрүүтүн, санньыарын биир тэҥҥэ үллэстэн

Ураанхай омукпут удьуорун ууһатан

Уостубат уйгуну оҥорсо тураҕын.

Үөһээ Бүлүүм, Үөһээ Бүлүүм

Үрдүккэ кэрэҕэ дьулуһар,

Сахабыт инники кэскилин

Сайдыытын түстэһэр аналлаах.

Үөһээ Бүлүү улууһун Өрөгөй ырыатын ааптардара

Егоров Николай Степанович

Егоров Николай Степанович балаҕан ыйын 23 күнүгэр 1941 с. Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ.1962 с. Бүлүү педучилищетын бүтэрэн Амма оройуонун Эмис нэһилиэгин оскуолатыгар үлэтин саҕалаабыта.

Ити курдук өр сылларга Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Нам. Горнай, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар саха тылын учууталынан үлэлээбитэ.

         Николай Степанович көнө майгылаах, ыраас суобастаах, үлэтигэр бэриниилээх, айар талааннаах учуутал быһыытынан биллэр этэ.

2013 с. алтынньы 1 күнүгэр күн сириттэн туораабыта.

Васильев Александр Иванович

Васильев Александр Иванович олунньу 2 күнүгэр 1963 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар төрөөбүтэ. 1986 сыллаахха Курскай куоракка музыкальнай училищены бүтэриэҕиттэн музыка эйгэтигэр умсугуйан кэнчээри ыччаты уһуйууга олоҕун, билиитин анаабыта.

Музыка учууталынан уон алта сыл эҥкилэ суох бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар дылы үлэлээбитэ.

Александр Иванович энтузиаст учуутал быһыытынан элбэх кэнчээри ыччакка үтүө өйдөбүлү хаалларбыта саарбаҕа суох.

Кини кыараҕас квартиратыгар кырачааннар чуопчаарар ырыаларыттан сүрэхтиин-быардыын сылаанньыйан, кэрэ музыка көмүс дорҕооннорун көстүбэт утахтарыгар уйдаран, Александр Иванович тута матыыптары айара, үөрэнээччилэригэр сүбэ-соргу биэрэн ырыаларын талара, ырыаҕа эрчийэрэ. Кини учуутал поэт П.П. Одорусов хоһоонноругар мелодия суруйан оҕолорго үөрэтэн ыллатан, дьарыктаан улуус өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр кытыннартаабыта. Үөрэнээччилэрин ситиһиилэриттэн муҥура суох үөрэрэ дьоллоноро. Биллэр ырыаларынан “Бүгүн оҕо ыһыаҕа”, “Куобахчаан”, “Ветераннар”, “Тулабар чыычаахтар ыллыыллар» уо.д.а.

Кини сыралаах үлэтэ кэмигэр сыаналанан “СР үөрэҕириитин туйгуна” аат уонна элбэх Бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэммитэ.

Александр Иванович билигин төрүт сиригэр Үөһээ Бүлүүгэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.