Г. Р. Кардашевскай бэйэтин туһунан

Бэйэм туспунан кылгастык

Биһиги оҕо эрдэхпитинэ аттан, оҕустан атын көлөнү билбэт этибит. Билигин — трактор, комбайн, массыына, борохуот, сыыдам самолет. Атынан сырыт диэтэххэ өһүргэнэр буоллубут. Тоҕо сүрэй! Оҕо эрдэхпитинэ нэһилиэккэ 2-3 кылаас үөрэхтээх суруксут дьоннор бааллара. Сүрдээх дьон курдук көрөрбүт. Билигин киһи үксэ үрдүк үөрэхтээх. Өссө наука кандидаттарын намыһах соҕустук көрөбүт. “Пахай, онтукабыт кандидат эрэ”, — диэн мыынар саҥаны истэҕин.

Ааспыт сэрии саҕана Бүлүүгэ, районоҕа үлэлиир эрдэхпинэ, электричество суох этэ. «Молния» диэн күлтэйбит кырасыын лаампатынан мунньахтары ыытарбыт. Бүгүн электроника, компьютер, робот туһунан кэпсэтэбит. Олорбут баар буолаллара чугаһаата быһыылаах. Олохпут остуоруйа курдук буолла.

Мин аҕам олоҥхоһут, ырыалаах уонна оһуокай таһаарар үҥкүүһүт этэ. Кыһыҥҥы таҥараларга, урууларга ыалга ыҥырыллан баран олоҥхолуура. Мин кинини батыһа сылдьарым. Бастаан истимэхтээн иһэн, туой эрдэ утуйан хаалбыт буоларым. Аҕам мин тоҕустаах эрдэхпинэ сэлликтээн өлөн хаалбыта. Онон киниттэн кыраны  туһаммытым быһыылаах. Ол да буоллар, норуот ырыата-тойуга мин дууһабар сааһым тухары күндү кылаат буолан иҥэн сылдьар. Амма Аччыгыйын романыгар кэпсэнэр Даарыйа эмээхсин курдук, эмиэ икки хараҕа суох, Баабыла диэн эмээхсин баара. Оо, остуоруйаһыт, сэһэннээх даа этэ! Онтуката хаһан даа бүппэтэ. Итинник кырдьаҕастар ол саҕана сир аайы баар быһыылаах эбиттэр. Кинилэр норуот өйүн-санаатын сырдатар, дууһатын аралдьытар аналлаахтар эбит. Онтукабыт кэнники, үөрэх-культура сайдар кэмигэр, суругунан литератураны кытта силлиспитэ. Ол эрээри биһиги бэйэбит норуоппут тылынан айымньытыгар ситэ болҕомтону уурбаппыт уонна харысхала суох   сыһыаннастыбыт уонна сыһыаннаһабыт дии саныыбын. Норуот айымньытын таптыыр, билэр уонна толорор дьоннор билиҥҥэ диэри бааллар. Онуоха биһиги ыччаты сыһыара, умсугута сатааһыммьгг ырааҕынан тутах. Өскөтө, орто оскуолаларга олоҥхо, фольклор куруһуоктарын тэрийтээн, илиинэн суруллар хомуурунньук, сурунаал  таһаартаан, дьоҕурдаах оҕолору өрө көтөҕөн иһэрбит буоллар, норуот сыаналаах духовнай баайа улаханнык умнуллуо суох этэ. Мантыкабытын биһиги адьас сүтэрэн, умнан бараммыт курутуйуохпут даҕаны, этэргэ дылы, кутурук үүнүө биллибэт…

Хаҥастан уҥа бастакы С. Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педучилище
3-с курсун студена Г. Кардашевскай. 1937 с.

Биһиги сүһүөх ыччат атаҕар турарын саҕана литературанан, ордук ырыанан-тойугунан дьарыктаныы көхтөөх кэмэ этэ. Саҥа, көҥүл олох туругуран, холбоһуктааһын баран дьон санаата көтөҕүллүбүтэ, үөрбүтэ-көппүтэ, үлэ-хамнас күүркэйбитэ сүрдээх этэ. Элбэх эдэр дьон суруйа-хоһуйа сатыыллара. Оччоҕо этэ дии  остуол сырайыгар, орон хаптаһыныгар, оҕус уорҕатыгар кытта суруйар «бэйиэттэр» баар буолбуттара. Үөһээ Бүлүүгэ Куорамыкыга үөрэнэр кэммитигэр ырыанан ыһыллар элбэх ыччаттар бааллара: Кыһыл Үҥүү – Кирилл Барахов, Кумаховскай – Хабырыыс Лааһарап, Хотойдоохоп – Лаврентий Докторов, Дьаркай – Егор Хардасыабыскай, Саһыллыырап – Михаил Иванов, Уунаҥныырап – Петр Тобуруокап, Кулуһуннаахап – Василий Петров о.д.а. Кинилэр, үгүстэрэ, сэттэ кылааһы бүтэрэр саҕана уостан-сүтэн барбыттара, суруйбат буолбуттара. Сорохторо кэнники соҕус тохтообуттара. Биһигиттэн оҕо саастааҕыттан чорбойон ыллаабыт-туойбут Петр Тобуруокап бүгүн биллиилээх поэт буолан сылдьар. Саҥа үүнэр кэммитигэр Бүлүүгэ «Колхоз суола» хаһыат биһигини бэчээттээн, көтөҕүллэн барбыппыт. Ол хаһыат редакторынан кэрэ, үтүө киһи Иванов Василий Ксенофонтович-Кустуктуурап диэн баара. Биһиги кини сабыдыалынан уонна салалтатынан литератураҕа чугастаһан турабыт. Эмиэ кини көмөтүнэн, 1934 сыл бүтүүтүгэр Якутскайга учуутал техникумугар үөрэнэ сылдьан, Саха сирин суруйааччыларын бастакы конференциятыгар Бүлүүттэн делегат   быһыытынан кыттыыны ылар чиэскэ тиксибитим. Ол биһиги республикабытыгар Суруйааччылар союзтарын тэрилтэ быһыытынан олохтообут маҥнайгы күттүөннээх түмсүү этэ.

Конференцияны, тэрийэр комиссия председателин быһыытынан, Москваҕа советскай суруйааччылар бастакы съезтэригэр сылдьан кэлбит Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа салайан ыыппыта. Сүрүннүүр дакылааты партия обкомун иккис секретара Николай Николаевич Окоемов оҥорбута. Научнай библиотека таас  уоругар ол мунньах биир нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ ньиргийэн барбыта. Биһиги, ыраах тыаттан сылдьар ыччаттар, оччотооҕуга аатырар суруйааччылар көстөр дьүһүннэрин  көрөн, этэр тылларын истэн, дьоһуннаахтык дуоһуйбуппут. Платон Ойуунускай ол түмсүүгэ суох этэ. Москваҕа аспирантураҕа үөрэнэ сылдьара. Оччоҕо билиҥҥи түргэн самолеттар көппөттөр этэ.

Платон Ойуунускай эрчимнээх тыллаах телеграммата конференцияҕа кэлбитэ. Кини республика суруйааччыларын бырабылыанньатын председателинэн талыллыбыта. Ол мунньахха Анемподист Софронов, Эрилик Эристиин, Константин Сокольников, Анна Неустроева курдук ытык-ама кырдьаҕас суруйааччылары көрбүтүм санаабар иҥэн хаалбыта.

Конференцияҕа эдэрдэр Григорий Поскачин, Пана Тулааһынап, Испиэн Миитэрэйэп, Никон Михайлов, Гавриил Лазарев, Дмитрий Иванов бииргэ сылдьарбыт. Биһиги чугас доҕотторбутунан Валерий Чиряев, Василий Иванов-Кустуктуурап буолаллара. Кинилэртэн үгустэрэ билигин суохтар.

Миэхэ 1937 сыллаахха саха советскай литературатын төрүттээбит Платон Алексеевич Ойуунускайы көрбүтүм өлбөөдүйбэт өйдөбүнньүк буолан хаалбыта. Кини, оччолорго, Москваҕа филологическай наука кандидатын степенигэр диссертацияны көмүскээн ученай аатын ылан, Саха сиринээҕи тыл уонна культура институтун директорынан ананан уонна, инники эппиппит курдук, Суруйааччылар союзтарын председателинэн талыллан дойдутугар эргиллибитэ. Оччоҕо кини аата-суола, ытыктабыла сүҥкэннээхэй этэ. Ити 1937 дьылга Ойуунускай айар литературнай үлэнэн дьарыктаммыта 20 сылын туолуута бэлиэтэммитэ (кини 1917 сыллаахтан суруйбута).

Биһити оччотооҕуга учуутал техникумун III курсугар үөрэнэ сыддьарбыт уонна ити датаны бэлиэтииргэ көхтөөхтүк бэлэмнэммиппит. Биһиги «Кыыһар сардаҥа» диэн сурунаалбытын ойуулаан-оһуордаан кини үбүлүөйүгэр анаан таһаарбыппыт. Онтукабытын, эппиэттиир редактор ааттаах буоламмын, юбилярга мин туттарбытым. Толлорум олус этэ. Ол сурунаалбыт, дьылҕа харыстааһынынан, ордон хаалбытын кэлин билбитим. Кини билигин П.А. Ойуунускай аатынан Литературнай музейга ууруллан турар. Аны көрдөххө, киһи кыбыстыах курдук бэлэҕэ эбит. Уруһуй, киэргэл оҥоһуута эчи мөлтөҕүн! Билиҥҥи төрдүс, бэһис кылаас үөрэнээччитэ, арааһа, ордук оҥоруо ини. Ити эрээри, эдэр саас эрчимэ киниттэн илгийэр ээ!

Мин төрөөбүт литературам иһигэр киирэн тиритэ-хорута үлэлэспэтэҕим да иһин, бу 70 сааспын ситиэхпэр диэри киниттэн бэрт чугас сырыттым. Кини ситиһиититтэн үөрэн, итэҕэһиттэн эмиэ да хомойон, тугу эмэ үлэлэспитэ, көмөлөспүтэ буолан, эдэр сааспын аһардым. Саха литературатын орто оскуолаҕа хас да сылга уонна Якутскай университетыгар 12 сыл устата үөрэппитим. Литературабыт туһунан суруйталаабыт ыстатыйаларым, аахпыт лекцияларым — барытын мунньар буоллахха, син элбэх буолуохтара. Онон, мин туох-ханнык иннинэ, төрөөбүт литературабар бэриниилээх пропагандист, агитатор быһыылаахпын. Ол идэбин, кыанарым тухары, салгыы ыытар баҕалаахпын.

Өр сылларга үөрэтэн, сыралаһан Анемподист Иванович Софронов туһунан «Досоветская драматургия А.И. Софронова» диэн темаҕа кандидатскай диссертация суруйан, көмүскээн турабын. Үлэм 1982 с. Якутскайга бэчээттэнэн тахсыбыта. Революция иннинээҕи суруйааччылap Кулаковскай, Софронов уонна Неустроев айымньыларын ааҕыы, билии биһиги эдэр ыччаппытыгар сүҥкэн суолталаах. Биһиги норуоппут эстетическэй төрдө, барытын кэриэтэ, итиниэхэ сытар. Ону ыччат өйдүүрэ уонна онно болҕомтотун уурара наадалаах. “Төрөөбүт дойдуну таптааһын алаастан саҕаланар» диэн саамай сөпкө этэллэр. Ийэтин, аҕатын уонна чугас дьоннорун таптаабат киһи, атын дьоннору, норуотун чулуу уолаттарын, кыргыттарын иэйиилээхтик таптыахтара диэн эрэниэххэ саарбах.

Никифор Кирикович Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап 1936 с. бэлэхтээбит хаартыската

Мин 70 сыллар хаардарын түһэрэн уулларбыт киһи, олоххо үөрүүнү даҕаны, кутурҕаны даҕаны көрсүбүтүм бэрт элбэх. Ханнык да кутурҕаннарга бииргэ «Эн», «Мин» дэһэн сылдьыбыт саамай истиҥ санааҕын кэпсэтэр атастарыҥ суох буолан хаалыылара олус хомолтолоох. Ол курдук Дьүөгэ Ааныстыырап, Пантелеймон Тулааһынап, Лаврентий Докторов, Иван Арбита курдук үтүө, дьиктилээх дьоннору олох очурдаах суолугар сүтэртээн кэбиспит хомолтолоохпун.

 

“Өрдөөҕүнү өйдөтөлөөн кэллэххэ» диэн ахтыытыттан.

Муус устар 27 к. 1986 сыл.

Кардашевскай Г. Күлүмүрдэс күнүскэбэр: хоһооннор, поэма, ыстатыйалар, ахтыылар. Бэйэтин туһунан ахтыылара /хомуйан оҥордулар: С. Т. Руфов, С. Е. Дадаскинов.- Дьокуускай, 2001.- С. 3-7.