
Саха сирин үрдүнэн үрүҥ гвардеецтар өрө туруулара, харса-хабыра суох террордара элбэх хаан тохтуулаах буолбута. Биһиги улууска бэйэ икки ардыгар сэриилэһии, утары туруу тахсыбатаҕа. Бу манна олохтоох баайдарбыт Г.Е. Потапов, Кыынньаахарап бу дьонтон дьалты сылдьыҥ, бу быстах дьон диэн сурах ыытан, бэйэлэрэ туох кыалларынан кыһылларга көмөлөһө олорбуттара. Ол курдук Ороһу баайа Кыынньаахы дружина разведчигар Павел Кардашевскайы сэрэтэн аттаах киһини ыыппыта, хомойуох иһин хойутаан, тутуллан турар. Төһө эмит бандьыыттары уһатан чэйдэппитин үрдүнэн. Онтон Потапов баай оҕолоро бары революционердар этэ. Үрүҥ этэрээтигэр биир да киһи киирбэтэҕэ, дэлэҕэ, Исидор Барахов Үөһээ Бүлүүнү кыһыл оройуон диэ дуо. Ол эрэн оройуоҥҥа кэлбит, улаханнык уһаабатах үрүҥнэр баандалара 21 киһини, Кыһыл дружина байыастарын кыыллыы өлөрбүттэрэ.
1922 сыл кулун тутарга аан бастаан Балаҕаннаах нэһилиэгэр Руф Иванович Кардашевскай хамандыырдаах 7 киһи, онтон эбиллэн 13 киһи буолан Кыһыл Дружина тэриллибитэ. Балаҕаннаахха тэриллибит дружина байыастара (1922 сыл) : Кардашевскай Руф Иванович – хамандыыр, байыастар (Расторгуева) Мария Андреевна, Егоров Андрей Николаевич – Бурҕаа, Васильев Сергей Семенович – Наппарасыы, Васильев Потап Васильевич – Күүлээхтиир уола, Кардашевскай Капитон Спиридонович – Сээс уола, Мултусов Алексей Григорьевич, Оконосов Алексей Афанасьевич ( разведка хамандыыра), Оконосов Алексей Афанасьевич, Кардашевскай Павел Власьевич (разведчик), Кардашевскай Степан Семенович – Быралгы (разведчик), Николаев Василий Николаевич – Бааннаах (разведчик), Кардашевскай Емельян Спиридонович – Сээс уола, Николаев Терентий Николаевич – Тэрэсиин.
Онтон салгыы улуус киинигэр кыттыһаннар 45 киһилээх дружина тэриллибитэ. Үөһээ Бүлүү улууһугар кыһыл дружинаны кулун тутарга Бүлүү куоратын окрисполком чилиэнэ Петр Иванович Михалев кэлэн Руф Иванович Кардашевскайдыын, Андрей Петрович Павловтыын, Андрей Алексеевич Дягилевтыын, Яков Захарович Овчинниковтыын тэрийбитэ. Дружина командирынан 1 судьуйа Андрей Алексеевич Дягилев, командир көмөлөһөөччүтүнэн волревком председателэ Андрей Петрович Павлов анаммыттара, улуус милициятын начальнигынан Овчинников Яков Захарович анаммыттара. Дьон хомууругар кинилэр оруоллара улахан. Өссө элбиэхтэрин саа-саадах тиийбэтэ төрүөт буолбута.
Үрүҥ бандьыыттар Бүлүүгэ кэлэн баран бэттэх баар нэһилиэктэргэ быгыалаан барбыттара. Муус устар 29 күнүгэр разведчик Василий Баннаахап Ороһуга үрүҥ бандьыыттар кэлбиттэрин биллэрбитэ. Ити нөҥүө күнүгэр 38 атынан дружина Ньурбаҕа чугуйбута. Ол бириэмэҕэ Кардашевскай Степан Семенович–Быралгы Ороһу киһитэ Руфов Терентий Спиридонович – Нокооссуну кытта арыыга Чуккаларга ат хомуйар сорудахтаах далга аттары тута сылдьан бандьыыттар илиилэригэр түбэһэллэр. Тутан баҕанаҕа кэлгийэн баран дэлби кырбыыллар. Ол турдахтарына үс аттаах киһи иһэрэ көстүбүт, ону ыһыытаһан кэпсэтэ сатаабыттар да, истиспэккэлэр ытыалаһан барбыттар. Ол үс киһиттэн биирдэрин ытан түһэрбиттэрэ үрүҥнэр бэйэлэрин киһилэрэ буолар. Онтон өссө кыыһыраннар дэлби кырбаан баран Арыылаахха Сыллыкы дьиэтигэр тойонноругар аҕалан туттараллар. Тэрэнтэйи оҥкучахха быраҕаллар, Быралгыны ыган – түүрэн доппуруостаан бараллар. Быралгыны таһыйа-таһыйа муҥун муҥнаан, сорун сордоон да биир тылы истибэтэхтэр. Атаҕын-илиитин тоһутан сыгынньахтаан таһырдьа бырахпыттара нэһиилэ сурдургуу сытарын Гоголев бандьыыт олгуобуйанан баһын хампы оҕустаран өлөртөрбүт. Быралгы ити саҕана 28-29 эрэ саастааҕа. Нөҥүө күнүгэр Тэрэнтэйи оҥкучахтан таһааран доппуруоска илдьиэхтэрин иннинэ билэр киһитэ Испирдиэн оһоххо таҥаһын курда туран : «Хайа доҕор, бу мин билэр киһим, табаарыһым, хата миэхэ көмөҕө аҕалыҥ, оччоҕо аскыт-таҥаскыт элбиэ», – диэн ыл кыбыппыт. Онуоха өс киирбэх Конон бандьыыт : «Чэ, илдьэ сырыт, өскөтүн туох эмит буоллаҕына бэйэҥ бэйэҕиттэн хоргутаар», – диэн бардьыгынаабыт. Тэрэнтэй Испирдиэнниин таһырдьа дьөгдьөрүс гынан хаалбыттар. Быралгы сордоох сэймэктэнэн өлө сытарын көрөн, бырастыылаһан барбыттар. Испирдиэн Тэрэнтэйи саһарыгар сүбэлээбит. Тэрэнтэй Балаҕаннаахха кэлэн билэр ыалыттан сир ыйдаран онно саһар. Руфов Т.С. – Нокооссун Ороһу нэһилиэгэр сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Үрүҥ бандьыыттар ыам ыйын саҥатыгар Балаҕаннаахха Куталаах диэн сиргэ ыстааптанан олорбуттара. Манна олорон Николаев Василий Николаевиһы – Бааннааҕы, Дьолоттон Такырыйалар дьиэлэриттэн уолун Хаппытыаны кытта тутан истэхтэринэ, уола «тахсан киирээри гынным», – диэн мэҥэстэн иһэр атыттан түһэн ойуурга куоппут. Ол иһин Бааннааҕы икки атаҕын ат аннынан быанан баайан кэбиспиттэр. «Дьиэбэр таарыйан ааһыҥ, табахпын ылыам», – диэбитин ылыммаккалар Куталаахха үргүлдьү илдьибиттэр. Онно Бөкөөскө кыһыллар бааллара үһү, ону Бааннаах билэр эбит. Дьиэтэ Бөкөөстөн 200 м турар. Ытаары турдахтарына «дьоммор-сэргэбэр ырыаһыт идэлээхпинэн биллэр этим, онон күн сириттэн күрэнэрбэр ыллатыҥ» – диэбит. Ону икки ырыаны ыллаппыттар, үсүһүн ыллаппакка ыппыттар. Бааннааҕы ытар тыастарын кыһыллар истибиттэр уонна «Шоша» пулеметунан ытыалаабыттар. Бандьыыттар үрүө-тараа сүүрбүттэр, оҥкучахха кытта симиллибиттэр. Ытыалааһын бүппүтүн кэннэ бары онтон-мантан оронон тахсан мустубуттар. Бу манна Куталаахха Бааннаах кэннэ дружина байыаһын Саввинов Иваны – Топпорооҕу, Өргүөт Быракаанын дьонун Сидоров Антону – Мөйгөс уолун уонна Мычылланы ытан өлөрбүттэр. Быракаан дьонун ытан баран уоттаабыттар. Бааннаах ити саҕана 47-48 саастааҕа.
Ыаҕайа бандьыыт 5-6 ыҥыыр аттаах Мултусов Алексей Григорьевиһы тутаары кэлбиттэр. Арыыга Маччааһын дьиэтигэр мунньахха ыҥырбыттар. Онно дьон, Мултусов бүгүн сарсыарда Үөһээ Бүлүүгэ барбыта, суох – диэбиттэр. Бандьыыттар төннөн иһэн биир киһиттэн ыйыппыттарыгар : «дьиэтигэр кэлэн чаайдыы олорор», диэбит. Үөһээ Бүлүүттэн разведкалыы тахсан, саҥа чэйдээн иһэн бандьыыттар иһэллэрин көрөн, тахсан кыбыыга саһан хаалбыт. Алексей кэргэнин Мавраны, быраатын Охонооһойу, уон алталаах уолу, өйдөрүн сүтэриэхтэригэр диэри таһыйбыттарыгар, анны дьоммун өлөрүөхтэрэ диэн : «Буруйдаах мин баарбын, тоҕо буруйа суох дьону кырбыыгыт», – диэбитинэн бэйэтэ киирэн биэрбит. Тутаннар, мааны таҥаһыгар (саһыл тыһа бэргэһэ, түүлээх истээх сон, тыс этэрбэс)ымсыыраннар Ойбон күөлүгэр сыгынньахтаан, сордоон-муҥнаан баран ытан өлөрбүттэр. Билигин Балаҕаннаах биир уулуссата кини аатынан ааттанан турар. Кини 1883 с. төрүөх, онон 38-39 саастаах этэ.
Кардашевскай Павел Власьевиһы дьиэтиттэн Кулуһуннаахтан тутан акка сэтиилэнэн Чуондулуга кылаабынай ыстааптарыгар илдьэ бараллар. Дьиҥэ Кыынньаахы баайга чэйдии олордохторуна, Кыынньаахы оҕонньор аттаах киһинэн илдьит ыыппыта эргийэ баран хойутаан тиийбит. Онтон атын саһара хааллаҕа. Байбалы акка сэтиилэнэн иһэллэрин Харбалаах дьоно көрбүттэр. Бандьыыттар торҕо сэлиинэн типтэрэн иһэллэр эбит, киһилэрэ ат кэнниттэн сүүрэн иһэрэ үһү. Бу былыр Манчаарыга бэйэтин сытыытын көрдөрбүт Хабытта сүүрүк сиэнэ буолан тулуһан истэҕэ. Кыадаҥдаҕа туоруур суол (билигин өтөҕүн) ырааһыйатыгар сылбата быстыбыт киһини сордоон-муҥнаан, очоҕоһун хостоон тыыннахтыы уматан өлөрбүттэрэ. Онон Чуондулуга тиэрдибэтэхтэрэ. Суол оҥоһуллуон иннинэ К.С. Чиряев Байбал уматыллыбыт маһын чөҥөчөҕө манан баар этэ диэн хаста да ол диэки сырыттахпытына кэпсээбитэ.
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 100 сыла туолуутугар Байбал сиэн балта, ветеран учуутал Власьева Ксения Самсоновна көҕүлээһининэн Үөһээ Бүлүү улууһун партийнай тэрилтэтин хомуньуустара ол сиргэ өйдөбүнньүк бэлиэ туруорбуппут. Онтубут анны көмүскэли эрэйэр буолла, ааспыт сайын хайа эрэ бэрдэ суох дьон суругун суох гыммыттар, ону хаттаан оҥордубут. Павел Власьевич ити саҕана 32-33 эрэ саастааҕа. Ити быһылаан ыам ыйын 5 күнүгэр буолбута. Кэргэнэ Бискэх Өкүлүүнэ кэргэнин кырамтатын аҕалан Ураһалаах алааһыгар көмөн уҥуох туттарбыта.
Быралгыны Ходооҕо аймахтара көмпүттэрэ. Мин эһэм Буска оҕонньор маһын оҥорбута диэн кэпсэл баар. Ол кырдьык быһыылаах. Өлбүт бандьыыттарын Куталаахха көмөллөрүгэр тэбиэҕэ суох көмнөрбүт этэ. Оҕонньор оннук иэстэспит. Ити ийэм кэпсээнэ.
Мултусовы, Бааннааҕы дьонноро көмпүттэрэ буолуо, онон ханна сыталлара биллибэт. Харбалаах олохтоохторун аҕалыы – уоллуу Платоновтары Өлөҥ күөлүгэр баай Потапов тиэргэнигэр өлөрбүттэр.
Балаҕаннаах Куталааҕар итиннэ өлбүт дьоҥҥо кыра бэлиэ сыыһа баар да ол кыра курдук.
Платонов Михаил Иванович, кини уола 16 саастаах Роман М.М. Бубякины саһыарбыттарын билэн, бандьыыттар кыыллыы өлөрбүттэрэ, Платонов Иван Иванович , кини эмиэ көмөлөспүтүн иһин ытан өлөрбүттэрэ (Харбалаах нэһилиэгэ). Николаев Данил Николаевич – Сэбирдэх, дружина разведчига, 1922 с. Куорамыкыга бандьыыттар сордоон өлөрбүттэрэ, Борисов Макар Николаевич, Далырга наарыһынайынан тиийэн бандьыыттар илиилэригэр түбэһэн, биир да сибидиэнньэни эппэккэ өлбүтэ, Кэнтик нэһилиэгин дьонноро.
Бу аҥардас өрүс бэтэрээ сытар нэһилиэктэргэ тахсыбыт быһылааннар, Далырга, Дүллүкүгэ Говоров бандьыыт өлөрбүт дьоннорун тустарынан кыраайы үөрэтээччилэр суруйуохтара дии саныыбын.
Петр Кардашевскай, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
2022, тохсунньу