
Учууталым аатырбыт ыанньыксыт буолбута
Киристиинэ оҕо сааһа Ороһуга ойон-тэбэн ааспыта. Аҕата Мэхээлэ эрдэ эдэр сааһыгар өлөн, быраата Баһылайы, балта Мотяны кытта тулаайах хаалбыттара. Ийэлэрэ Ылдьаана сытыы-хотуу тыллаах-өстөөх, үлэни-хамнаһы кыайар дьахтар буолан, колхозка ыанньыксытынан үлэлээн, оҕолорун атахтарыгар туруорбута.
Киристиинэ Ороһу 7 кылаастаах оскуолатын 1939 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитэ. Дьэ мантан ыла 19 сааһыттан үөрэхтээх киһи буолан, ийэтигэр, быраатыгар, балтыгар көмөлөһөр соругу ылынан, Үөһээ Бүлүүгэ киирэн райсоюзка үлэҕэ киирэр, сытыы-хотуу кыыһы остолобуой сэбиэдиссэйинэн үлэлэтэллэр. «Баардаах баппат» диэн өс хоһоонун курдук, Киристиинэ дьон сүбэтинэн үөрэх салаатыгар кэлэн кэпсэтэн, Бүлүү педучилищетыгар киирэн 3 ыйдаах начальнай кылаастар учууталларын бэлэмниир курска үөрэммитэ. 1940-1942 үөрэх сылларыгар Ороһу оскуолатын начальнай кылаастарыгар учууталынан үлэлиир. Христина Михайловна диэн ыҥырыллар учуутал бастакы үлэлиир сылыгар миигин 2-с кылааска үөрэппитэ. Билигин саныыбын: чахчы учуутал буолар аналлаах киһи сэрии буолан үөрэммэккэ хаалбыт, эдэр кыыс киһи олох иһин охсуһуута саҕаламмыт эбит диэн. Михайловна мин кыра киһи өйбөр олус улахан, толуу көрүҥнээх, мэлдьи кэтэр уһун хара былааччыйалаах, хара саары этэрбэстээх буолар этэ. Биһигини, оччотооҕу сэрии сылларын оҕолорун, ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үөрэппит улахан үтүөлээх.
Аҕа дойдуну көмүскүүр ытык сэрии саҕаланан, олох ыараан барбыта. Үлэни кыайар эдэр, доруобай дьон армияҕа бараннар сааскы ыһыы, сайыҥҥы от үлэтэ, күһүнүн от-бурдук хомуура кинитэ суох ааспат этэ. Ол үрдүнэн оскуолаҕа үлэлии-үлэлии, «Саҥа олох» колхоз комсомольскай тэрилтэтин секретарынан үлэлээн, нэһилиэк бары үлэтигэр эдэр ыччаты түмэ тардыбыта. Ити дьоҕурун таба көрөннөр, оччотооҕу салалта уонна колхуостаахтар 1943 сыллаахха бу колхоз бэрэссэдээтэлинэн 23 эрэ саастаах Христина Михайловнаны талаллар. Ол үлэлии сырыттаҕына эмиэ кадр тиийбэккэ, Христина Михайловна учууталлыы сылдьыбытын өйдөөн, райОНО сэбиэдиссэйэ Р. Н. Ильин ыҥыран ылан, 1944 сыл оройуоҥҥа улахан дьону үөрэхтээһиҥҥэ (ликбез) инспекторынан анаабыта. Кини аны нэһилиэктэри дьаамынан, ардыгар биир акка хас да буолан табалаһан, сороҕор сатыы кэрийэрэ. Ол аайы аахпат, суруйбат дьону учуоттаан, бөлөхтөрү тэрийэн, учууталлары сыһыаран, дьиэ булан, олохтоох сэбиэттэри кытта кэпсэтэн үлэни тэрийэрэ.
1952 сылтан Христина Михайловна Ороһуга «Саҥа олох» колхозка ыанньыксытынан үлэтэ саҕаламмыта уонна үгүс үөрүүнү да, ыараханы да көрсүбүтэ. Ол аайы эдэр, эрчимнээх, кыратыттан үлэҕэ эриллибит буолан оччотооҕу ыанньыксыт ыарахан уонна эппиэттээх үлэтин кыайбыта. Ити кэмҥэ хотон үлэтэ ханнык да механизацията суох буолан, туох баар үлэ барыта: сүөһү ноһуомун таһаарыы, балбаахтааһын, эбии аһылыгы буһарыы, көөнньөрүү, ону хас ынах аайы илдьии, ууну таһыы, дьаһайыы барыта илиинэн толоруллара. Ити сылларга Христина Михайловна ынахтарыттан үүтү ыаһыҥҥа бастакы үрдүк көрдөрүүнү ситиспитэ. Кини хас биирдии ынаҕыттан 1900 кг үүтү ыабыта. Онтон 1964 сыллаахха сычевскай боруода ынахтарыттан, биирдиилэриттэн 4037 кг үүтү ыан оройуоҥҥа, республикаҕа бастакынан үрдүк рекорду олохтообута. Түбүктээх үлэ түмүктээх буолбута. ССРС Верховнай Советын Президиумун 1966 сыл кулун тутар 22 күнүнээҕи ыйааҕынан, Христина Михайловна Антонова «Ленин» орденынан наҕараадаламмыта. 1967 сыллаахха Христина Михайловна 39 №-дээх Ороһутааҕы быыбардыыр уокуруктан Саха АССР Верховнай Советыгар депутатынан талыллыбыта уонна быыбардааччылар итэҕэллэрин чиэстээхтик толорбута. Ону тэҥэ хас да ыҥырыкка Ороһу олохтоох Советын уонна оройуон Советын депутатынан талыллан, үгүс өрүттээх үлэни ыытара. Христина Михайловна үлэтин опытын үгүс оройуоннартан делегациялар кэлэннэр билсэн, кэпсэтэн, көрөн бараллара, үлэлэригэр туһаналлара.
Ульяна ТИМОФЕЕВА,
норуот педагогикатын улуустааҕы
сэбиэтин председателэ, 2000 с.