Урукку Үөһээ Бүлүү улууһугар үрүҥ баанданы үлтүрүтүү

(Кыһыл партизан т. Яковлев Герасим Михайлович ахтыылара)

Кыһыл бартыһааннар. Турар Конон Чылбынов, олорор Герасим Яковлев

1921 сыллаахха күһүн Охотскайынан уонна Верхоянскайынан үрүҥ баандалар иһэллэрин туһунан сир аннынан сурах иһиллибитэ. Ити кэнниттэн 1922 сыллаахха олунньуга Бүлүүгэ кыһыл дружина тэриллибитин истибиппит. Үөһээ Бүлүү улууһугар кыһыл дружинаны тэрийэр туһунан боппуруос кулун тутар бастакы аҥарыгар туруоруллубута. Дружинаны тэрийиини судьуйа суруксута Руф Иванович Кардашевскай, улуус исполкомун председателэ Андрей Петрович Павлов, судьуйа Андрей Алексеевич Дягилев, улуус милициятын начальнига Яков Захарович Овчинников салайбыттара.

         Дружинаҕа Седалищев Поликарп Иванович-Хоотоон, Егоров Андрей Николаевич-Бурҕаа, Иванов Трофим,  Павлов  Гавриил  Федорович,  мин  о.д.а. барыта 20 буолан киирбиппит. Дружина командирынан Андрей Петрович Павлов, дружина политическай салайааччытынан Руф Иванович Кардашевскай анаммыттара.

            Бандьыыттар Бүлүүгэ улам-улам чугаһаан иһэллэрэ иһиллэрэ. 1922 сыллаахха муус устар бастакы аҥарыгар бандьыыттар Орто Бүлүүнэн, Мастааҕынан кэлэн Бүлүү куоратын төгүрүйбүттэр, Үөһээ Бүлүүнү кытта сибээһи быспыттара.

            Итинник улахан куттал үөскээбитин билээт, биһиги дружинабыт бандьыыттар сэбилэммэттэрин ситиһэр наадаттан, нэһилиэнньэттэн туох баар сааны барытын хомуйан 20 сыарҕанан Ньурбаҕа атаарбыта. Тыһыынчанан ааҕыллар саалаах обуоһу Ньурбаҕа хас да киһилээх II Үөдүгэй нэһилиэгин Советын председателэ Кашлаков Василий Егорович, Кэнтик нэһилиэгин Советын председателэ Иванов Николай Илларионович тиэрпиттэрэ.

            Ити дьаһалы кытта сэргэ, биһиги дружинабыт салайааччылара Үөдүгэй улууһун исполкомун председателигэр Оконосовка, биһиэхэ киирэн холбоһуҥ, диэн көрдөһөн икки төгүл наарысынайы ыыппыттарыгар олорон эриэхпит, эһиги Ньурбалаатаххытына Түүкээнинэн баран холбоһуохпут, диэн эппиэттээбиттэрэ.

            Биһиги салайааччыларбыт наарысынайы үсүһүн ыыппыттара. Үһүс сырыыга Кэнтик киһитэ саллаат Борисов Макар барбыта. Кини, тиийиэн иннинэ, бандьыыттар Кырыкыйынан, II Боотулуунан кэлэн Далыры ылбыттарын уонна улуус исполкомун салайааччыларын, Оконосовы кытта хаайталаабыттарын билбэккэ, түүн киирэн биэртин бандьыыттар тутан ылан улуус исполкомун салайааччыларын кытта, барыта 6 киһини кыыллыы өлөрбүттэрэ. Норуот дьыалатын иһин өлбүттэр ортолоругар Оконосовтан ураты Иванов, Ханды о.д.а. уонна биһиги дружинабыт саллаата Борисов Макар бааллара. Биһиги күндү доҕотторбут маннык суостаах алдьархайга түбэспиттэригэр кулаак Федор Павлов (Кычча уола) буруйдааҕа. Кини бандьыыттары Кырыкыйга көрсөн кучуйан аҕалтаан, уоран саба түһүүнү оҥорторбута.

            Ити бириэмэҕэ Бүлүү диэки, бандьыыттар ханна баалларын билэ разведкаҕа Токосов кэпсээнин геройа Быралгы барта. Кинини бандьыыттар Ороһуга Халбаакы арыытыттан туппуттара уонна Тамалакааҥҥа аҕалан Руфов Терентийи кытта хаайбыттара. Сарсыардатыгар бандьыыттар Быралгыны кыыллыы  сэймэктээн өлөрбүттэрэ. Оттон Руфов Терентийи олохтоох кырдьаҕастар мэктиэлээн нэһиилэ тыыннаах хаалларбыттара.

            Биһиги Быралгыбытын сүтэрэн олордохпутуна Ньурбаттан 16 киһилээх т. Наумов (билиҥҥитэ ССРС Наукаларын академиятын Саха сиринээҕи филиалын үлэһитэ) салайааччылаах кыһыл дружина Бүлүүгэ ааһаары кэлэн баран, бандьыыттар Намҥа тиийэн кэлтэрин истэн, биһиэхэ холбоспуттара. Кинилэрдиин уонна бэйэбит өссө эбиллэн, дружинаҕа барыта 50 буолбуппут.

            Үрүҥ баандалар элбэхтэрин билэн уонна олохтоох нэһилиэнньэни харыстыыр сыалтан, ону тэҥинэн сэттэ кооператив  табаара уонна Хочо, Сунтаар, Ньурба, Марха, Үөдүгэй уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын дьонун саалара Ньурбаҕа мунньуллубутун Павлов баандата Сунтаартан тэриллэн Ньурбаҕа иһэрин истэн урут тиийэн өрүһүйээри Ньурбаҕа барбыппыт.

            Биһиги Ньурбаҕа ыам ыйын 4 күнүгэр тиийбиппит. Барааппытын кытта Үөһээ Бүлүүнү ыам ыйын 3 күнүгэр Конон Никифоров уонна кини солбуйааччыта Николай Кононов 200 киһилээх баандалара ылбыттара. Нөҥүө күнүгэр 400-чэ киһини мунньан улуус мунньаҕын оҥорон Үөһээ Бүлүү улууһун салалтатын олохтообуттар. Улуус кулубатынан Кардашевскай Капитон Спиридоновиһы, улуус суруксутунан Карадчин Пуд Спиридоновиһы кэтэхтэриттэн талбыттар. Бу дьон ити бириэмэҕэ II Үөдүгэйгэ Манчаарылаахха, Мончуруукап диэн дьадаҥы киһиэхэ саһан сыппыттар.

            Бандьыыттар Үөһээ Бүлүүгэ ыаллары үнтү түүрэйдээбиттэр, элбэх дьахталлары таһыйтаабыттар уонна большевиктар үспүйүөннэрэ диэн ааттаан Кэнтик киһитин Николаев Данилы-Сэбирдэҕи, Харбалаах дьонун Платоновтары — уоллаах аҕаны, Нам дьонун Мултуусабы, Былаачайап Павелы өлөртөөбүттэр.

            Үөһээ Бүлүүтээҕи сураҕы истэн олордохпутуна, ыам ыйын 12 күнүгэр Сунтаартан маннык ис хоһоонноох телеграмма кэлтин биһиги дружинабыт мунньаҕар ааҕан иһитиннэрбиттэрэ: „Ньурбатааҕы кыһыл дружинаҕа привет, кытаатан тулуйа сатааҥ, байыаннай казармаҕа үс кыһыл былаахта ыйааҥ, Суораттаах дьаамыгар кыһыл былаах тутуурдаах 5 киһинэн тоһуйтарыҥ. Ыам ыйын 14 күнүгэр тиийэбин. Регулярнай армия чааһын командира Пясталов Гавриил Григорьевич“. Биһиги телеграмманы истэн улаханнык үөрбүппүт-көппүппүт.

            Ыам ыйын 14 күнүгэр 110 нуучча саллааттаах т. Пясталов этэрээтэ Ньурбаҕа тиийэн кэлтэ. Кинилэр бары гранаталаахтара, үгүстэрэ наганнаахтара, боевой винтовкалаахтара, „Максим“ пулеметтаахтара. Кинилэр Сунтаарга Павлов баандатын ыспыттар этэ. Кинилэргэ Сунтаартан Семенов Иннокентий Софронович, Михалев Петр Иванович салайааччылаах 18 киһилээх дружина холбоспут этэ. Барыта онон Ньурбаҕа саа тутар дьон ахсаана кыһыл этэрээккэ 180 киһи буолта.

            Ыам ыйын 16 күнүгэр бары Ньурбаттан аттанан Үөһээ Бүлүүгэ ыам ыйын 18 күнүгэр кэлбиппит. Бандьыыттар биһиги иһэр сурахпытын истэн, бөлөх-бөлөх ойуур устун ыһыллыбыттар этэ. Ити кэлэн Бүлүүгэ ааспыппыт.

            Ыам ыйын 19 күнүгэр Чыбыыда төрдүгэр Таабыр бөлөҕөһүгэр биһиги этэрээппит разведката бандьыыттар разведкаларын кытта көрсөн ытыаласпыта. Бандьыыттар Чыбыыда уонна өрүс уҥуор сытар бандьыыттары кытта үрэх уҥуор-маҥаар сытан ытыаласпахтаан баран, үрэх халааннаан турар буолан, кыайан туораабакка Үөһээ Бүлүүгэ төннүбүппүт. Ыам ыйын 22 күнүгэр сарсыарда 5 чааска Үөһээ Бүлүүгэ киирбиппит, бандьыыттар эмиэ күрээн хаалбыттар этэ.

            Кыһыл этэрээт баһыйар улахан өттө олохтоох нэһилиэнньэҕэ бурдук ыһыытыгар көмөлөһөөрү Үөһээ Бүлүүгэ олорон хаалта. Биһиги 20 буолан, ол иһигэр А.А. Дягилев, Д. Афанасьев, П.И. Расторгуев, С. Нынныров, мин о.д.а. Ньурбаҕа барбыппыт. Ньурбаҕа ыам ыйын 24 күнүгэр тиийэн, Сунтаартан Павлов баандата Ньурбаны ылаары иһэрин билбиппит.

            Биһиги икки хонук иһигэр 45 буолбуппут уонна бандьыыттар кимэн киириилэрин көрсөөрү Хоруу төрдүгэр окопа хастан барбыппыт.

            Бэс ыйын 2 күнүгэр Павлов уонна Маалтаанай 280 киһилээх баандалара биһигини төгүрүйэн бартара, Ньурбатааҕы аҕыйах киһилээх дружина төгүрүйүллэн суох оҥоһуллар куттала үөскээбитэ, Ньурбаттан тахсарга биэрэк эрэ аһаҕас хаалта. Үөһээ Бүлүүттэн көмө ыҥыртара миигин ыыппыттара. Мин тыыннан бэс ыйын 3 күнүгэр аттанан баран нөҥүө күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн Ньурбатааҕы балаһыанньаны т. Пясталовка кэпсээн биэртим.

            Пясталов этэрээтэ Үөһээ Бүлүүттэн бэс ыйын 5 күнүгэр айаҥҥа турбута. Ньурбаҕа икки хонон тиийбиппит. Ньурба уҥуор тиийэн истибиппит саа хойуутук тыаһыыра. Ол икки ардыгар 5 бандьыыт оҥочонон разведкалыы утары тахсан биэртэрин дьаһайбыппыт уонна „Максим“ пулеметунан Ньурбаҕа туһаайан харса суох уоту аспыппыт. Бандьыыттар биһиги тыаспытын-ууспутун истээт бууттара быстарынан күрээн хаалбыттара. Ньурба ити курдук дөгөмнүк ылыллыбыта. Ити бириэмэҕэ биһиги этэрээппит 200 киһилээҕэ.

            Бэс ыйын 21 күнүгэр миигин эмиэ Үөһээ Бүлүүгэ разведкаҕа ыыппыттара. Үөһээ Бүлүүгэ кэлтим бандьыыттар эмиэ киирбит этилэр. Мин Федор Павловы-Чүөккэни (кини биһиги кистэлэҥ разведкаһыппыт этэ) көрсөн бандьыыттар туруктарын билтим. Бандьыыттар Якутскай, Бүлүү кыһыл буолтарын истэн хааһылара хойдон олорор эбит этилэр. Мин итини истээт Ньурбаҕа төннүбүтүм.

            Аҕыйах хонон баран Пясталов этэрээтиттэн  60 киһини Чундулуга ыыппыттара. Ити дьон ахсааныгар мин эмиэ баарым. Икки хонон Үөһээ Бүлүүгэ кэлбиппит бандьыыттар тэскилээбиттэр этэ. Кэллэхпит нөҥүө күнүгэр Билиилээх аартыгынан 5 аттаах киһи Куорамыкыга киирэн иһэллэрин көрбүппүт. Кинилэр Бүлүүттэн тахсыбыт бэйэбит дьоммут буолан биэртэрэ уонна Бүлүүгэ 12 пулеметтаах, 1 буускалаах „Диктатор“ пароход кэлтин, Бүлүүтээҕи, Чундулутааҕы бандьыыттар күрээбиттэрин, „Диктатор“ ити күн Куорамыкыга кэлэрин тустарынан үөрүүлээх сураҕы аҕалбыттара.

            Ити күн „Диктатор“ пароход тиийэн кэлтэ. Биһиги уонна бөһүөлэк олохтоохторо бары биэрэккэ киирэн пароходу үөрүүлээхтик-көтүүлээхтик көрсүбүппүт. Пароходунан 250 саллааттаах кыһыл этэрээт Сунтаардаан иһэрэ.

            Ити отряд Сунтаарга баар бандьыыттары бүтэһиктээхтик эһэн баран, төннөн ааспытын кэнниттэн партия Бүлүү уокуруктааҕы комитетыттан представителлэр тахсан гражданскай сэрии толору кыайыынан түмүктэнэн бүппүтүн туһунан иһитиннэрбиттэрэ уонна биһигини дьиэбитигэр тарҕаталаабыттара. Ити 1922 сыллаахха от ыйын 21 күнүгэр буолта.

            Ити күнтэн ыла биһиги улууспутугар Совет былааһын олохтоох органнара тэриллэн үлэлээн, эйэлээх тутууну салайан бартара. Улуус исполкомун председателинэн т. Тараяров Василий Георгиевич буолта. Оттон нэһилиэк Советтарын председателлэринэн үрүҥ баандалары эһиигэ быһаччы кыттыыны ылбыт, Советтар былаастарын иһин бэриниилээхтик охсуспут дьон буолтара.

            Мин эмиэ төһө күүһүм кыайарынан Советтар былаастарын олохтоох органнарын бөҕөргөтүүгэ уонна кинилэри тула үлэһит маассаны түмүүгэ активнайдык кыттан үлэлээн бартым.

„Коммунизм суолунан“ хаһыат, 1957 с.,  ыам ыйын 31 к.,  2 стр.