ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ УЛУУҺУН КУЛУБАЛАРА

Үөһээ Бүлүү улууһун тойотторо. 1900 с. Бастакы эрээккэ хаҥастан: Максим Николаев (Боотулуу), Сивцев-Бэчиэт (Чочу), Иван Кардашевскай-Кутаскыын (Нам), Дьокуускайтан кэлбит уобалас салалтатын үлэһитэ, улуус кулубата Спиридон Дмитриев-Бээй уола (Хомустаах), улуус суруксута Егор Потапов (II-с Үөдүгэй), Василий Потапов-Тэллэй (II-с Үөдүгэй), Петр Винокуров-Өкүстээн уола (Мэйик). Иккис кэккэҕэ хаҥастан: кимэ биллибэт, Адаам уола (II-с Үөдүгэй), Бүккэ уола Хонооһой (Өргүөт), Тумус Баһылай (Кэнтик), кимэ биллибэт, Бочуукка Сүөдэр (Ороһу), Илларион Поскачин-Дарбыан кинээс (Оноҕоччут), Быччыр уола Мэхээлэ, Гаврил Рожин-Наакаа (I-кы Үөдүгэй), Гамак-улуус суруксутун көмөлөһөөччүтэ, Дьылла уола Сөдүөт (II-с Үөдүгэй), Иван Алексеев-Быркы уола Иэппээн (Нам). Үһүс кэккэҕэ хаҥастан: Харлампий Иванов-Бааҕынаан (Дүллүкү), Василий Тобохов-Буска (II-с Үөдүгэй), кимэ биллибэт, Спиридон Кардашевскай-Сээс (Нам), Илларион Сивцев (Кэнтик), Иванов-Собо сэкирэтээр (Дүллүкү), Иван Седалищев-Тараҕай (II-с Үөдүгэй), Алексей Тобохов-Боруур (II-с Үөдүгэй), Тит Карадчин (II-с Үөдүгэй), Василий Егоров-Бытыакап.

В 1778 г. по решению воеводской канцелярии России в Якутии введена должность улусного головы. Должностные состояли на службе при улусной управе. Головы улуса и выборные не получали жалования. Жалование получал только писарь.

Головы улуса и выборные получали за службу благодарность в виде благодарственных писем, медалей, орденов и подарков империи. Например, в виде почетного кафтана, кортиков, сабель и т.д.

Это нововведение сделано в результате переговоров Софрона Сыранова было упразднение русских сборщи­ков ясаака. Ясаак стали собирать головы улусов – инородцы. Кроме того, все спорные вопросы в улусе  стали решать головы соответствующих улусов на местах.

Лебедкина Е. А. Древний род Халан Туласын.- Якутск: Э. Т. Пономарев, 2018.- С.6.

Аҕа уустара нэһилиэктэргэ, улуустарга холбоһоллоро, олору кинээстэр (старосталар), кулубалар дьаһайаллара. Кинээстэр көмөлөһөөччүлэринэн чаччыыналар (старшиналар), выборнайдар буолаллара. Кэлин, XIX үйэ иккис аҥаарыттан хаһаайыстыбаннай старосталар диэн эбээһинэс үөскээбит. Кинээстэринэн, чаччыыналарынан, хаһаайыстыбаннай старосталарынан,  выборнайдарынан төрүттэрин-уустарын, баайдарын-дуолларын көрөн талаллара. Үксүн кинээс төрүттээх-уустаах, баай аймахтаах диэн матыыптаан талаллара. Кинээстэр (ста­росталар), чаччыыналар, выборнайдар хамнас ылбат этилэр.

Үөһээ Бүлүү улууһун кулубатынан аан бастаан Дьокуускай куораттан төрүттээх Константин Валь диэн тойон үлэлээбит. Кини кэнниттэн Степан Шарапов, Семен Ноговицын, Кирилл Иванов, Семен Алексеев, Василий Докторов, Петр Семенов, Петр Лебедкин, Никифор Тортуков, Василий Винокуров, Елисей Винокуров, Василий Поскачин, Василий Никифо­ров, Иван Николаев, Кирик Докторов, Николай Дмитриев, Семен Егоров, Дмитрий Николаев, Давид Поскачин, Дмит­рий Лебедкин, Федор Иванов, Егор Потапов — Үөһээ Бүлүү дьоно утуу-субуу талыллан үлэлээн ааспыттара.

Улуус кулубатынан икки сылга болдьохтоон бастыҥ, үчүгэй үлэлээх кинээс­тэр талыллаллара. Талыллыбыт кулуба, кинэ­эстэр, хаһаайыстыбаннай старосталар сахалыы тылынан андаҕар биэрэллэрэ, ол андаҕардарыгар илии баттыыллара. Андаҕар сахалыы тиэксэ Национальнай архив дьыалатыгар сыһыарылла сытар. Андаҕар ис хоһоонун быһа тардан суруйдахха маннык өйдөнөр: Мин андаҕайабын айбыт таҥарабынан, үрдүк ыраахтааҕыбар кини ытык-ыйаах суругун иннигэр кирдиктээхтик уонна ыраастык служи гыныам диэн, барытыгар күүспүн биэрэн туран, таммах саҕа хааным бараныар диэри үрдүк ыраахтааҕым ыйыыларынан службалыам, бары миэхэ итэҕэйиллибит кистэллээх суолу ыксары тутуох тустаахпын, ыйаахтан, андаҕартан туора тахсыам суоҕа диэн андаҕайабын диир ис хоһоонноох андаҕарга Боотулуу нэһилиэгин чаччыыналара Прокопий Петров, Степан Афанасьев 1856 с. муус устар 10 күнүгэр, Нам нэһилиэгин чаччыыната Леон­тий Кардашевскай 1856 с. муус устар 25 күнүгэр, Мэйик нэһилиэгин старостата (кинээһэ) Василий Винокуров, 1 Үөдүгэй чаччы­ыната Егор Петров 1857 с. бэс ыйын 14 күнүгэр илии баттаабыттар.

Старосталар (кинээстэр), кулубалар уобалас начальнигынан, кэлин 1857 сылтан саҕалаан губернатарынан бигэргэтиллэллэрэ, ол кэнниттэн эрэ дуоһунастарын толорууга киирэр бырааптаахтара. Үрдүк сололорун, чыыннарын-хааннарын туоһулуур куортук ылаллара. Ол аата иилинэр кылгас кынчаал курдук биилээх сэби-сэбиргэли илдьэ сылдьаллара. Кинээстэр (старосталар), чаччыына­лар, кулубалар улахан ытыктабылынан туһаналлара. Нэһилиэнньэ сөбүлүүр, ытыктыыр кинээстэрэ (старостата), чаччыыналара, кулубата хас да төгүл талыллаллара, сороҕор үйэлэрин тухары үлэлииллэрэ. Кинилэр дуоһунастарын оҕолоро, бырааттара, сиэннэрэ атын да чугас аймахтара салгыыллара. Ол курдук Боотулууга Поскачиннар, Өргүөккэ Ноговицыннар, Мэйиккэ Винокуровтар, Намҥа Докторовтар, I Үөдүгэйгэ Донскойдар, II Үөдүгэйгэ Григорьевтар, Гаврильевтар, Чочуга Егоровтар ыччаттара салҕаабыттара.

Өр сылларга Мэйик нэһилиэгэр кинээстээбит Үөһээ Бүлүү улууһугар кулубалаабыт Василий Ва­сильевич Винокуров моонньуга кэтиллэр Станиславскай лентатыгар иилиллэр Үрүҥ көмүс медалынан наҕараадаламмыт. Дьоҥҥо туһалаах үлэтин иһин нэһилиэгиттэн аттестат ылбыт. Кыаммат дьоннорун иннигэр нолуоктарын, ис түһээннэрин бэйэтэ төлүүр уонна ол дьон үптэннэхтэринэ эрэ ол төлөбүрдэрин ылар эбит. От тиийбэт кураан дьылга бэйэтин саппаас отуттан ото суох ыалга от биэрэр үтүө санаалаах-майгылаах тойон эбит. Үөһээ Бүлүү быраабатыгар анаан нуучча дьиэтин тутан биэрбит.

Давид Григорьевич Поскачин бастаан 1868-1873 сс. чаччыынанан үлэлээбит, 1873-1877 сс. выборнайынан талыллыбыт, 1879-1882 сс. кулубаҕа кандидатынан сылдьыбыт, 1882-1894 нэһилиэгэр кинээһинэн (старостанан) талыллыбыт, 1895-1898 сс. улуус кулубатынан үлэлээбит. Дабыыт кулуба 1898 с. Күн ыраахтааҕыттан Станиславскай лиэнтэҕэ түөскэ иилиллэр “За усердие” диэн үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт.  Д. Г. Поскачин 30 сыл кинээстээн, кулубалаан баран 1898 с. сааһыран уурайан, дойдутугар Оноҕоччукка тахсан олорбут.

Үөһээ Бүлүү оройуонун кулубатынан үлэлии сылдьыбыт Боотулуу кинээһигэр Василий Нико­лаевич Поскачиҥҥа Станиславскай лиэнтэтигэр иилиллэр Үрүҥ көмүс мэтээл бэриллибит. Үлэни-хамнаһы уталыппакка түргэнник үчүгэйдик дьаһайарын, туох да иэһэ суох ис түһээни, дьаһааҕы хомуйарын, сир үлэтин нэһилиэнньэҕэ олохтуур, күөлү хорон ходуһа сирин таһаарар үлэтин иһин Василий Поскачин наҕараадаламмыт.

1898 сылга буолбут быыбарга Үөһээ Бүлүү бы раабатын чилиэнинэн уонна улуус кулубатыгар кандидатынан оччоҕо эдэр киһи 26 саастаах Егор Ефимович Потапов талыллыбыт, ол иннинэ 1892- 1895 сс. быыбарынайынан талылла сылдьыбыт, 1898-1903 сс. улуус быраабатын суруксутунан үлэлээбит. Суруксутунан үлэлии сылдьан атыы-эргиэн дьыалатын кытта билсибит уонна ол дьыаланан таһаарыылаахтык дьарыктанан барбыт. Улууска уон­на Бүлүү куоратыгар биллэр атыыһыт буолбут.

Үөһээ Бүлүү. Бэҕэһээ. Бүгүн. Сарсын /[хомуйан оҥордо П. И. Докторов].- Дьокуускай: Кудук, 2001.- С. 7-9.

Боотулуулар. I чааһа /[хомуйан оҥордулар: Г. Н. Саввинов, К. Н. Саввинова, М. П. Алексеев-Дапсы].- Дьокуускай: Медиа-холдинг «Якутия», 2011.- С. 242.

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ. I чааһа /[хомуйан оҥордулар М. Е. Иванов, И. В. Степанов].- Дьокуускай: Медиа-холдинг «Якутия», 2011.- С. 12.

Улусный голова Верхневилюйского улуса 5 созывов,

Князь Лебедкин Дмитрий Афанасьевич-Мииккэ кинээс

Лебедкины являются потомками именитого предводителя – Халан Туласын. Знаменитый Петр Лебедкин-Боттой избирался улусным головой Верхневилюйского улуса с 15.XII.1818 г. по 1829 г., беспрерывно шесть сроков подряд. Дмитрий Афанасьевич Лебедкин с 1889 г. избирался на должность улусного головы и выборным 5 сроков. Князь Дмитрий Афанасьевич Лебедкин жил в Хомустахском наслеге Едюгейского улуса Верхневилюйского округа. Он был мужчиной немногословным, грозным, человеком очень высокого роста. Земляки уважали князя и несколько раз избирали улусным головой. Он был внимательным к нуждам населения, справедливо решал проблемы, возникающие в жизни улуса, спокойно устранял спорные вопросы земляков, в своей деятельности не забывал и обучение детей в школе. В то время жители улуса отказывались отдавать детей в церковно-приходские школы, боясь «палочной системы» обучения: за невыполненное задание, неосвоенный урок, плохое знание предмета били палкой по голове, рукам, ставили в угол на колени на ограненное полено. Позднее в Верхневилюйске открылась начальная школа, где учителем работал уроженец улуса, якут, один из первых профессиональных учителей, Василий Григорьевич Монастырев, завершивший учебу в Иркутске в учительской семинарии. Он носил мундир с кортиком. Князь Дмитрий Афанасьевич Лебедкин, по свидетельству архивных документов, был попечителем верхневилюйских школ.

Князь Д.А. Лебедкин в нескольких аласах построил огромные дома с очень высокими потолками, создал обширные усадьбы, крепкое хозяйство. Для строительства заготовлял бревна из вековых деревьев, несколько лет сушил, обрабатывая конским жиром каждое бревно. В годы советской власти в домах князя Лебедкина много лет размещались школы, мастерские, клубы, общежития для специалистов. Говорят, некоторые служат до сих пор, но уже перепланированные, перестроенные. Огромный высокий княжеский дом, выстроенный в Арбанде у озера Иэсэрдэх, перенесен в поселок. В нем долгие годы размещалась Дюллюкинская средняя школа.

Лебедкина Е. А. Древний род Халан Туласын.- Якутск: Э. Т. Пономарев, 2018.- С.7-12.