Туобуйа Геройдара

ССРС Верховнай Советын Президиумун Ыйааҕа “Үөһээ Бүлүү большевига” хаһыакка

1949 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр күнүгэр ССРС Верховнай Советын Президиумун ыйааҕа тахсыбыта. Онно Саха АССР, Үөһээ Бүлүү оройуонун Туобуйа нэһилиэгин Молотов аатынан колхоһун правлениетын председателэ Степан Иннокентьевич Васильевка, ити колхоз сылгытын ферматын сэбиэдиссэйигэр Афанасий Николаевич Саввиновка Социалистическай Үлэ Геройун үрдүк аатын иҥэрэр туһунан ити ыйаахха этиллибитэ. 1949 сыллаахха С. И. Васильев 24 эрэ саастаах этэ, онтон А. Н. Саввинов 53 саастааҕа.

Социалистическай Үлэ Геройа Васильев Степан Иннокентьевич

Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Г. Г. Федоров Ленин орденын кытта Кыһыл көмүс Сулуһу С. И. Васильевка туттарыыта. 1949 с., атырдьах ыйа. Москваттан ССТА фотокорреспондена Л. Портер хаартыскаҕа түһэриитэ.

Степан Иннокентьевич Васильев бу үүммүт 2025 сылга төрөөбүтэ 100 сыла туолла. Кини тохсунньу 16 күнүгэр 1925 сыллаахха Туобуйа нэһилиэгэр Сыччыгыныыр Лэгиэнтэйдээх Балбаара дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүтэ. Бу ыалга элбэх оҕо төрөөн өлөн, оҕо турбат ыала аатыран, аһыыга-абаҕа ылларан буорайалларыгар тиийэн олордохторуна уол оҕо төрүүр. Сурукка Ыстапаан диэн сүрэхтэтэллэр, абааһыга булларымаары Багдан диэн хос ааттыыллар.

Багдан аҕыһын туолан үөрэнэ киирэр дьылыгар оскуола кинилэр тастарыттан икки көстөөх Кырыкыйдаахха көспүтэ. Багданы аҕата Дьячковскай Спиридоннаахха олорпута. Степан Туобуйа оскуолатын итинник олорон, үчүгэйдик үөрэнэн, түөрт сылынан бүтэрбитэ. Оскуолаҕа сылдьан пионер кэккэтигэр киирэн, кини түөһүгэр кыһыл хаалтыс тэтэрбитэ. Онтон ыла Степа общественнай үлэҕэ иитиллэн, эриллэн барбыта. Оскуолаҕа киириэҕиттэн ыла Багдан диэн аата аны сүтэн, Степа Васильев диэн ыҥырыллар, ааттанар буолбута.

1938-1939 үөрэх дьылыгар Степа Туобуйа начальнай оскуолатын бүтэрэн, сүүрбэ биир көстөөх Тойоку оскуолатыгар үөрэнэ барар буолбута. Манна үөрэнэр сылыгар кини кылааһыгар пионерскай үлэҕэ биир көхтөөх кыттааччы, бастыҥ дьиссипилиинэлээх үөрэнээччи буолбута.

1939-1940 үөрэх дьылыгар, Степа алтыска киириэхтээх сылыгар, Туобуйа оскуолатыгар бэһис кылаас аһыллыбыта. Степа онно дьиэтиттэн сылдьан иккиһин үөрэммитэ. Сэттиһи бүтэрэр дьылыгар, 1942 сыллаахха, комсомол биир ньыгыл кэккэтигэр киирбитэ.

Оскуола оҕолоро уонна учууталлар холкуос үлэтигэр харыларын күүһүнэн элбэхтик көмөлөһөллөрө. Онно Васильев Степан үөрэнээччилэртэн салайан үлэлэтэргэ көмөлөһөөччүнэн ананара.

1941-1942 үөрэх сылыгар Степан Васильев сэттис кылааһы бүтэрээри доҕотторун кытта дьаныардаахтык үөрэммитэ. Бу сылларга холкуостаахтар хаһааҥҥытааҕар даҕаны ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ. Сэттэ Тииккэ көхтөөхтүк кыттан үүнэрсибит ньэчимиэннэриттэн үрдүк үүнүүнү ылбыттара. Аны муус тоҥон уйар буоларын кытта, муҥхалааһын буолбута. Мууһу аннынан бултаан сезон устата 30 туонна собону хоторон соҕотуопкаҕа туттарбыттара, ордугун түҥэттибиттэрэ уонна Алдаҥҥа ыытан харчыга эргитэн, өлгөм дохуоту үллэстибиттэрэ. Оскуола оҕолоруттан Васильев Степан ол балык бултааһыныгар элбэхтик сүүрбүтэ-көппүтэ. Комсомоллар үс күннээҕи өлүү балыктарын Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии фронугар биэрэргэ быһаарыммыттара.

1942 сыллааҕы бытарҕан тымныы түһэн турара. Биир оннук тымныы киэһэ оскуола сэттис кылааһыгар комсомольскай уопсай мунньах ыҥырыллыбыта. Кыраһыын лаампатын имик-самык уотугар сирдэтэн сэкирэтээр Васильев Степан Аҕа дойдуну көмүскүү сылдьар саллааттарга ичигэс таҥас тигэн ыытар туһунан кэпсээтэ. Бары биир да халбаҥа суох ылыммыттара, Степан бэйэтэ биир саллаат таҥнар таҥаһын барытын тэрийэри ылыммыта, барыта 10 саллаакка ичигэс таҥаһы хааччыйарга сүбэлэспиттэрэ.

Ити курдук сэрии маҥнайгы ыарахан сылыгар Степан Васильев Туобуйа сэттэ кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол сайын Туобуйа бастыҥ дьоно, отуттан тахса киһи, армияҕа ыҥырыллан барбыттара. Холкуос үлэтэ хас да бүк ыараабыта.

Оҕолор туспа биригээдэнэн Васильев Степан салайааччылаах үлэлээбиттэрэ. Степан сэттиһи бүтэриэҕиттэн холкуоһугар үлэлээбитэ. 1943 сыллаахха нэһилиэгэр ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээринэн анаммыта.

1944 сыллаахха бэс ыйыгар Туобуйаттан 6 уол Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыы тутан сэрии толоонугар аттаммыттара. Олор истэригэр Степан Васильев эмиэ баара. Степан Иннокентьевич Монголия Ундер-Хан куоратыгар автоматчиктар взводтарыгар үөрэммит. Взводугар комсорунан үлэлээбит. Доруобуйатын туругунан сулууспаттан сыыйыллан 1945 сыл сайыныгар дойдутугар эргиллэн кэлбит.

Аҕыйах хонукка сынньаммытын кэннэ үүт-табаарынай ферматын сэбиэдиссэйинэн анаабыттар. Кини фермаҕа киириэҕиттэн сүөһү үлэтэ тосту тупсубутунан барбыта. Оту дэлэйдик оттоон, сүөһү айаҕын үчүгэйдик хааччыйан, төрүөҕү ылыы элбээн, эти-үүтү оҥоруу улааппыта. 1947 сыл күһүнүгэр Васильев С.И. холкуос бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Кини хаһаайыстыба бары салаатын кичэйэн, иҥэн-тоҥон салайара. Онон государственнай былааннар туолан, аһара түһэр буолан испиттэрэ. Степан Иннокентьевич сылгы туругун ый аайы бэйэтинэн сылдьан көрөрө. Оттон ферма сэбиэдиссэйэ Саввинов А.Н. уоона да атын сылгыһыттар кыһын сылгы туругун күн аайы көрөллөрө. Ырыган сылгыны от саппааһын бэлэмнээбит учаастактарыгар илдьэн аһаталлара.

Үөр атыырдара сыл аайы эмис кыстыыр буолан, биэлэр буоһуур кэмнэрэ үөрэх ыйыытынан сөптөөхтүк олохтонон, кытарааһын уурайбыта.

Ити курдук, бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ Васильев С.И., сылгы иитэр ферма сэбиэдиссэйэ Саввинов А.Н. сатабыллаах салалталарынан, үчүгэй тэрээһиннэринэн сылгы иитиитэ холкуос общественнай хаһаайыстыбатын биир саамай бастыҥ, үрдүк дохуоттаах салаатынан буолбута. 1946 сыллаахха 40 биэттэн 25 кулуну ылан иитэн таһаарбыт буоллахтарына, 1947 сыллаахха 60 биэттэн 54 кулуну, оттон 1948 сыллаахха 61 биэттэн 61 кулуну ылбыттара. Ол түмүгэр 1949 сыллаахха бэс ыйын 30 күнүгэр Степан Иннокентьевич Васильевка уонна Саввинов Афанасий Николаевичка ССРС Үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан Социалистическай Үлэ Геройун аатын иҥэрбиттэрэ.

Ол сыл Иосиф Виссарионович Сталин 70 сааһын туолар үбүлөүйүгэр Васильев Степан Иннокентьевич кыттар чиэскэ тиксэн, Саха АССР үлэһиттэрин делегациятын састаабыгар киирэн, дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка барсыбыта.

Степан Иннокентьевич 1948 сыллаахха Платонова Евгения Николаевнаны кытта туспа буруо таһаарыммыттара. Кинилэр 5 кыыс оҕоломмуттара.

1950 сыллаахха ССРС III ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин национальностарын Сэбиэтигэр Бүлүүтээҕи 556 нүөмэрдээх быыбардыыр уокурукка быыбардааччылар 100% куоластарын ылан Степан Иннокентьевич депутат буолбута.

Васильев С.И. 1952 сыллаахха Дьокуускайдааҕы холкуостар салайар кадрдарын бэлэмниир оскуоланы бүтэрэн баран, Үөһээ Бүлүүтээҕи партия райкомун тыа хаһаайыстыбатын отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, онтон райсовет исполкомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан анаммыта. С.И. Васильев бэрт кылгас буолан баран чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Баара-суоҕа 35 сааһыгар, партия райкомун аппаратыгар үлэлии олорон, 1960 сыллаахха, тохсунньу 25 күнүгэр ыараханнык ыалдьан өлбүтэ.

Үөһээ Бүлүү Намыгар арыллыбыт маҥнайгы детдом иитиллээччилэрэ Үлэ Геройа Васильев Степан  Иннокентьевыһы кытта көрсүһүүгэ. Кини уҥа өттүгэр детдом дириэктэрэ  Кононов Василий Евсеевич, хаҥас – баһаатай Егорова Евдокия Афанасьевна, иитээччи Николаева Марфа Васильевна
Үөһээ Бүлүү детдомун оҕолоро уонна үлэһиттэрэ  Үрдүкү Сэбиэт депутата, Социалистическай Үлэ геройа Степан Иннокентьевич Васильевы  кытта көрсүһүүгэ.  
Төрдүс эрээккэ хаҥастан төрдүс райсовет бэрэссэдээтэлэ  Васильев Николай Егорович, районо сэбиэдиссэйэ  Жиркова Ксения Илларионовна, иитээччи Николаев Николай Константинович, биэлсэр Воронкина Мария Митрофановна, иитээччилэр
Константинова Мария Игнатьевна, Игнатьева Александра Филипповна.
Васильев С.И. уҥа өттүгэр иитиллээччи Гаврильев Николай Николаевич (кэлин СГУ-гар үлэлээбит преподаватель, филол.н.к.)

Туобуйа нэһилиэгин бибилэтиэкэтин матырыйааллара туһанылыннылар

Социалистическай Үлэ Геройа Саввинов Афанасий Николаевич

Үөһээ Бүлүү улууһугар Туобуйа нэһилиэгэр 1890 сыллаахха дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Кини 1917 сыллаахха диэри батараак этэ. Онтон колхозтар тэриллиэхтэригэр диэри төрөөбүт нэһилиэгэр сыр-мыр кэтэх хаһаайыстыбатынан дьарыгырар. 1930 сыллаахха колхозтар тэриллибиттэрин кэннэ биир бастакынан колхозтаах буолар, илии араас үлэлэригэр сылдьар.

1935 сыллаахха үлэтигэр үтүө сыһыанын, тэрийэр дьоҕурдааҕын бэлиэтии көрөн Афанасий Николаевиһы колхоһугар биригэдьиир оҥороллор, онтон колхоз правлениетын председателинэн талаллар. Ити дуоһунаска Саввинов А. Н. 1943 сыллаахха дылы үлэлээбитэ. 1943-54 сс. кини солбуллубат сылгы иитиитин ферматын сэбиэдиссэйэ, онтон сылгы биригээдэтин биригэдьиирэ.

Афанасий Николаевич бэйэтин идэтин чахчы баһылаабыт, айылҕаттан айдарыылаах сылгыһыт этэ. Сылгыны көрүүнү-истиини, сезоннарынан арааран аһатыыны, мэччитиини кыайа тутара. Ол иһин кини биэлэрэ, атыырдара хаһан даҕаны быһа түспэттэрэ, сыл аайы эриэ-дэхси ууланаллара, сылгы көнньүнэн өлүүтэ диэни билбэттэрэ. Кини салайар фермата 1946-49 сс. 203 биэтгэн 203 кулуну ылан сүүс бырыһыан тыыннаахтыы ииппитэ.

Ити үрдүк ситиһиилэрин иһин ССРС Верховнай Советын Президиумун 1949 сыл бэс ыйын 30 күнүнээҕи Ыйааҕынан Афанасий Николаевич Саввиновка Социалистическай Үлэ Геройун үрдүк аата иҥэриллибитэ. Афанасий Николаевич сэмэй, көнө киһи этэ, бэйэтин идэтигэр элбэх эдэр дьону уһуйбута. Олор ортолоругар Тимофеев Н. П., Оконосов С. А., Васильев И. Г. кэлин бэйэлэрэ совхоз чулуу сылгыһыттарынан, биригэдьиирдэринэн буолбуттара, үрдүк көрдөрүүлэри ситиспиттэрэ.

Афанасий Николаевич уолаттара Егор (агроном), Лука (геолог), Иван (ветврач) республика араас улуустарыгар убаастанар партийнай, сэбиэскэй, профсоюзнай, хаһаайыстыбаннай үлэһиттэринэн буолбуттара. Хомойуох иһин, эдэр соҕус саастарыгар эрдэ өлөн туораабыттара.

Саввинов Афанасий Николаевич 1964 сыллаахха 74 сааһыгар дойдутугар ыалдьан өлбүтэ.

Билигин улуус киинигэр Герой Васильев уонна А. Н. Саввинов диэн ааттаах уулуссалар Үөһээ Бүлүү бастакы уонна, баҕар, бүтэһик Үлэ Геройдарын ааттарын билиҥҥи уонна кэлэр көлүөнэ ыччакка өйдөтө, саната, биллэрэ тураллар.

Үөһээ Бүлүү. Бэҕэһээ. Бүгүн. Сарсын /[хомуйан оҥордо П. И. Докторов].- Дьокуускай: Кудук, 2001.- С. 33.