Михаил Ефимович Николаев Үөһээ Бүлүүгэ

М.Е. Николаев 1970 сыл Москваҕа партийнай үөрэҕин бүтэрэн, биһиэхэ партия райкомун секретарынан үлэлии кэлбитэ. Оччолорго партия райкомун бастакы, иккис секретардара дииллэрэ, онтон норуокка үһүс дэнэр секретарь судургу «секретарь» диэн нүөмэрэ суох штамп этэ.  Райком иккис секретарынан В.С. Долгунов үлэлиирэ, бастакы секретарь И.Г. Максимов бардаҕына Василий Сергеевич кини миэстэтигэр олоруохтааҕа. Уруккуга үксүгэр оннук халыып халбаҥнаабат, быһалаан эттэхххэ автоматическайдык быһаарыллара. Норуот оннук өйдүүрэ. Ол эрээри ити халыып бу сырыыга тутуһуллубатаҕа. 1973с. И.Г. Максимов уурайбыта. Кини оннугар М.Е. Николаев бастакы секретарынан талбыттара.

Партия обкомун этиититтэн хаһан баҕарар, ким да күрүөһүлээбэт этэ. Онон «партийнай демократияны» көрдөрө таарыйа райком састааба сүүс бырыһыан куоластааччы.

Мин партия чилиэнэ буолбатах этим буолан баран, оччолорго специалист буоллуҥ да партийнай тэрээһини, олоҕу хайаан да билиллиэхтээҕэ. Онто да суох мин ис хааммыттан «партийнай дууһалааҕым». Партийнай уураахтар, ирдэбиллэр, оччотооҕу толкуйбар, мин санаабар, майгыбар сөп түбэһллэрэ. Билигин төһө да үөхпүттэрин иһин, норуот оччолорго партийнай салалтаны олус ылынан үлэлиирэ. Онтон атын салайар, тэрийэр, күүстээх өй-санаа суох курдуга.

Дьон-норуот совхоз салалтатын уонна рабочайдарын, туора-маары буолбакка ол соҕотох ирдэбилинэн үлэлиирэ секретарь Михаил Ефимовичка олус сөп түбэспитэ. Оччолорго үлэһит «государство чэлгийэ сайдарын, тупсарын, бөҕөргүүрүн, байарын-тайарын» туһугар үлэлиирэ. Ол иһин «бэйэни харыстаммат үлэ» диэнинэн салайтараллара. Былаан, сорудах сыллата эбиллэн иһэрэ, кинилэри ситиһэргэ соц. эбэһээтилистибэ диэн тыҥааһыннаах хамсааһын олохтоноро: киһи барыта «пятилетканы түөрт сылынан», «түөрт аҥар сылынан» диэн девизтээх үлэлиирэ, ону партия тэрийэрэ.

 Михаил Ефимович олус дьулуурдаахтык үлэлиирэ. Бастаан, дьиэ кэргэнин көһөрө илигинэ, онтон, төһө даҕаны дьиэ кэргэнин көһөрөн аҕалбытын иһин, мэлдьи уһурумаҕай курдук сылдьара. Үлэ чааһын кэнниттэн үлэ коллективтарыгар, фермаларга тиийэн үлэни-хамнаһы быһаччы бэйэтинэн билсэрин сөбүлээччи. Сүөһү иитиитигэр туох итэҕэстэр суохтара баарай, олору туоратарга партийнай ирдэбили туттара. Кини нэһилиэктэр, совхозтар отделениеларын аайы «былаах» пуостар бастыҥ үлэһиттэрдээҕэ. Ол курдук борооску көрөөччүлэр Федоров Василий Прокопьевич – Кэнтиккэ, Иванова Елена Николаевна – Күүлэккэ, Николаева Дария Прокопьевна – Харбалаахха, Яковлев Савва Игнатьевич – биригэдьиир, Быракааҥҥа, Дмитриева Александра Тарасовна – Өргүөккэ биригэдьиир, Кардашевская Александра Ивановна – Кэнтиккэ управляющай, Ласточкин Иван Аммосович – И.Барахов аатынан совхоз агронома, о.д.а. Ити «былаах» үлэһиттэр бэйэлэрин коллективтарыгар уонна тус бэйэлэрин үлэлэригэр олус тахсыылаахтык уонна ордук бэриниилээхтик үлэлииллэрэ. Михаил Ефимович оннук үлэлиир дьону убаастааччы, кинилэр үлэлэрин опытын тарҕатарга ирдээччи. Оччолоррго партийнай үлэ стилэ да, ирдэбилэ да ситинник халбаҥнаабата.

Дойду үрдүнэн ити бириэмэҕэ бородууксуйаны сыллата элбээтиннэрэн уонна сүөһү ахсаанын үүннэрэн иһэргэ (расширенное воспроизводство) диэн тыҥааһыннаах ирдэбиллэри секретарь муҥутуурдук туттара. Ити кэмҥэ, айылҕа олоххо-дьаһахха, үлэҕэ-хамнаска дьайыылара аахсыллыбата, «советскай дьон айылҕаны кыайаллара» барыбыт төбөбүтүгэр чиҥник олороро.

Ол эрээри, 1967 сылтан сатыылаабыт үлүгэрдээх кураан охсуута өссө 1974 сылга диэри салҕанан барбытын санаатахха, кими да холкутаппат партийнай ирдэбил элбэх ис кыахтары арыйбыта. Тутан олорор баайы-дуолу (оччолорго баай-дуол барыта государство бас билиитэ буолан) энчирэтии улахан буруйга-сэмэҕэ, дьүүллэниигэ тиэрдэрэ. Өрүһүнүү олохтоох аһылыгынан хааччыйарга туох-туох тэриллибэтэҕэ баарай? Сахалар урут сир харанан тоҥордоҕуна манчаарыны муус үрдүнэн охсон, сүөһү аһылыгар тутталлара. Онтон кураан, кырыымчык  дьылларыгар кыһын күөл манчаарытын бульдозерынан астаран, кормодробилка оҥостон, кырбатан, үлэлээһин биир ис кыаҕы арыйыы буолбута. Ити дьылларга талаҕы, хахыйаҕы самодельнай кормодробилкаларынан мэлиттэрии сүөһү кыстыгар улахан оруолламмыта. Кыһалҕа тирээтэҕинэ киһи барахсан тугу-тугу тобулбатаҕа баарай? Талаҕынан, дулҕанан, лабыктанан, сөкүнэн, былыыгынан тумалаан фермаларга ыанньыксыттар бэйэлэрэ бэлэмниир эбии аһылыктарын түмүгэ ыыр үүттэригэр, төрүөҕү ылалларыгар үчүгэй сабыдыаллааҕа биһирэммитэ. Ону тэҥэ 1971-1975сс. дойду үрдүнэн «хаачыстыба пятилетката» диэн биллэриллибитэ. Ити партия райкомун (М.Е. Николаев) үлэтигэр өссө биир улахан төһүүнэн, тирэҕинэн буолбута. Ороскуоту кэрэйбэккэ үүтү, эти оҥорору элбэтэргэ күрэстэһиилээх үлэ төгүрүччү ыытыллара. Ол үлэ күүрээнигэр аны эти, үүтү оҥорорго искусственнай хааччахтары ханна эрэ салалтаҕа бэрт буолааччылар толкуйдаабыттара улахан охсууламмыта. Ол маннык этэ. Государствоҕа туттарыллар ыччат сүөһү (балтараа саастаах тыһаҕас)  хас биирдиитэ хайаан да 300кг. тыыннааҕынан  үктүөхтээҕэ. Ити эт-үүт промышленноһын дойду үрдүнэн ирдэбилэ этэ. Ыччат сүөһү ньирэйиттэн ыла өлгөм рациоҥҥа эрэ турдаҕына тыыннаах ыйааһына итинник ирдэбилгэ эппиэттиир. Ону партийнай салалта учуоттаабатаҕа. Олохтоох партийнай салалта онтон туоруур, сымныыр бырааба суох этэ .

Үөһээ Бүлүүгэ “Найрамдал” кинотеатр арылларыгар Монголия делегациятын кытта көрсүһүүгэ

Михаил Ефимович секретардаабыта быһаччы эттэххэ, оройуону салайбыт сылларыгар, ол 9-с – хаачыстыба пятилетката этэ. «1971-1975сс. тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйатын оҥоруу 32,6%-нан улааппыта, эти оҥоруу – 42%, үүтү ыаһын – 49%  хортуоппуйу үүннэрии – 2,6 төгүл улааппыта. Ити биэс сылга үүтү государствоҕа туттарыы 40, эти соҕотуопкалааһын 41 бырыһыанынан улаатыннарыллыбыттара», -диэн ахтан суруйар оччолорго тыа хаһаайыстыбатын управлениетын кылаабынай зоотехнигынан үлэлээбит П.П. Одорусов.

Ити сылларга дойду үрдүнэн ханнык да ороскуоту кэрэйбэккэ, аһы-үөлү дэлэтии (бэйэҕэ оҥоһуллар бородуукталары) уопсай политиката ыытыллара. Толкуйдаан салайааччылар ити кыаҕы мүччү  тутуохтарын    сатаммат этэ.

Нэһилиэнньэ Михаил Ефимовиһы оройуон үчүгэй ирдэбиллээх, тэрээһиннээх салайааччытынан ылыммыта. 1968с. биһиэхэ совхозтар тэриллибиттэрэ дьону тэтимнээх үлэҕэ олус күүрдүбүтэ. Ол күүрэн 1980 сылларга диэри холкутаабатаҕа. Үлэһит киһи барахсан хамнаска үлэлииргэ көҕө-нэмэ үрдээн, тыа хаһаайыстыбатыгар, сир оҥоһуутугар, сүөһү иитиитигэр, айылҕа төһө да күчүмэҕэйдэри үөскэппитин иһин, бородууксуйа иһин чахчы «бэйэтин харыстаммаккка» үлэнэн турунан оройуонун аатын-суолун кэҥэппитэ, салайааччытын өссө үрдүк кирилиэскэ ыттарыгар табыгастаах миэстэнэн буолбута.

ТАРАСОВ Софрон Андреевич. 2012с. балаҕан ыйа.     

Сиһилии : «Өйдүүбүт, үрдүктүк сыаналыыбыт, сүгүрүйэбит», 2012. – 105 с.

Михаил Ефимович оскуолалар, культура тэрилтэлэрин үлэлэринэн утумнаахтык дьарыктаммыта. Ол курдук Исидор Барахов аатынан оскуолаҕа М.А. Алексеевы улаханнык өйүүрэ. 1973 с. Украинскай ССР Кировоградскай уобалаһынааҕы В.А. Сухомлинскай директордаан ааспыт Павлышскайдааҕы орто оскуолатыгар 13 киһилээх делегацияны ыытан оскуола үлэтин-хамнаһын опытын үөрэттэрбитэ уонна Константин Спиридонович Чиряев кэргэнинээн Пелагея Афанасьевна Иванова баран билсиилэрин тэрийбитэ. Айылҕаттан айдарыылаах Пелагея Афанасьевна сирийэн туран бэлиэтэнэн, Константин Спиридонович билии-көрүү, өйдөбүл атастаһан кэлбиттэрэ. Оскуолалар директордара, завучтара, районо сэбиэдиссэйдэрэ бара сылдьыбыт буоланнар Павлышскайдар опыттарын тарҕатыыга бары оскуолаларга үлэ барбыта. Константин Спиридонович толору сэбилэниилээх буолан оскуолаларга көмөлөспүтэ. 1974 сыллаахха Павлышскай оскуола опытын олоххо киллэриигэ анаан-минээн оройуоннай научнай-практическай конференция үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Научнай-практическай конференцияҕа В.А. Сухомлинскай бииргэ төрөөбүт быраатын А.А. Сухомлинскайы ыалдьыт быһыытынан ыҥыран аҕалан сырытыннарбыта, конференцияны бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыыппыта. Ити дьаґаллар оройуон учууталларын ортотугар улахан сэргэхсийиини µіскэппиттэрэ.

            Дьон олорор-үлэлиир сиринэн үлэни тэрийиигэ Мэҥэ Хаҥаластааҕы Харанскай оскуолатын опытын олоххо киллэрии оройуон оскуолаларын салалталарыгар сүктэриллибитэ. Бу өттүнэн Константин Егорович Соргоев директордаах Нам орто оскуола, Иван Максимович Иванов директордаах Тамалакаан аҕыс кылаастаах оскуолата оройуоҥҥа үтүө холобуру көрдөрбүттэрэ. К.Е. Соргоев, И.М. Иванов опыттарын утумнаан 80-с сыллар саҕаланыыларыгар А.С. Аксаков директордаах Далыр орто оскуолата көдьүүстээхтик үлэлээбитэ.

            ССКП райкомун секретара М.Е. Николаев, райисполком председателэ М.Т. Егоров республикатааҕы үрдүкү салалтаҕа туруорсан Нам нэһилиэгэр кииннээн 1975 с. Марха СПТУ-тун филиалын быґыытынан СПТУ аһыллыбыта. Аны санаатахха рабочай кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ кэскиллээх хардыы эбит, ол курдук өскө урут шофер, тракторист, электрик тиийбэт эбит буоллаҕына, СПТУ үлэлээбитин кэннэ шофердарынан, трактористарынан, электригинэн оройуон толору хааччыллыбыта. Ити биллэн турар сменанан үлэни тэрийиигэ бөҕө тирэх буоллаҕа, онон экономика бөҕөргөөһүнүгэр көдьүүһэ улахана биллэр.

Евдокия Афанасьевна ЕГОРОВА,

Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала

Сиһилии : «Өйдүүбүт, үрдүктүк сыаналыыбыт, сүгүрүйэбит», 2012. – 105 с.

XXVII уобаластааҕы комсомольскай конференцияҕа Үөһээ Бүлүү оройуонун делегацията. Дьокуускай к., 1975 с.