ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮТТЭН ТАХСЫБЫТ УЛУУ СЭРИИ ОФИЦЕРДАРА

            Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Саха сирин 62509 хорсун-хоодуот уолаттара, кыргыттара саа-саадах тутан тапталлаах Ийэ дойдуларын хаанымсах өстөөхтөртөн көмүскээбиттэрэ, кинилэртэн 36373 киһи кыргыс хонуутугар геройдуу охтубуттара, сураҕа суох сүппүттэрэ. Ол иһигэр Үөһээ Бүлүү улууһун 2163 ньургун уолаттара, хорсун буойуттара Советскай Союз атын омуктарын кытта сарын-санныларыттан өйөнсөн хабыр атаакаҕа тэҥҥэ турунан, тапталлаах Ийэ сирдэрин өстөөхтөртөн түөстэринэн көмүскээбиттэрэ, сэриини өстөөх арҕаҕын — Берлини ылыынан түмүктээбиттэрэ. Кинилэртэн 1131 киһи Ийэ дойдуларын иһин сырдык тыыннарын толук уурбуттара, 746 киһи кыайыы-хотуу көтөллөнөн тапталлаах төгүрүк алаастарыгар, ахтылҕаннаах дьиэ кэргэннэригэр эргиллибиттэрэ (ол иһигэр Арҕааҥҥы фронтан — 515, Илиҥҥи фронтан — 231 киһи), 286 саллаат сэриилэспэккэ эрэ Кыһыл Армия тыылын бөҕөргөтүүгэ эҥкилэ суох сулууспалаан ытык иэһин толорбута, 298 киһи үлэ фронугар ыҥырыллан чох, көмүс хостооһунугар, балыктааһыҥҥа, суол тутуутугар о.д.а. үлэлэргэ күүстэрин-күдэхтэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ.

Хайа да сэриигэ, биллэн турар, сүрүн оруолу өстөөх күүстээх уотун, ыстаал-буулдьа арҕаҕын ортотунан хамаандалыыр саллааттарын хабыр атаакаҕа туруорар бойобуой офицердар ылаллар. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Саха сириттэн 800-чэ, ол иһигэр биһиги улуустан сэриигэ ыҥырыллыбыт 32 бойобуой офицердар үүнэн тахсаннар пехотнай, пулеметнай, артиллерийскай, танковай взводтары, роталары хамаандалаабытгара, тус бэйэлэрэ хорсуннарынан, фронтовой олох ыарахаттарын саллааттарын кытта тэҥҥэ сүксүбүттэринэн, чиэһинэйдэринэн, сатабылларынан, рядовойдарга кыһамньылаах сыһыаннарынан саллааттар улахан убаастабылларын, ытыктабылларын ылбыттара.

Гвардия лейтенана Алексеев Евгений Кириллович. 1920 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Үөһээ Бүлүү оскуолатыгар учууталынан үлэлээбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыта.

Гвардия лейтенана Алексеев Е.К. Ленинградскай фроҥҥа “Бойобуой Кыһыл Знамя” орденнаах 256-с стрелковай дивизия 34-с туспа полкатын састаабыгар взвод командирынан сэриилэспитэ.

Гвардия лейтенана Алексеев Е.К. 1944 сыллаахха фашистары кытта кырыктаах кыргыһыыга геройдуу охтубута, көмүс уҥуоҕа Ленинградскай уобалас Синявино дэриэбинэтигэр хараллыбыта.

Гвардия майора Аржаков Афанасий Григорьевич. 1924 сыллаахха Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ эрдэ өлөн ыалга иитиллибитэ, Үөһээ Бүлүү сэттэ кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 сыл бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. Рядовой Аржаков А. Г. Арҕааҥҥы фроҥҥа оһуобай стрелковай биригээдэ састаабыгар ананан Волоколамскай шоссе иһин кырыктаах кыргыһыыга киирбитэ, ыараханнык бааһырбыта. Госпитальга сэттэ ый эмтэнэн баран 82-с гвардейскай танковай полк састаабыгар сэриилэһэн Илиҥҥи Пруссияны ылсыспыта. Сэрии бүтэһик сылыгар хорсун сержаны командование Киевтээҕи байыаннай училищеҕа үөрэххэ ыыппыта. Училищены бүтэрбит лейтенант Аржаков А. Г. Белоруссиятааҕы байыаннай уокурукка автомобильнай чааска ананан 24 сыл сулууспалаабыта, майор званиеламмыта, саппааска тахсан баран Светлогорскай куорат электростанциятыгар гражданскай оборона штабын начальнигынан үлэлээбитэ. “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии” II степеннээх орденын, икки “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллэр кавалердара Аржаков А. Г. 1999 сыллаахха Белоруссия Светлогорскай куоратыгар ыалдьан өлбүтэ, көмүс уҥуоҕа онно хараллыбыта.

Офицер Васильев Николай Иванович. 1922 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1943 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Офицер Васильев Н.И. Арҕааҥҥы фроҥҥа сэриилэспитэ, ыараханнык бааһыран араас госпиталларынан эмтэммитэ, бүтэһигэр Казань куорат госпиталыгар эмтэнэ сытан 1944 сыл ыам ыйын 29 күнүгэр өлбүтэ, куорат Арскай кылабыыһатыгар көмүллүбүтэ.

Гвардия лейтенана Дадасов Артамон Андреевич. 1917 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Сургуулук нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Үөһээ Бүлүү народнай суутугар суруксутунан үлэлээбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 сыл бэс ыйыгар, Дьокуускайдааҕы икки сыллаах юридическай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ыҥырыллыбыта. Гвардия лейтенана Дадасов А.А. III Белорусскай фроҥҥа 416-с стрелковай дивизия 1373-с стрелковай полкатыгар взвод командирынан сэриилэспитэ. “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии” II степеннээх, “Кыһыл Сулус” орденнарынан наҕараадаламмыт гвардия лейтенана Дадасов А.А. 1945 сыл муус устар 26 күнүгэр Германия Бранденбургскай провинциятын Цоридорф сэлиэнньэтин ылыыга геройдуу охтубута, көмүс уҥуоҕа онно хараллыбыта.

Гвардия лейтенана Данилов Адам Данилович. 1917 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Боотулуу, Өргүөт, Бүлүү, Мастаах оскуолаларыгар учууталынан үлэлээбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 сыл бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта.

Бастакы Ростовскай артиллерийскай училищены бүтэрбит гвардия лейтенана Данилов А.Д. 4-с Украинскай фронт 215-с таанкалары алдьатар артиллерийскай полкатыгар, 21-с таанканы алдьатар туспа биригээдэ 2-с батареятын управлениетыгар, Ленинградскай фронт “Бойобуой Кыһыл Знамя” орденнаах Мгинскэй дивизиятын 406-с полкатыгар взвод командирынан сэриилэспитэ.

Гвардия лейтенана Данилов А.Д. Соҕуруу Украинаны, Крымы босхолоспута, Финляндияны, Илиҥҥи Пруссияны ылсыбыта, икки төгүл бааһырбыта, контузияламмыта.

“Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии” II степеннээх, “Кыһыл Сулус” орденнар кавалердара, гвардия лейтенана Данилов А.Д. сэрии кэннэ Аммаҕа, төрөөбүт-үөскээбит оройуонун оскуолаларыгар өр сылларга учууталлаабыта, 1993 сыл атырдьах ыйын 8 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.

Младшай лейтенант Догоров Кирилл Петрович. 1913 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Боотулуу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Догоров К.П. 1934-1936 сылларга Алдаҥҥа көмүскэ үлэлээбитэ, 1939 сыллаахха Саха национальнай байыаннай оскуолатын, 1941 сыллаахха Омскайдааҕы пехотнай училищены ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ уонна Кыһыл Армия 46-с стрелковай дивизиятын 176-с стрелковай полкатыгар байыаннай сулууспатын саҕалаабыта.

1941 сыл от ыйын 17 күнүттэн младшай лейтенант Догоров К.П. сулууспалыыр полката Киев туһаайыытынан фашистары утары хабыр кыргыһыыга киирбитэ. Младшай лейтенант Догоров К.П. 1941 сыллаахха Киев куорат иһин кырыктаах кыргыһыыга атаакалаан киирбит немецтэри төттөрү охсуу кэмигэр сураҕа суох сүппүтэ.

Гвардия капитана Докторов Михаил Николаевич. Үөһээ Бүлүү оройуонугар төрөөбүтэ, Саха национальнай байыаннай оскуолатын бүтэрбит Докторов М.Н. 93-с стрелковай дивизия 107-с стрелковай полкатын үпкэ-харчыга отделын начальнигынан сулууспатын саҕалаабыта.

Гвардия капитана Докторов М.Н. 1942 сыллаахха Арҕааҥҥы фронт 321-с стрелковай дивизиятын 484-с стрелковай полкатыгар рота командирынан ананан сэриигэ киирбитэ, 82-с гвардейскай стрелковай дивизияҕа сулууспалыы сылдьан Украинаны босхолоспута, икки төгүл ыараханнык бааһырбыта. “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Сталинград оборонатын иһин” мэтээллэрдээх гвардия капитана Докторов М.Н. ыараханнык бааһыран 1944 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбитэ уонна өр сылларга партийнай үлэҕэ сылдьыбыта, Дьокуускай куоракка ыалдьан өлбүтэ.

Гвардия лейтенана Докторов Никита Константинович. 1914 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Докторов Н.К. 1934 сыллаахха Саха национальнай байыаннай оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ, сэрии иннинэ ССРС ОСОАВИАХИМын республикатааҕы Сэбиэтигэр үлэлээбитэ, 1940 сыллаахха Москваҕа ОСОАВИАХИМ Киин Сэбиэтин куурсугар үөрэммитэ.

Докторов Н.К. 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ тылланан барбыта уонна Хотугулуу-Арҕааҥҥы фроҥҥа 1-кы гвардейскай корпус 52-с стрелковай биригээдэтигэр рота командирынан сэриилэспитэ. Гвардия лейтенана Докторов Н.К. 1942 сыл кулун тутар 14 күнүгэр Старай Русса куорат анныгар буолбут кырыктаах кыргыһыыга ыараханнык бааһыран дойдутугар эргиллибитэ. Булуҥ оройуонугар “Ленин” холкуос председателинэн үлэлээн холкуоһун миллионер холкуос  оҥорбута, онтон кэлин оройуонугар араас үлэлэргэ үлэлээбитэ.

“Кыһыл сулус” орден кавалера гвардия лейтенана Докторов Н.К. 2007 сыл тохсунньу 13 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.

Гвардия младшай лейтенана Егоров Архип Тимофеевич. 1913 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун II Боотулуу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ 1930 сыллаахха Саха национальнай байыаннай оскуолатын, 1931 сыллаахха Кыһыл Армия Хабаровскайдааҕы орто сүһүөх командирскай састаабы үөрэтэр оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ, Үөһээ Бүлүүгэ адвокатынан үлэлээбитэ. Младшай лейтенант Егоров А.Т. Аҕа көмүскүүр Улуу сэриигэ 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыта, Ленинградскай фронт 23-с армиятын 17-с бөҕөргөтүүлээх оройуонун 113-с туспа хайыһар батальонун взводун  командирынан ананан Ленинград куораты хоту өттүнэн үрүҥ финнэртэн көмүскээбитэ уонна 1942 сыл бүтүүтүгэр Сталинград оборонатыгар сэриилэспитэ, хорсун взвод командирын командование байыаннай училищеҕа үөрэххэ ыыппыта. Гвардия младшай лейтенана Егоров А. Т. 1943 сыллаахха Томскайдааҕы байыаннай училищены үөрэнэн бүтэрэн баран Белорусскай фронт 61-с Армиятын “Суворов”, “Кутузов”, “Бойобуой Кыһыл Знамя” орденнардаах 212-с Кричевскэй гвардейскай дивизиятын “Бойобуой Кыһыл Знамя” орденнаах 369-с Кобринскай гвардейскай стрелковай полкатын 20-с пулеметнай ротатын взводун командирынан фашистары утары кырыктаах кыргыһыыга киирбитэ, 1945 сыл муус устар 29 күнүгэр Берлини ылыы иһин хабыр хапсыһыыга рейхстаг таһыгар үһүс төгүлүн ыараханнык бааһырбыта. “Кыһыл Сулус” орден, “Хорсунун иһин”,  “Варшаваны ылыы иһин”, “Берлини ылыы иһин” мэтээллэр кавалердара, гвардия лейтенана Егоров А.Т. сэрии кэннэ  Ытык Күөл орто оскуолатыгар военругунан үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта, Эдьигээҥҥэ олорон өлбүтэ, көмүс уҥуоҕа онно хараллыбыта.

Гвардия капитана Егоров Николай Васильевич. 1903 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ төрөөбүт нэһилиэгэр тэрийэн ааспыт оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн, учууталынан уонна Таатта Игидэйигэр, Мэҥэ-Хаҥалас Хаптаҕайыгар, Дьокуускай куорат иккис оскуолатыгар учууталынан, дириэктэринэн үлэлээбитэ.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 сыл бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта, Челябинскайга кылгас болдьохтоох байыаннай бэлэмнэниини барар уонна алтынньы ыйтан Сталинград куорат оборонатыгар 80-с гвардейскай стрелковай дивизия 230-с стрелковай полкатын састаабыгар сэриигэ киирэр, фельдмаршал Паулюс сэриилэрин төгүрүктээһиҥҥэ кыттар, номоххо киирбит Курскай- Орловскай тоҕойго сэриилэһэр.

Офицер Н.В. Егоров 1943 сыллаахха взводу хамаандалаан Днепры биир бастакынан туоруур, салгыы Украинаны, Молдавияны, Румынияны, Болгарияны, Венгрияны, Югославияны, Австрияны босхолоһор, хаста да бааһырар, сэриини Венаҕа түмүктүүр, гвардия капитана званиеланар.

Гвардия капитана Н.В. Егоров сэрии кэннэ Дьокуускайга учууталлаабыта, учууталлар идэлэрин үрдэтэр республикатааҕы институкка уһуннук үлэлээбитэ, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала буолбута. Ленин, “Үлэ Кыһыл Знамята”, “Кыһыл Сулус” орденнар, “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Будапеһы ылыы иһин”, “Венаны ылыы иһин” мэтээллэр кавалердара, гвардия капитана Н.В. Егоров 1982 сыллаахха кулун тутар ыйга Дьокуускайга ыалдьан өлбүтэ, көмүс уҥуоҕа төрөөбүт дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ хараллыбыта.

Гвардия лейтенана Егоров Павел Петрович. 1914 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Оҥхой нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ “Трактор” холкуоска, райпотребсоюзка, суол отделыгар уонна Үөһээ Бүлүү оройуонун народнай судьуйатынан үлэлээбитэ.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 сыл бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта. Саллаат П.П. Егоров маҥнайгы бойобуой сүрэхтэниитин Сталинградскай фроҥҥа 252-с стрелковай дивизия састаабыгар Сталинград иһин кырыктаах кыргыһыыга ылбыта. 1943 сыл ахсынньы ыйыгар хорсун саллаакка командование гвардия младшай лейтенанын званиетын иҥэрбитэ уонна 2-с Украинскай фронт 97-с гвардейскай стрелковай дивизиятын 294-с гвардейскай стрелковай полкатын взводун командирынан анаабыта. Взвод командира, гвардия младшай лейтенана П.П. Егоров сэриилэспит 97-с гвардейскай дивизията Днепр өрүһү биир бастакынан туораабыта уонна Кременчук куорат аннынааҕы плацдармы өр тутан Кыһыл Армия атын чаастара туоруулларыгар кыаҕы биэрбитэ.

Ити кыргыһыы иһин 97-с гвардейскай дивизия “Бойобуой Кыһыл Знамя”, оттон взвод командира, гвардия лейтенана П.П. Егоров “Кыһыл Сулус” орденнарынан наҕараадаламмыттара. “Бойобуой Кыһыл Знамя”, “Суворов” орденнардаах 97-с Полтавскай гвардейскай стрелковай дивизия 294-с стрелковай полкатын взводун командира, “Кыһыл Сулус” орден кавалера, гвардия лейтенана П.П. Егоров 1944 сыл кулун тутар 14 күнүгэр кыргыс толоонугар геройдуу охтубута.

Лейтенант Захаров Иннокентий Иудович. 1922 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Быракаан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1938 сыллаахха Бүлүү куоратын орто оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ, Дьокуускайдааҕы балык техникумугар үөрэнэ сырыттаҕына 1941 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ ыҥырыллыбыта.

Сибээс сэриилэрин кылгас болдьохтоох офицерскай курстарын бүтэрбит лейтенант И.И. Захаров Арҕааҥҥы фронт 220-с стрелковай дивизиятын 653-с стрелковай полкатын сибээһин взводун командирынан сэриилэһэ сылдьан 1942 сыл от ыйын 30 күнүгэр Тверскай уобалас Ржевскай оройуонун Бельково сэлиэнньэтин таһынааҕы кырыктаах кыргыһыыга геройдуу охтубута, көмүс уҥуоҕа онно хараллыбыта.

Младшай политрук Иванов Василий Ксенофонтович (Кустуктуурап). 1909 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бүлүүтээҕи педагогическай техникуму ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит В.К. Иванов маҥнай Бүлүү оройуонун “Холкуос суола”, оттон Өлүөхүмэ оройуонун “Холкуостаах” хаһыаттарын редактордарынан үлэлээбитэ, 1934 сыл сэтинньи ыйыгар Саха сирин суруйааччыларын I конференциятыгар делегат быһыытынан кыттыбыта, саха литературатыгар “Кустуктуурап” диэн псевдонимынан хорутуулаахтык суруйан испитэ.

В.К. Иванов 1941 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ баҕа өттүнэн тылланан барбыта уонна Кыһыл Армия политическай-команднай састаабын бэлэмниир куурустарын үөрэнэн бүтэрбитэ. Младшай политрук В.К. Иванов 1942 сыл от ыйын 1 күнүттэн 1943 сыл муус устар ыйыгар диэри Брянскай фронт политическай-команднай састаабын резервэтигэр сылдьан фашистары кытта Элиста куорат иһин кырыктаах кыргыһыыга сураҕа суох сүппүтэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии хорсун политруга, суруйааччы Иванов Василий Ксенофонтович-Кустуктуурап аатын кини төрөөбүт-үөскээбит Ороһутун нэһилиэгин орто оскуолата чиэстээхтик сүгэр.

Гвардия лейтенана Константинов Егор Петрович 1919 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар II Боотулуу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Үөһээ Бүлүүтээҕи сельпоҕа суоччутунан, комсомол райкомун учуокка отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыта, IV Украинскай фронт 51-с Армиятын “Бойобуой Кыһыл Знамя” орденнаах 61-с Никопольскай гвардейскай дивизиятын пулеметнай ротатын взводун командирынан сэриилэспитэ. “Кыһыл сулус” орден, бойобуой мэтээллэр кавалердара, гвардия лейтенана Е.П. Константинов фашистары кытта кырыктаах кыргыһыыга 1944 сыл олунньу 26 күнүгэр геройдуу охтубута.

Гвардия лейтенана Котоконов Марк Николаевич 1910 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Саха национальнай байыаннай оскуолатын, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын рабфагын, Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ уонна 1941 сыл тохсунньу ыйыттан Үөһээ Бүлүүтээҕи МТС (машинно-тракторнай станция) директорын политчааска солбуйааччытынан (замполитынан) ананан 1943 сыл атырдьах ыйыгар диэри үлэлээбитэ.

1943 сыл атырдьах ыйыттан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ ыҥырыллыбыта. Забайкальскай минометнай училищены үөрэнэн бүтэрбит младшай лейтенант М.Н. Котоконов Арҕааҥҥы фронт 57-с Армиятын 113-с стрелковай дивизиятын 359-с стрелковай полкатын минометнай взводун командирынан ананан сэриигэ киирбитэ, кини 113-с гвардейскай стрелковай дивизията Румынияны, Венгрияны, Чехословакияны босхолоспута, сэриини Австрияҕа түмүктээбитэ. Гвардия лейтенана М.Н. Котоконов фашистары кытта хабыр хапсыһыыга төбөтүгэр бааһырбыта, икки төгүл контузияламмыта. “Кыһыл сулус” орден, элбэх бойобуой мэтээллэр кавалердара, гвардия лейтенана М.Н. Котоконов сэрии кэннэ төрөөбүт-үөскээбит оройуонугар сир отделын сэбиэдиссэйинэн, МТС директорынан, Ньурба оройуонугар холкуос председателинэн үлэлээбитэ, 1982 сыл ахсынньы 5 күнүгэр Ньурба куоратыгар ыалдьан өлбүтэ, көмүс уҥуоҕа онно хараллыбыта.

Гвардия младшай лейтенана Ксенофонтов Василий Саввич. 1918 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Сургуулук нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Үөһээ Бүлүү оройуонун оскуолаларыгар учууталлаабыта. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1941 сыллаахха балаҕан ыйын 3 күнүгэр ыҥырыллыбыта, Кыһыл Армия Сретенскайдааҕы артиллерийскай училищетын үөрэнэн бүтэрбитэ, лейтенант званиеламмыта.

Лейтенант В.С. Ксенофонтов III Прибалтийскай фроҥҥа “Бойобуой Кыһыл Знамя” орденнаах Московскай добровольнай 53-с гвардейскай стрелковай дивизия 161-с гвардейскай стрелковай полкатыгар пулеметнай взвод командирынан сэриилэспитэ, кини 53-с гвардейскай дивизията Прибалтиканы фашистартан босхолообута. “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу Сэрии” II степеннээх, “Кыһыл сулус” орденнар, “Хорсунун иһин” мэтээл кавалердара, гвардия младшай лейтенана В.С. Ксенофонтов 1944 сыл атырдьах ыйын 10 күнүгэр өттүккэ бааһырбыта уонна уһуннук эмтэнэн баран 1945 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлэн өр сылларга учууталынан үлэлээбитэ, 1998 сыл тохсунньу 9 күнүгэр Дьокуускайга ыалдьан өлбүтэ, көмүс уҥуоҕа онно хараллыбыта.

Бойобуой офицер Ксенофонтов Иннокентий Иннокентьевич. Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт-үөскээбит, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, бойобуой офицер Ксенофонтов Иннокентий Иннокентьевич туһунан улуус “Өйдөбүнньүк” кинигэтигэр киллэриллибэтэҕэ, ол эрэн атын кинигэлэргэ суруллубут.

Гвардия лейтенана Ноттосов Макар Алексеевич. 1913 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Харбалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Харбалаах нэһилиэгин бастакы комсомолеһа этэ, нэһилиэгэр комсомольскай ячейканы тэрийбитэ, секретардаабыта. Сэрии иннинэ нэһилиэгэр холкуос председателинэн, Үөһээ Бүлүү оройуонун үлэлээн иитиллээччилэрин оройуоннааҕы Сэбиэттэрин ситэриилээх комитетыгар сир салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, 1941 сыллаахха Саха национальнай байыаннай оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1941 сыл бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта, Кыһыл Армия орто сүһүөх команднай састаабын бэлэмниир кылгас болдьохтоох куурсун бүтэрбитэ, лейтенант званиеламмыта. Гвардия лейтенана М.А Ноттосов Арҕааҥҥы фроҥҥа стрелковай взвод командирынан Сталинград куорат оборонатыгар, номоххо киирбит Курскай-Орловскай тоҕойго хорсуннук сэриилэспитэ, түөрт төгүл бааһырбыта, “Кыһыл сулус” орденынан наҕараадаламмыта.

Гвардия лейтенана, “Кыһыл сулус” орден кавалера, взвод командира М.А. Ноттосов 1943 сыллаахха Украинаны босхолооһуҥҥа геройдуу охтубута, көмүс уҥуоҕа Смоленскай уобалас Вележ куоратыгар хараллыбыта.

Лейтенант Петров Николай Иванович. 1916 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Өргүөт нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кыһыл Армия байыаннай-политическай училищетын бүтэрбит политрук, лейтенант Н.И. Петров Арҕааҥҥы фроҥҥа фашистары кытта кырыктаах кыргыһыыга ылбыт ыарахан бааһырыытыттан 3820-с эвакуационнай госпитальга эмтэнэ сытан сырдык тыына быстыбыта, көмүс уҥуоҕа Иваново куорат таһыгар хараллыбыта.

Гвардия капитана Потапов Георгий Георгиевич. 1910 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Дьокуускайдааҕы педагогическай техникум икки курсун үөрэнэн бутэрбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу  сэриигэ 1941 сыл атырдьах ыйыгар ыҥырыллыбыта уонна 1942 сыл ыам ыйыгар Сретенскэй байыайаннай-пехотнай училищены, 1943 сыл кулун тутар ыйыгар “Выстрел” диэн анал байыаннай үөрэх куурсун бүтэрбитэ. Лейтенант Г.Г. Потапов Арҕааҥҥы фронт 50-с Армиятын 17-с стрелковай дивизиятын 1312-с стрелковай полкатын батальонун командирын адъютанынан ананан сэриилэспитэ,  1943 сыл бэс ыйыгар ыараханнык бааһыран Москваҕа госпитальга эмтэммитэ, 1943 сыл атырдьах ыйыттан Арҕааҥҥы фронт 31-с Армиятын 359-с стрелковай дивизиятын батальонун командирын адьютанынан, 274-с стрелковай дивизия штабын офицерынан сэриилэспитэ, 1944 сыл тохсунньу ыйыгар иккистээн ыараханнык бааһырбыта, өр эмтэнэн баран дойдутугар эргиллибитэ. “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу Сэрии” I, II степеннээх орденнар, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”  мэтээл кавалердара, гвардия капитана Г.Г. Потапов сэрии кэннэ Нам улууһун байыаннай комиссариатыгар, араас хаһаайыстыбаннай дуоһунастарга үлэлээбитэ, Братскай куоракка олорон 1987 сыллаахха өлбүтэ.

Гвардия лейтенана Потапов Николай Григорьевич. 1920 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Чочу нэһилиэгэр учууталынан үлэлээбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 сыл бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта, Ураллааҕы байыаннай уокурук Чебаркуллааҕы базатыгар кылгас болдьохтоох байыаннай бэлэмнэниини ааспыта, младшай сержант званиеламмыта, 1943 сыл балаҕан ыйыгар Харьковскай уобалас Мереф куоратын ылыыга атаҕар бааһырбыта, араас госпиталларынан өр эмтэммитэ.

Үтүөрэн баран сержант Н.Г. Потапов 1943 сыл алтынньы ыйыгар Воронежскай фронт 142-с артиллерийскай полкатын 27-с туспа артиллерийскай биригээдэтин 152 мм гаубица пушка орудийнай нүөмэринэн сэриигэ киирбитэ, номоххо киирбит Курскай-Орловскай тоҕой кырыктаах кыргыһыытыгар “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта, Харьков куораты босхолообуттар парадтарыгар кыттыыны ылбыта. Хорсун артиллериһы командование 1944 сыл кулун тутар ыйга “Бойобуой Кыһыл Знамя” орденнаах Подольскай артиллерийскай училищеҕа үөрэххэ ыыппыта. Артиллерист Н.Г. Потапов 1945 сыл ыам ыйыгар училищены лейтенант званиелаах туйгуннук үөрэнэн бүтэрэр уонна кылгас кэмҥэ армияҕа взвод командирынан сулууспалаан баран демобилизацияланар.

Гвардия лейтенана Н.Г. Потапов сэрии кэннэ Бүлүү военнай комиссариатыгар военкомунан өр сылларга үлэлээбитэ, подполковник званиелаах отставкаҕа тахсыбыта, Дьокуускай куоракка олорон ыалдьан өлбүтэ.

Юстиция старшай лейтенана Прокопьев Семен Гаврильевич. 1908 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Маҥаас нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Бүлүү куоратын сэттэ кылаастаах оскуолатын, Алданнааҕы хайа техникумун үөрэнэн бүтэрбитэ, дойдутугар “Коммуна ыллыга” холкуоһу тэрийсибитэ, Алдан оройуонугар народнай судьуйанан, Кабардино-Балкарскай АССР адвокатуратын коллегиятын Президиумун председателинэн үлэлээбитэ. С.Г. Прокопьев 1942 сыллаахха Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта уонна Ленинаканнааҕы байыаннай трибунал чилиэнинэн анаммыта. Юстиция старшай лейтенана С. Г. Прокопьев Арҕааҥҥы фронт 99-с стрелковай полкатыгар байыаннай трибунал чилиэнинэн ананан сулууспалыы сылдьан 1945 сыл ыам ыйын 2 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.

Политрук Романов Никон Семенович. 1909 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1925 сыллаахха Үөһээ Бүлүүтээҕи сэттэ кылаастаах оскуоланы туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Бүлүүтээҕи педагогическай техникум туйгун үөрэнээччитин үһүс куурустан Ньурба Маалыкайыгар уонна Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар учууталлаппыттара. Н.С. Романов 1936 сыллаахха Ленинградтааҕы Герцен аатынан педагогическай институт историческай факультетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн Дьокуускайдааҕы педагогическай институт историческай факультетын деканынан үлэлээбитэ. Н.С. Романов 1941 сыллаахха Ленинградтааҕы Жданов аатынан педагогическай институт аспирантуратын үөрэнэн бүтэрэн, бэс ыйын 21 күнүгэр “Ясак в Якутии в XVIII веке” диэн диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ уонна сахалартан бастакы историк-учуонай, историческай наука кандидата буолбута. Никон Семенович диссертациятын көмүскээтин нөҥүө күнүгэр Ада дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии садаламмытын истээт да, б ада өттүнэн тылланан сэриигэ ыҥырыллыбыта уонна Ленинградскай фронт 78-с запасной стрелковай полкатын политругунан ананан өстөөхтөрү кытта кырыктаах кыргыһыыга киирбитэ. Кыһыл Армия политруга Н.С. Романов 1941 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр Ленинград куорат көмүскэлигэр геройдуу охтубута, көмүс уҥуоҕа Колпино станция таһыгар хараллыбыта.

Гвардия лейтенана Саввинов Василий Николаевич. 1921 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар I Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ I Хоро нэһилиэгин начальнай, Үөһээ Бүлүү сэттэ кылаастаах уонна Бүлүү куорат орто оскуолатын 9-с кылааһын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэртээбитэ, Советскай Союз коммунистическай партиятын Үөһээ Бүлүүтээҕи райкомун инструкторынан, Үөһээ Бүлүүтээҕи МТС (машино-тракторнай станция) политотделын начальнигын комсомолецтары, эдэр ыччаты кытта үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1943 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Забайкальскай стрелковай-минометнай училищены бүтэрбит лейтенант В.Н. Саввинов таанканы утарар орудиелар взводтарын командирынан ананан Арҕааҥҥы фроҥҥа сэриилэспитэ, фашисткай Германияны кыайыы кэнниттэн Япония Квантунскай армиятын үлтүрүтүспүтэ. Сэрии кэннэ “Кыһыл Сулус” уордьан, элбэх бойобуой мэтээллэр кавалердара, гвардия лейтенана В.Н. Саввинов Бүлүү оройуонун байыаннай комиссариатыгар отдел начальнигынан үлэлээбитэ, 1947 сыл тохсунньу 14 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.

Гвардия лейтенана Саввинов Дмитрий Николаевич. 1920 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар I Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 сыллаахха учууталлыы сылдьан ыҥырыллыбыта. Д.Н. Саввинов Кыһыл Армия младшай командирдарын бэлэмниир кылгас болдьохтоох куурустарын үөрэнэн бүтэрбитэ, лейтенант званиеламмыта уонна Арҕааҥҥы фронт 49-с стрелковай дивизиятын 31-с артиллерийскай полкатын взводун командирынан хорсуннук сэриилэспитэ. Взвод командира, артиллерист, “Кыһыл сулус” уордьан кавалера, лейтенант Д.Н. Саввинов 1944 сыл балаҕан ыйын 11 күнүгэр фашистары кытта кырыктаах кыргыһыыга геройдуу охтубута, көмүс уҥуоҕа Белостокскай уобалас Заболотье дэриэбинэтигэр дивизионнай кылабыыһаҕа хараллыбыта.

Гвардия младшай лейтенана Седалищев Никифор Кирикович (Дьүөгэ Ааныстыырап). 1913 сыллаахха тохсунньу 29 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Бүлүүтээҕи педагогическай техникум үһүс курсун бүтэрбитэ, нэһилиэгэр “Кэнтик” диэн тыа хаһаайыстыбатын артыалын правлениетын председателинэн, учууталынан уонна Нам оройуонун комсомольскай комитетын пионердары кытта үлэҕэ отделын сэбиэдиссэйинэн, “Бэлэм буол” хаһыат эппиэттиир редакторынан үлэлээбитэ, литератураҕа Дьүөгэ Ааныстыырап диэн псевдонимынан бэчээттэнэр, биллэр-көстөр суруйааччы буолбута.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1941 сыл атырдьах ыйыгар ыҥырыллыбыта. Кыһыл Армия радистары үөрэтэр Читатааҕы кылгас болдьохтоох куурустарын бүтэрэн Соҕуруулуу-Арҕааҥы фроҥҥа сибээс взводун телефониһынан ананан сэриигэ киирэр, кини сэриилэһэр чааһа фашистартан Ленинградскай, Калининскай уобаластары босхолуур.

Хорсун саллааты командование 1942 сыл бэс ыйыгар Кыһыл Армия младшай политруктарын бэлэмниир кууруска үөрэттэрэ ыытар. Анал байыаннай үөрэх куурсун ситиһиилээхтик бүтэрбит младшай лейтенант, политрук Н.К. Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап взвод командирынан, рота командирын политчааска солбуйааччытынан ананан иккистээн сэриигэ киирэр, өстөөхтөрү кытта кырыктаах кыргыһыыларга үстэ бааһырар. Гвардия младшай лейтенана, политрук, взвод командира Н.К. Седалищев- Дьүөгэ Ааныстыырап 1944 сыл олунньу ыйыгар кыргыс толоонугар сураҕа суох сүппүтэ.

Гвардия лейтенана Федоров Григорий Петрович. Үөһээ Бүлүү оройуонугар Дүллүкү нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Уон аҕыс сааһыгар тылланан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ барар уонна Арҕааҥҥы фронт 75-с гвардейскай дивизиятын 231-с гвардейскай полкатыгар рота командирын связнойунан ананан фашистары кытта Бобруйскайдааҕы кырыктаах кыргыһыыга, Паричи куораты босхолооһуҥҥа кыттыбыта, Дворичи дэриэбинэни ылыыга охтубут рота командирын солбуйан саллааттары атаакаҕа туруорбута. Эр санаалаах, хорсун саллаат Г.П. Федоров сэриигэ көрдөрбүт хорсун быһыытын иһин командованиенан “Албан аат” I, II, III степеннээх уордьаннарынан (толору бантынан) наҕараадаланарга түһэриллибитэ. Хорсун саллаакка командование гвардия лейтенанын званиетын иҥэрбитэ уонна рота командирынан анаабыта. Рота командира, гвардия лейтенана Г. П. Федоров Прибалтийскай фронт 75-с гвардейскай дивизиятын састаабыгар сэриилэһэн  немецтэртэн Белоруссияны, Прибалтиканы босхолоспута. “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии II степэннээх, “Албан аат” II, III степеннээх уордьаннарын, үс бойобуой мэтээллэр кавалердара, гвардия лейтенана Г. П.  Федоров сэрии кэннэ дойдутугар холкуос партийнай комитетын секретарынан үлэлээбитэ, 1956 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.

Младшай лейтенант Федоров Федор Федорович. 1913 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ 1937 сыллаахха Саха национальнай байыаннай оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ, Советскай Союз коммунистическай партиятын Саха уобаластааҕы комитетын байыаннай отделын инструкторынан үлэлээбитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1941 сыллаахха баҕа өттүнэн тылланан барбыта. Младшай лейтенант Ф. Ф. Федоров маҥнай Усольеҕа Кыһыл Армия кэккэтигэр саҥа ыҥырыллыбыт саллааттары сэриилэһэргэ үөрэппитэ, онтон 1942  сыллаахха Сталинградскай фронт 284-с, кэлин түөрт бойобуой уордьанынан  наҕараадаламмыт, албан аатырбыт Сибирскэй стрелковай дивизия 1045-с стрелковай полкатын пулеметнай взводун командирынан ананан Сталинградтааҕы кырыктаах кыргыһыыга 1943 сыл тохсунньу 16 күнүгэр геройдуу охтубута, көмүс уҥуоҕа Мамаев үрдэлин кылабыыһатыгар хараллыбыта.

Уйбаан Чыычаахап.

“Үөһээ Бүлүү” хаһыат, 2015 сыл, балаҕан ыйын 25, алтынньы 9, 23, сэтинньи 6 күнүнээҕи нүөмэрдэр.