Сыыппаралар, чахчылар

Бүлүүтээҕи уездка бастакы комсомольскай ячейкалары ЫРКС губбюротун чилиэнэ Дора Самуиловна Жиркова уонна Марфа (Муся) Георгиевна Потапова 1920 сыллаахха тэрийбиттэрэ.

* * *

1921 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ маҥнайгы комсомольскай ячейкалар үөскээбиттэрэ. Үөһээ Бүлүү комсомольскай ячейкатын маҥнайгы секретара Игнатий Тобохов, Далыр ячейкатын маҥнайгы секретара Дмитрий Донской (Чөрөктүүрэп) этилэр.

* * *

1922 сыл ахсынньы 2 күнүнээҕи туругунан, Далыр партийнай уонна комсомольскай холбоһуктаах ячейкатыгар барыта түөрт киһи баара.

* * *

Бастакы комсомолецтартан Николай Винокуровы, Никифор Иванову (Хандыы) 1922 с. Хохочой тоһууругар, оттон Василий Долгунову Ыйыласка үрүҥ бандьыыттар кыыллыы сэймэктээн өлөрбүттэрэ.

* * *

1924 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ холбоһуктаах партийнай-комсомольскай ячейкаҕа барыта биэс киһи баара. Кинилэр истэригэр партия чилиэнэ И. Седалищев, комсомолец Игнатий Тобохов, о.д.а. бааллара.

* * *

1926 сыл тохсунньу 1 к. туругунан Үөһээ Бүлүүтээҕи комсомольскай тэрилтэҕэ 168 чилиэн, 19 кандидат учуокка турара.

* * *

1928 сыл от ыйын 1 к. Үөһээ Бүлүүгэ 283 комсомолец, 24 кандидат бааллара.

* * *

1931 сыллаахха Далырга комсомолец ахсаана 28 киһиэхэ тиийбитэ. Манна секретарынан Корякин Павел Иванович үлэлиирэ.

* * *

1935 сыллаахха Бүлүү оройуонуттан арахсан, Үөһээ Бүлүү оройуона үөскээбитэ. Комсомол райкомун бастакы секретарынан Пахомов Егор Яковлевич (1907 сыллааҕы төрүөх, 1930 сылтан партия чилиэнэ) быыбардаммыта. Бу кэмҥэ 1935 с. тохсунньу 1 к., оройуон комсомольскай тэрилтэтин учуотугар 368 киһи турара.

* * *

1938 с. ахсынньы 15 к. оройуоннааҕы комсомольскай конференцияҕа 68 быһаарар куоластаах делегат кыттыыны ылбыта. Ити кэмҥэ 46 комсомольскай тэрилтэлэр баар буолбуттара.

* * *

1940 с. балаҕан ыйын 13 к. IV оройуоннааҕы комсомольскай конференция ыытыллыбыта. Ити кэмҥэ 51 комсомольскай тэрилтэлэргэ 582 комсомолец учуокка турара. 118 комсомолец агитаторынан үлэлээбиттэрэ.

* * *

1941 с. 37 колхоз, 8 оскуола, 10 тэрилтэ комсомольскай тэрилтэлэрин учуотугар ЫБСЛКС 551 чилиэнэ турара. Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар оройуон комсомолецтара оборона фондатыгар 111 тыһ. солк. киллэрбиттэрэ, фронтовиктарга 1300 устуука баһыылкалары ыыппыттара.

Үөһээ Бүлүү ыччаттара Владимир Павлов, Прокопий Софронов, Григорий Федоров, Никифор Седалищев, Адам Данилов, Николай Титов, Никита Докторов, Герасим Мухоплев, Петр Алексеев, Никон Романов, Василий Касьянов, Григорий Константинов, Василий Ксенофонтов, Артамон Иванов, Иван Спиридонов уо.д.а. фроҥҥа хорсуннук кыргыспыттара. И. Барахов аатынан оскуолаҕа үөрэммит Владимир Лонгинов, Кэнтиккэ төрөөбүт Алексей Миронов Советскай Союз Геройун аатын ылбыттара.

* * *

1941-1945 сылларга 501 бастыҥ ыччат комсомолга ылыллыбыта. Сэрии сылларыгар 70-тан тахса комсомолец партия кэккэтигэр үүммүтэ.

Обороннай үлэҕэ улахан суолта бэриллэр буолан, оройуоҥҥа кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы кросстар тэрээһиннээхтик ыытыллаллара. Бу үлэҕэ 1944 с. үһүс, 1945 с. бастакы миэстэлэри ылан, оройуон комсомольскай тэрилтэтэ (бастакы секретарь О. А. Тарасова) ЫБСЛКС Обкомун Бочуотунай грамотатынан уонна көһөрүллэ сылдьар Знамятынан наҕараадаламмыта.

* * *

1942 сылтан ыла колхозтар сезоннааҕы үлэлэригэр ыччат-комсомольскай биригээдэлэрэ тэриллэн барбыттара. 1943 с. итинник 26, 1944 с. — 24, 1945 с. — 25 биригээдэлэр үлэлээбиттэрэ. 1945 сылтан ыла үрдүк үүнүү звенолара тэриллибиттэрэ.

1943 с. 15 саастаах үөрэнээччилэр Вася Адамов, Александр Саввинов 25 гектар сири охсон, оройуон быыстапкатыгар кыттыбыттара. Тойоку оскуолатын оҕолоро хорсуннук үлэлээн, комсомол обкомун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыттара.

* * *

1952 с. Е. Михайлов, X. Андреев, Н. Иванов, А. Анисимов республикаҕа трактористар куоталаһыыларыгар бастаан, комсомол обкомун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыттара.

* * *

1955-56 сс. үөрэх дьылыгар Далырга учуутал Михаил Андреевич Алексеев (кэлин ССРС народнай учуутала) ананан кэлэн, араас машиноведение, мотоцикл, фото, киинэ, физика о.д.а. куруһуоктарын ситиһиилээхтик үлэлэппитэ. Республикаҕа физико-математическай хамсааһын акылаата ити сылларга ууруллубута.

* * *

1958 с. оройуоҥҥа «Чэчир» литературнай түмсүү тэриллибитэ. Николай Якутскай, Петр Тобуруокап, Афанасий Федоров, Валерий Чиряев, Дьүөгэ Ааныстыырап, Сэмэн Руфов, Николай Габышев, Степан Дадаскинов, Василий Гольдеров, Александр Николаев курдук суруйааччылар ааттара республикаҕа киэҥник биллибитэ. Кэлин Николай Герасимов-Айталын, Василий Титов, Петр Одорусов, Уйбаан Ороһуунускай, Василий Сивцев, Прокопий Прокопьев о.д.а. элбэх суруйааччылар, автордар үүммүттэрэ.

* * *

Комсомолка Александра Иванова 1963 с. республикаҕа аан бастакынан 3860 кг. үүтү хас биирдии ынаҕыттан ыан, уһулуччу көрдөрүүнү ситиспитэ. А.Н. Иванова кэлин РФ үтүөлээх бырааһа буолбута.

* * *

Комсомол XVI съеһин делегатынан Олимпиада Васильева, комсомол XX съеһин делегатынан Валентина Поскачина талыллыбыттара. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутаттарынан комсомолкалар Зоя Хогурова, Марфа Данилова, Марфа Ильина, Светлана Андреева, Клара Тимофеева, Агафья Николаева быыбарданан үлэлээбиттэрэ.

* * *

Нам орто оскуолатын эдэр армеецтара (военруктар Д.Д. Кривошапкин, Г.Н. Гаврильев) «Орленок» Бүтүн Союзтааҕы комсомольскай байыаннай-спортивнай оонньуу финалыгар республикаҕа кыайыылааҕынан тахсан, 1978 с. Днепропетровскайга, 1982 с. Куйбышевка, 1984 с. Тамбовка ситиһиилээхтик кыттыбыттара.

* * *

Комсомол оскуолатын ааспыт Ф.С. Тумусов, В.Д. Михайлов, А.Ф. Абрамов, Д.Д. Саввинов, М.С. Саввинова, П.Г. Петрова-Карадчина, И.И. Шамаев, А.Г. Лыглаев, И.Е. Егоров, А.Н. Петрова наука доктордарынан буолбуттара.

* * *

1979 сыллаахха оройуон комсомольскай тэрилтэтэ (бастакы секретарь П.И. Иванов) ЫБСЛКС КК Кыһыл Знамятынан наҕараадаламмыта.

* * *

Үөһээ Бүлүүтээҕи 2-с №-дээх орто оскуола пионер баһаатайа Елена Алексеевна Егорова «Бастыҥ пионер баһаатайга» диэн ЫБСЛКС КК знагынан наҕараадаламмыта.

Матырыйаалы хомуйда: Степанов Г.А.

Комсомол – мин үөрүүм, мин дьолум төлөнө!: Саха сирин комсомолун 90 сылыгар .- Үөһээ Бүлүү: Киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр отдела, 2011.- 156 с.