Ахтыы
Софрон Иванович Докторов,
СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.(1994 с.)
Г.И.Чиряев партия Үөһээ Бүлүүтээҕи райкомун иккис секретарынан түөрт сыл кэриҥэ үлэлээбитэ. Гавриил Иосифович үлэтин нэһилиэктэргэ, оскуолаларга сылдьыыттан, сири-уоту, дьону-сэргэни, материальнай базаны, тутуулары сиһилии билсииттэн саҕалаабыта.
Оройуон бэйэтин кыаҕын уонна ресурсаларын учуоттаан, оройуоннай уопсай партийнай мунньахха этиллибит критическэй этиилэри аахсан, дьон олохторун-дьаһахтарын тупсарар былааны оҥостон, үлэтин кэскиллээхтик, дириҥник өтө көрөн ыыппыта.
Оройуон сайдыытыгар урут быһаарыллыбатах, мунньуллубут боппуруостар элбэхтэрэ. Утатыллыбат соругунан сибээс үлэтин тупсарыы, хамсатыылаах дьаһалы ылан телефоннааһыны уонна радиолааһыны сайыннарыы соруга турара. Сургуулукка, Боотулууга, Далырга, Маҥааска, Туобуйаҕа, Өргүөккэ кыра самолеттар түһэр площадкаларын бэйэлэрин күүстэринэн оҥостоллорй тэриллибитэ, кыһын-сайын массыына эргиччи сылдьарын курдук суол оҥоһуута саҕаламмыта.
Г.И.Чиряев билиитин-көрүүтүн таһыма райкомҥа кимтэн да үрдүгэ, кими да тутуһуннарбата, кини үлэлиир ньымата наука уонна практика ситиһиилэрин олоххо киллэрии буолара.
Чиряев Г.И. сарсыарда эрдэ үлэтигэр кэлэрэ. Кини үлэтин чааһа 8 ч. 30 мүн. саҕаланара, кими да дьаһайа сылдьыбат үгэстээҕэ, үлэтигэр күүскэ үлэлиирэ, ону көрө-билэ сылдьан хайдах да таах сылдьарыҥ сатаммата. Кини үлэтин сүрүн өттө ааҕыы уонна толкуйдааһын, партийнай-маассабай үлэни хамсатарга саҥа форманы көрдөөһүн буолара.

Гавриил Иосифович чахчы да үтүө-мааны майгылааҕа. Биирдэ мин Далыртан Үөһээ Бүлүүгэ киирэн испитим. Күөттээн олоҕо диэн сиргэ айан атын сойутан, хабыалатан, сынньатан ааһар дьаам ыалыгар көрсүстүбүт. Кини соҕотоҕун I Боотулууга тахсан иһэр эбит. Гавриил Иосифович чымыдааныттан кыра оҕолорго шоколад хампыаты ылан күндүлээтэ. Ол оҕолор өргө диэри кинини үчүгэй дьээдьэ диэбит буолуохтаахтар.
Киһиэхэ сыһыана культурнай, убаастабыллаах буолара, тылыгар-өһүгэр сыыс тылы туттубата, көрсө түһэн кэпсэтэригэр даҕаны, телефоннаатахха да ханнык эрэ улахан сололоох киһиэхэ курдук ааккын, аҕаҥ аатын толору ааттаан туран кэпсэтэрэ. Аны кэпсэтээри тиийдэххэ, хайдах эрэ суохтаан олорор курдук, ис-иһиттэн үөрэ-көтө көрсөрө. Тыаҕа сырыттахха, боппуруоһу бэйэҥ быһаар диирэ. Райком аппаратын үлэһиттэрин авторитетын улаатыннара тутара уонна тыаҕа дьаһал оҥороругар биһигинэн эрэ нөҥүө биэрэрэ. Райком аппаратын иһигэр кини үлэлиир кэмигэр эйэ-дэмнээх, үчүгэй үлэлиир атмосфера олохсуйбута.
Гавриил Иосифовичтан биһиги бэрт элбэххэ үөрэммиппит, дьоҥҥо-сэргэҕэ культурнайдык сыһыаннаһыыга, үлэни-хамнаһы диринник үөрэтэн научнайдык быһаарыыга. Ол иһин оройуонҥа үлэ-хамнас иһин эппиэтинэс үрдэтиллибитэ. Ол түмүгэр үүт ыамыгар көрдөрүү икки аҥар төгүл үрдээбитэ, сүөһү көнньүнэн өлүүтэ лаппа аччаабыта, кытарааһына кыайтарбыта, сиртэн үүнүүнү ылыы үрдээбитэ. Биирдии фуражнай ынахтан ортотунан 512 кг үүттэн 1100 кг үүтү ыан ылары ситиһиллибитэ. И.Барахов аатынан колхоз ортотунан гектартан 18 ц үүнүүнү хомуйбута. Оройуон киэн туттар үлэһиттэрэ үөскээбиттэрэ, хас колхоз аайы кэриэтэ производство чулуулара баар буолбуттара. Ороһуттан Агафья Варфоломеева, Дүллүкүттэн Варвара Лаппарова, ДалыртанАнна Михайлова, Федора Прокопьева, Мэйиктэн Анна Эгаева, Мария Догуева, Анастасия Федотова, Анна Айбарова, Өргүөттэн Агафья Сидорова, Намтан Мария Адамова, Евдокия Тумусова; ньирэйи көрөөччүлэр: Кэнтиктэн Мария Николаева, Намтан Ульяна Докторова; уустар Савва Таркаев, Аммаев; механизатордар Спиридон Павлов, Еремей Михайлов, Иван Щадрин; сылгыһыттар Федот Слюгров, Василий Кириллин ааттара киэнник иһиллэн барбыттара.
1956 сыллаахха райком Чиряев Г.И. салайааччылаах биригээдэтэ Жданов аатынан колхозка тахсан 20 хонукка экономикаларын ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэн, оройуоннай научнай конференцияны тэрийиигэ эрдэттэн Г.И.Чиряев дакылаатын уонна эбиискэ көмө матырыйаалын бэчээттээн бары колхозтар биригээдэлэригэр тиийэр гына оҥорон тарҕатыллыбыта. Ити барыта бэйэ иһигэр ааҕан-суоттаан үлэлиири колхозтаахтар итэҕэйэллэригэр көмөлөспүтэ.
Эмиэ ити сыл Исидор Никифорович Барахов аатын тилиннэриигэ Гавриил Иосифович, архивы хасыһан, элбэхтик үлэлээбитэ. “Кыым” хаһыакка Исидор Барахов олоҕун, үлэтин туһунан сиһилии аан бастаан суруйбута. Ол ыстатыйатын кабинетыгар суруйа олордоҕуна киирбиппэр: “Биһиги Исидор Никифоровичпыт Саха сиригэр маҥнайгы салайааччынан Максим Аммосовтааҕар да, Платон Ойуунускайдааҕар да ордук уһуннук үлэлээбит эбит”, — диэн кэпсээбитэ.
Биһиги оччотооҕу МТС зонатын инструктордара, олохтоон үлэлиир сирбит тыаҕа, колхозтар хонтуораларыгар, фермаларга, ходуһаҕа буолара, райкомҥа сөп буола-буола 2-3 күн эрэ киирэн, сүбэлэһэн арахсарбыт. Инструктордар райкомҥа киирэн мустар штабпыт райком секретара Степан Николаевич Платонов үлэлиир кабинета буолара. Ол мустан кэпсэтиибитигэр араас оонньуу-күлүү да ханна барыай. Платонов кабинета Г.И.Чиряев кабинетын кытта кэккэлэһэ этэ, капитальнай истиэнэ быыстааҕа. Ол да буоллар, тугу саҥарарбыт, кэпсэтэрбит киниэхэ иһиллэ турара. Ол биһиги араас көрдөөх кэпсэтиибитин курдаттыы истэн, Гавриил Иосифович Платонов С.Н. кабинетыгар күлбүтүнэн киирэн кэлэрэ уонна кэпсэтиигэ кыттыһан барара. “Уолаттар муһуннаххытына, бэһиэлэй дьоҥҥут”, — диэн биһиги кэпсэтиибитин буойуохтааҕар сэҥээрэр этэ.
Инструктордар киэн үлэһит маасса үлэҕэ көҕүн көбүтэргэ араас өрүттээх идеологическай-практическай үлэни ыытарбыт. Фермаларга кыһыл муннуктары, радиоприемник туруоран тэрийсэрбит, ону сэргэ атыыһыта суох маҕаһыыннары олохтуурбут…
Сорох сылларга күн-дьыл үчүгэй буолан үлэни-хамнаһы көтөҕөөччү, дьон санаатын тупсарааччы. Оннук үчүгэй күн-дьыл Гавриил Иосифович үлэлээбит сылларыгар тоҕооспотоҕо. Хата, төттөрүтүн кытаанах сыллар кэлэн ааспыттара. 1957 сыллаахха, атырдьах ыйын 20 күнүттэн кыстык хаар ньимиччи түһэн, ыксаллаах балаһыанньа үөскээбитэ. Бугулу хаардыы-хаардыы колхозтарга ыкса күһүҥҥэ диэри оту кээспиттэрэ, ити ыарахан кэмҥэ оройуон эппиэттээх үлэһиттэрэ тыаҕа тахсан быһаччы салайбыттара. Гавриил Иосифович Нам, Ороһу өттүн салайбыта.
1956 сыллаахха Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапката аһыллар буолбута. Күһүн миигин Гавриил Иосифович быыстапка дьыалатыгар командировкалаабыта. Онно баран биир ый Үөһээ Бүлүү көрдөрүүтүн павильонун оҥорбутум. Художнигы булан, син үчүгэй павильон буолбута. Онно Бүлүү түөрт оройуоннарын көрдөрүүлэрин таблицата ордук үчүгэй этэ. Быыстапка аһыллыытыгар Үөһээ Бүлүүттэн 10-ча киһилээх делегацияны салайан Г.И.Чиряев бэйэтэ тиийэн кэлбитэ, павильон үчүгэй оҥоһуулаах эбит диэн миэхэ баһыыбалаабыта.
Гавриил Иосифович үлэлиэҕиттэн ылата, кырдьык, бары салаа үлэлэр көтөҕүллэн, дьон-сэргэ көҕө күөдьүйэн барбыта. Г.И.Чиряев үлэҕэ киириэҕиттэн оройуон нэһилиэнньэтин атаҕар туруоран, нэһилиэнньэ бүтүннүүтэ оройуоҥҥа ыытыллар мероприятиеларга, фестивалларга ханнык эрэ ханаалынан киирэн кыттыбыт буолара. 1956 сыллаахха кыһын, оройуоннай фестивальга бэлэмнэнэн, кэнсиэрбэ баанкаларыгар факел оҥорон им-балайга тыһыынчанан киһи хаамсыбытын мин төрүт умнубаппын.
Оройуоҥҥа элбэх айар дьоҕурдаах ыччаттар баалларын таба көрөн, талааны сайыннарыыны үлэтэ күөдьүйбүтэ. Ол курдук оройуоҥҥа аан бастакы “Дьоллоох айаҥҥа” диэн ырыа-хоһоон хомуурунньуга тахсыбыта. Билигин биллэр поэттар Семен Руфов, Степан Дадаскинов, Николай Герасимов, Петр Павлов, Николай Павлов, журналистар Егор Афанасьев, Александр Архипов, Николай Васильев, Мария Матахова, о.д.а. манна бастаан бэчээттэммиттэрэ. Гавриил Иосифович кэлин да көрүстэххэ: “Үөһээ Бүлүүттэн элбэх суруйааччылар таҕыстылар, оччоҕо сөптөөхтүк өйөөбүт эбиппит”, — диэн бэйэтэ астынарын, дуоһуйарын быктарара.
Кини уус-уран самодеятельность сайдыытыгар элбэҕи оҥорбута. Оройуоҥҥа аан бастакы музыкальнай оскуола аһыллыбыта. Директорынан өр кэмҥэ самодеятельнай композитор Н.И.Бойлохов үлэлээбитэ. Оччотооҕу кэмнэ самодеятельность сайдыытын көҕүлээбит Г.М.Никифоров, М.И.Константинова, И.Е.Давыдов, А.Г.Золотарев, Афанасий Аммосов, Л.Афанасьева, А.Попов, М.Иванова, В.Останин, о.д.а. аатгара киэҥник биллэн барбыта. Кинилэр самодеятельноска айар талааннара сайдыытыгар Г.И.Чиряев бастакы көҕүлээччинэн, улахан инициаторынан буолбута. Тыаттан оройуон киинигэр киллэрэн самодеятельноһы көрүү маассабайдык саҕаламмыта, онон сибээстээн кулууптар үлэлэрэ лаппа сэргэхсийбитэ.
Гавриил Иосифович биһигиттэн барар сылыгар Үөһээ Бүлүүлэр Дьокуускайга культура эстафетатыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттарыттан олус үөрбүтэ. “Талааннаах Үөһээ Бүлүүлэр”, — диэбитэ. Гавриил Иосифович туруорсан оройуоҥҥа музыкальнай оскуоланы сэргэ, народнай театр үлэлиир буолбута.
Кини үүнэр-үөскүүр ыччат детсадынан, дьааһыланан киэҥник хабылларын ситиспитэ. Гавриил Иосифович көҕүлээһининэн детсад-дьааһыла саҥа дьиэтин акылаатын түһэриллэр миэстэтигэр оройуон киинигэр субуотунньук буолбута. Онно кини, тэлигириэйкэ кэтэн баран, лаппаакынан буор хаһара, кимнээҕэр ордук эрчимнээхтик үлэлиирэ.
Эдэр ыччат сынньалаҥын культурнайдык атаарарыгар анаан паарканы оҥорору быһааран, билиҥҥи Кэлтэгэй бэтэрээҥҥитигэр, аэропорт өттүнээҕи миэстэни ыраастаппыта.
Гавриил Иосифович саамай этигэр, үлэлиэн-хамсыан баҕарар кэмигэр, 30 саастааҕар, күөгэйэр күнүгэр, олус ыараабыт үлэлээх-хамнастаах, хаалан иһэр оройуоҥҥа партия райкомун II секретарын быһыытынан хара ааныттан эрчимнээхтик ылсан үлэлээбитэ.
Кини Үөһээ Бүлүүгэ практическай үлэни салайарга элбэхтик эрчиллибитэ, буспута-хаппыта. Ол иһин да кэлин Үөһээ Бүлүүнү үлэҕэ буһуу-хатыы оскуолатын ааспыт олоҕун ытык миэстэтинэн саныыра, сыаналыыра. Ону хойут, оройуон нэһилиэнньэтин быыбардааччыларын кытта көрсүһүүтүгэр, хаста да тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Обкомҥа уонна араас министерстволарга, ведомстволарга барар суруктары бэйэтэ оҥороро, суруйара. Райкомна пленумнарга, активистарга оҥоһуллар дакылааттары үксүн бэйэтэ суруйар буолара. Райком машинистката Петрова Татьяна Романовна Гавриил Иосифович буочара ырааһын, грамотнайын, бэлэмниир матырыйаала дирин ис хоһооннооҕун биһиэхэ холобур оҥосторбутугар этэрэ.
Гавриил Иосифович оройуоҥҥа улахан тэрийэр үлэни ыыппытын, оройуону хаалыыттан таһаарары ситиспитин иһин, 1958 сыллаахха обкомҥа барарынан сибээстээн босхолонор пленумугар обкомҥа ыыппакка, райком I секретарынан хаалларарга былдьаһа сатаабыттара бэрт элбэҕи этэр. Оройуону хаалыыттан таһаарыыга кини үлэтин билинии диэн ити буолар. Оройуон хаалыыттан тахсыытыгар анардас Гавриил Иосифович эрэ үлэлээбитэ диэбэппин. Ол эрэн кини атын секретардардааҕар ордук быһаарыылаах оруоллааҕын өссө төгүл этэбин. Туох да кырааската, эбиитэ-сабыыта суох, туох буолбутунан суруйдум.

Хойут Гавриил Иосифович, ССКП обкомун I секретара буолан баран, приемна киирэр наадалаах киһини, төһө да солото суоҕун үрдүнэн, эбиэттиир, сынньанар кэмин сарбыйан туран, хайаан да приемнуура.
Биирдэ, Дьокуускайга бара сылдьаммын, бэсиэдэлэһии кэмигэр мин киниттэн ыйыппытым: “Ити тоҕо колхозтары маассабайдык совхоз оҥортоон эрэҕит?” — диэн. Онуоха кини: “Саха дьоно тыаҕа тыа хаһаайыстыбатын ыарахан үлэтигэр үйэлэрин тухары илиилэрин араарбакка үлэлииллэр. Кинилэр государство көмөтө диэни билбэттэр. Онон, саатар, хамнастаах рабочай буоллуннар, өрөбүлүнэн, уоппусканан, больничнай лииһинэн туһанныннар, сахам дьоно олохторо тубустун, тыын ыллыннар”, — диэбитэ.
Гавриил Иосифович улахан сололоох үлэһиппин диэн хаһан да дархаһыйбата, син уруккутун курдук боростуой, элэккэй, истиҥ буолара. Биир тылынан эттэххэ, улахан үлэҕэ тахсан баран, урукку үчүгэй үтүө характера уларыйбатаҕа. Дьэ ол иһин элбэх национальностаах республика бары үлэһиттэрин үрдүк ытыктабылларынан туһанара. Боростуой, эрэдэбиэй киһи да, улахан ученай, суруйааччы, талааннаах артист да Гавриил Иосифович приемуттан бары астыналларын туһунан үгүстүк истибиттээхпин.
Холобур, Үөһээ Бүлүүттэн тиийбит райкомна подсобнай үлэһитинэн 30 сыл үлэлээбит Васильев Дмитрий Никифорович Гавриил Иосифович обком I секретарынан үлэлиир кэмигэр үлэлиир кабинетын көрөөрү, хайдах үлэлиирин билсээри киирэ сылдьыбытын кэпсээбиттээх. “Уруккутун курдук олус үчүгэйдик көрүстэ, биһиэхэ дьиэбитигэр тоҕо сылдьыбаккын диэтэ”, — диэбитэ.
Гавриил Иосифович үлэтин, кинини чорбоччу тутан, үтүөтүн-өҥөтүн бары өттүнэн ыраҥалаан, толорутук сыаналыыр наада.
Марк Трофимович Егоров «Үөһээ Бүлүү дьоно махтаналлар» ахтыытыттан :
Гавриил Иосифович Үөһээ Бүлүү оройуонугар промышленность сайдыытын инники кэскилин быһаарарга холоммут салайааччы быһыытынан биллэр.
Кини 1957-1958 сылларга оройуонна кыһыл көмүс, платина хостооһуна киэн кэскиллээҕин дакаастаабыта.
Кини элбэх архив матырыйаалларын хаһыспыта. Кыһыл көмүс Үөһээ Бүлүү улууһугар революция иннинэ балачча элбэхтик хостонорун туһунан суруйуулары булбута. Ол докумуоннартан көстөрүнэн, 1916 сыллаахха улуус территориятыгар 500-тэн тахса нуучча, көс кэриэйдэр уонна олохтоох сахалар Тоҥуо үрэх төрдүгэр, Даалыгырга, Чууракка, Уоттайга, Чокуурдаахха, о.д.а. учаастактарга старателлэр быһыыларынан үлэлээбиттэрэ.
1918—1919 сс. старатель артыаллара элбэх көмүһү Витимҥэ илдьэн атыылаабыттар. Ити кэмнэ кыһыл көмүһү туттарбыт старателлэр 4 буут кэриҥэ платинаны илдьэн атыылаабыттарын туһунан докумуону булбута. Онон Үөһээ Бүлүү оройуона кыһыл көмүстээҕин, платиналааҕын туһунан, ону норуот хаһаайыстыбатыгар туһаҕа таһаарарга аан бастаан туруорсубут салайааччы быһыытынан Гавриил Иосифовиһы ааттыахха сөп. Кини элбэх киһини, кырдьаҕастары кытта көрсүбүтэ, ол иһигэр Тоҥуо үрэх кырдьаҕас олохтооҕун Өөхөй диэн киһини хаста да көрсөн сэһэргэспитин мин билэбин.
Сир баайын үөрэтиини уонна көмүһү хостооһуну саҕалыырга элбэх боппуруоһу туруорсубута. 1960-1965 сс. Тонуо төрдүгэр “Алданзолото” комбинат биир подразделениета үлэлээн испитэ, ити кэнники Алданна көмүстээх сирдэр булулланнар тохтообута.
Гавриил Иосифович оройуон культурнай олоҕо сайдарыгар элбэх чопчу дьаһаллары ылбыт салайааччы быһыытынан биллэр. Кини үлэлиир кэмигэр культурнай — сырдатар тэрилтэлэр ахсаан эрэ өттүнэн элбээн буолбакка, кинилэр үлэлэригэр хаачыстыбаннай уларыйыылар эмиэ тахсыбыттара, кадрдара лаппа бөҕөргөтүллүбүтэ. Үөһээ Бүлүүгэ народнай театр тэриллибитэ. Оройуон уус-уран самодеятельноһа биллэ сайдыбыта. 1957-1959 сс. ыччат фестивала ситиһиилээхтик ыытыллыбыта. Иккис республиканскай фестивальга оччотооҕу эдэр поэт Степан Дадаскинов суруйуутунан “Күн тааһа” диэн музыкальнай-хореографическай сюита туруо- руллубута. Ити либреттота уонна музыката Гавриил Иосифович салалтатынан оҥоһуллубута. Сюита музыкатын хирург В.П.Останин, театр артиһа, самодеятельнай композитор Христофор Максимов оҥорбуттара. Театр артистара Михаил Неустроев, Спартак Федотов сюитаны туруорбуттара. Бу барыта икки сылга улахан кичэлинэн бэлэмнэниллибитэ. Оройуон уонна олохтоох тэрилтэлэртэн элбэх үп хомуллубута, ол түмүгэр бэртээхэй көстүүм, араас театральнай реквизиттэр оноһуллубуттара. Сюитаны көрөөччүлэр улаханнык кэрэхсээбиттэрэ. “Советская культура” хаһыат уонна “Театр” сурунаал улаханнык биһирээн суруйбуттара.
1994. сыл, олунньу ый.

Уҥа өттүгэр Ф.илипп Иванович Корякин уонна Иван Афанасьевич Васильев