Георгий Романович Кардашевскай төрдө-ууһа

Георгий Романович 1916 с. ыам ыйын 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Намыгар күн сирин көрбүтэ.

Аҕатынан төрдүн-ууһун А.Н. Павлов-Дабыл 2013 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Үйэлэри унуордаан» кинигэтиттэн билсиэххэ сөп.

Мантан аллара ийэтинэн төрдүн эридьиэстээн көрүөхпүт. Ырытыыбытын Барханча Тулааһынап уолуттан Мүөккэ Уйбаантан саҕалыыбыт. Барханча атын уолаттарын ыччаттарын Пётр, Николай Тобуруокаптар төрүччүлэрин үөрэтэрбитигэр киллэрэн турабыт (Үөһээ Бүлүү суруйааччыларын төрүччүлэрэ. — Дьокуускай: Дани-Алмас, 2015). Ону манна хатылыы барбаппыт.

Мыкычаан Ылдьаа — Мүөккэ Уйбаан иккис кэргэнэ Акулина Иудинаттан (1792 с.т.) уола. Кини кэргэнэ Матрёна Егорова (1836 с.т.) — Егор Иванович Мухоплёв-Көрбөт Дьөгүөр (1800-1854 сс.) кыыһа.

Сорохтор Мосхоо Мотуруонаны Көрбөт Дьөгүөр ииппит кыыһа буолуон сөп диэн сабаҕалыыллар (А.Павлов-Дабыл). Мыкычаан 1857 с. ыытыллыбыт ревизскэй сказка (СР НА 349 ф., 4 оп., 644 дь.) кэрэһилииринэн икки оҕолоох: уола Василий (1851 с.т.), кыыһа Екатерина (1854 с.т.). Биэрэпис кэнниттэн хас да оҕоломмуттар. Миэтирикэлэрэ көстүбүт оҕолорун ааттара: Анна (07.01.1860 с.т.), Василий (01.12.1871 с.т.), Варвара (06.10.1875 с.т.), Константин (09.05.1874 с.т.). Улахан Баһылай туһунан билиибит суох. Иккис уол Баһылай сахалыы аатын Мойото диэн Е.Е. Попова «Балаҕаннаах — төрүт сирбит» (Дьокуускай, 2008) диэн кинигэтигэр суруйбут. Мойото модьу уонна ортону үрдүнэн уҥуохтаах эбитэ үһү. Кырата чиэппэр күүстээх киһинэн биллибит. Кинини кытта арай Малтааскы уола Ыстапаан диэн эдэр киһи мас тардыһан холонон тэҥнэспитэ дииллэр. Оччолорго Мойото кырдьаҕаһа эбитэ үһү (Егор Никифоров). Мойото Баһылай ыал-күүс буолбут, кэргэнэ Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх Павла Филипповалыын 1874 с. ыам ыйын 3 күнүгэр бэргэһэлэммиттэр. Миэтирикэтэ көстүбүт кыыстарын аата Ирина (10.08.1890 с.т.) диэн эбит. Уоллара Егор- Көҥдөй Дьөгүөр, 1906 с. ыам ыйын 29 күнүгэр Ороһуттан Анна Алексееваны кытта холбоһон, Анисия (30.11.1913 с.т.), Татьяна (25.06.1916 с.т.), Мария (1920 с.т.), Александра (1926 с.т.) диэн ааттаах кыргыттардаах, уолаттара Прокопий (1910 с.т.), Дмитрий (1911 с.т.), Дмитрий (1917 с.т.), Николай (1925 с.т.) диэннэр. Маны таһынан нэһилиэккэ 1902 с. ыытыллыбыт биэрэпис кэрэһилииринэн, биэс саастаах Фёдор диэн ааттаах ииттэр уоллаахтар эбит. Кини кэлиҥни дьылҕата биллибэт.

Көндөй Дьөгүөр утумун сиэнэ Неустроева (Мыкычанова) Светлана Дмитриевна суруйан биэрдэ. Аҕата Дмитрий Егорович 1934 с. Москватааҕы Яков Свердлов аатынан тыа хаһаайыстыбатын институтун үөрэнэн бүтэрбит. Кэргэнэ Иванова Екатерина Ивановна (1925 с.т.) Нам оройуонуттан төрүттээх, идэтинэн медсиэстэрэ. Үс оҕолоохтор. Улахан кыыстара Светлана Дмитриевна (1948 с.т.) 1973 с. Иркутскайдааҕы пединститут дефектологическай факультетын бүтэрбитэ, СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна, билигин бочуоттаах сынньалаҥна олорор. Кэргэнэ Неустроев Ким Егорович (1947 с.т.) — Ленинградтааҕы киноинженердэр институттарын бүтэрэн, Сахатын сиригэр үөрэммит идэтинэн үлэлээбитэ. ССРС кинематографиятын туйгуна, СР култууратын туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн кини үрдүк таһаарыылаах үлэтэ бэлиэтэммит. Үс оҕолоохтор. Улахан кыыстара Екатерина Кимовна (1972 с.т.) икки үрдүк үөрэхтээх — математика учуутала уонна экономист. Кэргэнэ Рязанскай Владимир Дмитриевич — биолог. Билигин Америкаҕа Чикаго куоракка олороллор, эр киһи университекка үлэлиир, профессор. Икки кыыс оҕолоохтор (Дайаана, Барбара). Иккис кыыс Татьяна Кимовна (1976 с.т.) СГУ математическай факультетын бүтэрбитэ, математикаҕа кандидатскай диссертацияны көмүскээн учуонай буолбута. Билигин ХИФУ ИМИ алгебра уонна геометрия кафедратын биир тутаах үлэһитэ. Уоллара Дмитрий Кимович (1978 с.т.) экономист, юрист үөрэхтээх, Нерюнгри куоракка нолуок инспекциятыгар отдел начальнигынан үлэлиир.

Дмитрий Егорович иккис кыыһа Анна Дмитриевна (1951 с.т.) тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн зоотехниктаабыта. Үлэ бэтэрээнэ, билигин пенсияҕа олорор. Түөрт оҕолоох. Улахан уола Константин Николаевич Острельгин (1972 с.т.) үс үрдүк үөрэхтээх — историк, юрист, экономист. Билигин инженер үөрэҕэр кэтэхтэн үөрэнэ сылдьар. Афганистааҥҥа сулууспалаан кэлбитэ, элбэх наҕараадалардаах. «Трансснаб» диэн ааттаах чааһынай тэрилтэ дириэктэрэ. Кэргэнэ Тааттаттан төрүттээх Матвеева Прасковья Васильевна, СГУ пединститутун бүтэрэн, оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьар. Түөрт оҕолоохтор: Анжелика, Вика, Артур, Диана.

Дмитрий Егорович улахан уола Дмитрий (1952 с.т.) Черскэйгэ авиапорт пожарнай охранатыгар үлэлээбитэ. Быарынан ыалдьан, 50-нун туолан баран өлбүтэ. Икки оҕолоох. Уола Леонид (1977 с.т.) орто үөрэхтээх финансист, үрдүк үөрэхтээх экономист. Калининградскай уобаласка олорор, чааһынай тэрилтэлээх. Кэргэнэ Агафонникова Мария Серафимовна— Аллараа Халыма Андрюшкино бөһүөлэгиттэн төрүттээх, идэтинэн юрист.

Кыыстара Туйаара Дмитриевна (1986 с.т.) Россиятааҕы государственнай туризм уонна сервис институтун үөрэнэн бүтэрбитэ, билигин «ИП Мыкычанова» чааһынай тэрилтэ арыйан үлэлии сылдьар.

Көҥдөй Дьөгүөр улахан кыыһа Кетехова Анисия Егоровна Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх Кетехов Ньукулайдыын холбоһон үс оҕолоохтор. Уола Сергей—историк, ойоҕо Софронова Луиза Дмитриевна — детдом үлэһитэ, биэс оҕолоохтор: Юрий (Александр диэн ааттаах уол оҕолоох), Егор (икки оҕолоох — Егория, Сергей), Александр (Виолетта, Кеша), Надежда (уола Сергей эдэр сааһыгар оһолго өлбүтэ), Анна (икки оҕолоох — Владислав, Ярослав).

Анисия Егоровна кыыһа Марина медсиэстэрэ үөрэхтээх, үс оҕолоох. Кыыһа Наталья оскуола учуутала, Кривошапкин Баһылайдыын холбоһон икки оҕолоох (Алена, Марианна). Марина иккис кыыһа Марианна баан үрдүк үөрэхтээх үлэһитэ, Благовещенскайдааҕы финансовай институту бүтэрбитэ. Икки оҕолоох (Дария, Тимур). Марина икки уола эдэр саастарыгар күн сириттэн күрэммиттэрэ.

Үһүс оҕо Кетехов Иннокентий Николаевич икки кыыстаах. Улахана Мария — судмед-эксперт, Стасик диэн ааттаах уоллаах. Кыра кыыһа Людмила идэтинэн юрист, үс оҕолоох: Виктория, Анна, Валера.

Дьөгүөр орто кыыһа Мария Павлов Александр Максимовичтыын холбоһон икки оҕолоох. Уола Василий олоҕун оҥостуммута да, кэргэнэ уонна уола өлбүттэрэ. Василий да уһаабатаҕа. Кыыһа Антонина убайыгар Аччыгый Миитэрэйгэ иитиллибитэ. Кэргэнэ Готовцев Иннокентий, үс оҕолоох. Фея икки оҕолоох (Дмитрий, Арина), Валентина Игорь диэн уоллаах, Дмитрий үс оҕолоох: Владлен, Снежана, Изабелла.

Көҥдөй Дьөгүөр кыра кыыһын Александратын кэргэнэ Николаев Филипп Васильевич, соҕотох Сэмэн диэн уоллаахтара өлбүтэ. Сэмэнтэн икки оҕо хаалбыта — Александра уонна Туйаара. Александра финансовай инсти- туту бүтэрбитэ, икки оҕолоох: Богдан, Элеонора. Эдэрчи сааһыгар олохтон туораабыта.

Дьөгүөр кыра уолун Аччыгый Миитэрэйин кэргэнэ Иванова Февронья Фёдоровна, бэйэлэриттэн оҕолоро суох. Үс оҕону ииттибиттэрэ — Антонинаны (Мария Мыкычанова кыыһа), Александры (убайын Миитэрэй улахан уолун), Асяны (Февронья аймахтарын кыыһа).

Василий Ильич иккис уола Спиридон (19.07.1894 с.т.) баай Корниловка иитиллибит. Ороһуга 1927 с. ыытыллыбыт демографическай биэрэпискэ Спиридон Васильевич 24 саастаах Мотрёна диэн кэргэннээҕэ, ийэтэ Павла кинилэргэ олороро бэлиэтэммит. Үс оҕолооҕо — Алексей (1912 с.т.), Екатерина (1923 с.т.), Ирина (1926 с.т.) ыйыллыбыт. Уолун Алексей сааһыттан сэдиптээтэххэ, Мотуруона кини иккис кэргэнэ буолуон сөп. Олохторо Нэгэдьээк. Елена Егоровна суруйарынан, Спиридон Васильевич өссө биир Анна диэн кыыстаах. Анна кэргэнэ Семён Иванов, оҕолоро: Пётр – түөрт, Мария үс оҕолоохтор.

Мойото Баһылай 1927 с. ыытыллыбыт биэрэпис кэнниттэн төрөөбүт кыыһа Ирина Туутчут (Туусчут?) Уйбааҥҥа кэргэн тахсан, элбэх оҕолонор — Улахан уонна Кыра Мэхээлэлэр, Федора, Евдокия, Егор. Оҕолорун араспаанньалара — Ивановтар (Е.Е. Попова).

Мыкычаан Ылдьаа кыыһа Лоппоорус Балбаара (06.10.1875 с.т.) харбалаахтар кийииттэрэ, кэргэнэ Чалбаан Хабырыыл (1874 с.т.). Хабырыыллаах Балбаара 1898 с. бэс ыйын 29 күнүгэр бэргэһэлэммиттэр, оҕолоро: Самсон (18.04.1901 с.т.), Степан (1927 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ сааһын лаппа эбэн 36-та диэбиттэр), Ольга-Бакыйа (17.05.1902 с.т.), Спиридон (1916 с.т.). Сомсуон кэргэнэ Үөһээ Бүлүү Намыттан Прокопьева Наталья (1907 с.т.), оҕолоро: Михаил (24.01.1940), Елена (10.09.1946), Виктор (17.05.1950 с.т.). Михаил Самсонович Иркутскайдааҕы университеты бүтэрэн математика учууталын идэтин баһылаабыта. Салайар үлэҕэ дьоҕурдаах буолан уһуннук оскуолаҕа үлэлээбэтэҕэ. Бастаан отделение управляющайынан, онтон оройуон сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлээбитэ. Улуус баһылыгынан талыллан эмиэ үлэлии сылдьыбыта. Кэлин сельхозтехника начальнигынан уһун кэмҥэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кэргэнэ Морозова Антонина Николаевна (1948 с.т.) идэтинэн математика учуутала, оҕолоро: Ольга (МГИМОну бүтэрбитэ), Татьяна (хирург, мед. наука кандидата).

Елена Самсоновна Иванова (эһэтин аатынан араспаанньаламмыт) кэргэнэ Кардашевскай Пётр Михайлович (1946 с.т.), оҕолоро — уола Александр чааһынай тэрилтэлээх, кыыһа Альбина — «Сардаана» фабрика технолога.

Викторы алта ыйдааҕар Ноҕоон (1868 с.т.) уола Потапов Силиип (1908 с.т.) ылан ииттибит, онон толору аата Потапов Виктор Филиппович буолбут. Ииппит ийэтэ — Николаева Ульяна Семёновна. Виктор — ССРС народнай учуутала Михаил Андреевич Алексеев үөрэнээччитэ. Республикаҕа бастакы аһыллыбыт физико-математическай кылааһы бүтэрэн баран, 1968 с. А.А. Жданов аатынан Ленинградтааҕы университет физическэй факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Билигин Россия үөрэҕириитин эйгэтигэр ыраахха диэри иһиллэр ааттаах-суоллаах учуутал, республикатааҕы лицейгэ физика учууталынан 20-чэ сыл бэрт айымньылаахтык үлэлиир. Ити кэм устатыгар физикаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы, Сибиир, Уһук Илин уонна Бүтүн Россиятааҕы олимпиадалар кыайыылаахтарын, призёрдарын иитэн-такайан бэлэмнээн таһаарда. Кини 400-тэн тахса үөрэппит оҕолоро дойду бастыҥ кыһаларыгар үөрэнэн бүтэрэн, республика бөдөҥ компанияларыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Олор истэригэр учуонайдар кытта бааллар. Виктор Филиппович — РФ уонна СР үтүөлээх учуутала, СР үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ кавалера, иккитэ «РФ бастыҥ учуутала» диэн күрэхтэһии кыайыылааҕа, СР М. А. Алексеев аатынан государственнай бириэмийэтин, Сорос гранын сэттэ төгүллээх, Д.Зимин «Династия» фондатын түөрт төгүллээх лауреаттара, «Учительская Слава» кыһыл көмүс бэлиэ кавалера. «Дьоҕур» уопсастыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, 35 публицистическай уонна методическай ыстатыйалар ааптардара. Виктор Филиппович олоҕун аргыһа Татьяна Иннокентьевна Михайлова Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх. Потаповтар биэс оҕолоохтор, алта сиэннээхтэр. Орто кыыстара Саргылаана — математик, ХИФУ математикаҕа институтун биир сүрүн үлэһитэ, физико-математическай наука кандидата, кыыһа Айыына сэттэ саастаах.

Чаалбааннарга төннөбүт. Степан — Чалбааннар бастакы уоллара буолуон сөп, кэргэнин биэрэпискэ Парасковья (1896 с.т.) диэн суруйбуттар, ким кыыһа буоларын ыйбатахтар. Түөрт саастаах Варвара (эбээтин аатын биэрбиттэр) диэн кыыстаахтарын эрэ бэлиэтээбиттэр. Е.Е. Попова Степаны оҕото суох этэ диэн суруйбут. Ииттибит кыыстара Варвара – Ороһуттан Дьуккаах Сэмэн кыыһа, кэргэнэ Тобуроков Игнатий Николаевич (поэт Пётр Николаевич быраата). Оҕолоро суох. Хабырыыллаах Балбаара кыыстара Ольга-Бакыйа кэргэнэ — Харбалаахтан Сэмэн Кузьмин (1876 с.т.). Дьоно Сэмэни абааһыттан куоттаран (муннаран) Хара Кыыс диэн ааттаабыттар. Хара Кыыс бастакы кэргэниттэн Маарыйаттан Парасковья (1910 с.т.), Александра (1914 с.т.), Илья (1920 с.т.) диэн оҕолордооҕо биллэр. Онтон Ольгаттан Елизавета диэн ааттаах кыыстаах.

Спиридон — Чалбааннарга иитиэх уол (аҕата Лоҥхо Ньукулай), уһун кэмҥэ оскуола дириэктэринэн үлэлээбитэ. Кыыһын Анастасиятын кэргэнэ Фёдоров Иван Иванович, биэс оҕолоохтор: Людмила (4 оҕолоох), Юрий (4 оҕо), Борис, Уля (2 оҕо), Спиридон (3 оҕо).

Аны Сүөкэптэр утумнарын эридьиэстиибит. Егор Сёковы 1927 с. Харбалаах нэһилиэгэр ыытыллыбыт биэрэпискэ сааһын 80-на диэбиттэр (сааһын эбэн суруйбуттар быһыылаах диэн сэрэйэбит). Икки оҕотун Анна (1901 с.т.), Степан (1906 с.т.) ааттара испииһэккэ киирбит. Оҕолорун миэтирикэлэриттэн сирдэттэххэ, Егор Сёков кэргэнэ Варвара Ильина. Елена Егоровна суруйарынан, Варвара — Илья Мыкычаанап кыыһа. Миэтирэкэлэрэ көстүбүт оҕолорун ааттара манныктар: Ефросинья (22.06.1892 с.т.), Елисей (07.05.1895 с.т.), Георгий (20.04.1897 с.т.), Ольга (23.06.1902 с.т.), Степан (03.09.1905 с.т.). Ефросинья Егоровна филолог учуонай Г.Р. Кардашевскай (1916 с.т.) ийэтэ. Георгий Романович араспаанньата уонна аҕатын аата иитиллиитинэн барбыт (А.Н. Павлов-Дабыл). Төрөппүт аҕата Александр Егорович Жендринскэй (1887 с.т.), олоҥхоһут, ырыаһыт, оһуокай таһаарар үҥкүүһүт эбитэ үһү. Сэллик ыарыыттан аҕата баара эрэ 38 саастааҕар 1925 с. өлбүт. Ефросинья Егоровна кэргэнэ Александр өлбүтүн кэннэ иккиһин Роман Кардашевскайга кэргэн тахсар уонна уолун кини аатынан суруйтарбыт.

Георгий Романович 1937 с. Дьокуускайдааҕы педтехникуму үөрэнэн бүтэрэн, Хаһааччыйаҕа тиийэн үс сыл онно орто оскуола дириэктэринэн үлэлээбит. Ол сылдьан, Арҕаа Хаҥалас Хачыкаатыттан төрүттээх С.Г. Павлов уонна К.А. Зыбина кыыстарын Калиста Семёновнаны (1917 с.т.) кэргэн ылар. Бастакы кыыстара Люба онно төрөөбүт уонна кыратыгар ыалдьан өлбүт. Ол кэнниттэн биэс кыыстаналлар: Галина (1942 с.т.), Валентина (1945 с.т.), Альбина (1947 с.т.), Ефросинья (1949 с.т.) уонна Елена (1952 с.т.). Галина, Ефросинья, Елена — идэлэринэн учууталлар, Валентина — суруналыыс, оттон Альбина — тутааччы.

Г.Р. Кардашевскай 1940 с. Дьокуускайдааҕы пединститукка үөрэнэ киирэр, ол кэнниттэн дойдутугар Үөһээ Бүлүү Ороһутугар учууталлыыр, кэргэнэ Калиста Семёновна олохтоох медпууҥҥа биэлсэринэн үлэлиир. 1959 с. Элгээйи орто оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлии сырыттаҕына СГУ ректора А.Е. Мординов ыҥыран, Георгий Романович саха литературатын кафедратыгар старшай преподавателинэн үлэҕэ киирбит. Кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ, кафедра сэбиэдиссэйигэр тиийэ үүммүтэ. 1971 с. пенсияҕа тахсан баран, РСФСР үөрэҕин министиэристибэтин национальнай оскуолаларын научнай-чинчийэр институтун Саха сиринээҕи салаатын старшай научнай сотруднигынан үлэҕэ киирбитэ. Үөрэх үгүс программаларын, элбэх ахсааннаах учебниктары оҥорсубута. 1995 с. от ыйын 25 күнүгэр 79 саастааҕар ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.

Сүөк Ыстапаан кэргэнэ Меланья Игнатьевна Саввинова, оҕолоро: Владимир, Егор Сековтар, Николай Степанович Егоров. Меланья (01.03.1916 с.т.) төрөппүт дьоно кимнээхтэрий? Нэһилиэккэ 1902, 1927 сс. ыытыллыбыт биэрэпистэргэ, таҥара дьиэлэрин миэтиричэскэй кинигэлэригэр олоҕурдахха, Меланья ийэтэ Акулина уонна аҕата Игнатий Дьаҕыһыйа Уус Ороһу төрүт олохтоохторо эбиттэр. Игнатий Саввинов (1891 с.т.), сурукка киирбитинэн, түөрт бииргэ төрөөбүттээх: Василий (1884 с.т.), Гаврил (05.02.1886 с.т.), Тихон (1894 с.т.) уонна Анна (1899 с.т.). Ийэтэ Акулина (16.02.1892 с.т.) — Ефим Сергеев уонна Матрёна Дмитриевна (1849 с.т.) маанылаах кыра кыыстара. Бу ыал биэс оҕолоохторо биллэр: Михаил (03.01.1872 с.т.), Мария (18.11.1874 с.т.), Екатерина (20.10.1876 с.т.), Евдокия (1880 с.т.). Бачча суруйан баран, Меланья докумуоннарга көстүбүт бииргэ төрөөбүттэрин манна эмиэ киллэрэбит — Ефросинья (24.09.1914 с.т.), Нестор (09.02.1915 с.т.), Михаил (17.07.1917 с.т.), Дария (20.02.1920 с.т.).

Сүөк Ыстапаан уола Дьөгүөссэ (1944 с.т.) кыра эрдэҕиттэн физикаҕа, математикаҕа ураты дьоҕурдааҕа. ССРС норуодунай учууталын М.А. Алексеев тапталлаах үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ этэ, онуска үөрэнэ сылдьан математикаҕа Бүтүн Россиятааҕы олимпиадаҕа кыттан бастаабыта. Анал ыҥырыынан Новосибирскайдааҕы университекка үөрэнэн испитэ, онтон учууталлаан, армияҕа сулууспалаан баран, Москватааҕы Ломоносов аатынан университекка үөрэнэн физик-магнитолог идэтин ылбыта. Уларытыы тутуу сылларыгар кини олус тахсыылаахтык, дьонун-сэргэтин санаатын иһинэн үлэлээбитэ-хамсаабыта, инники күөҥҥэ сылдьыбыта, дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыта. Биир дойдулаахтара 1990 с. 12-с ыҥырыылаах СР Үрдүкү Сэбиэтин депутаатынан талбыттара. Кини Үрдүкү Сэбиэккэ үлэлиир сылларыгар айылҕа харыстабылын кэмитиэтин чилиэнэ, Бүлүү эбэтин туһааннаах сокуону онорон көмүскээччи этэ. Сир аннынааҕы ядернай эһиилэр Саха сиригэр эмсэҕэтиилээхтэрин итэҕэтиилээхтик дакаастаабыта. Бааһынай хаһаайыстыба ассоциациятын бэрэссэдээтэлинэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кэлин, олоҕун бүтэһик сылларыгар чааһынай тэрилтэ тэринэн үлэлээбитэ (В.Г. Кардашевская. Туругур! Здравствуй! — Якутск, 2007. — С. 12-20). Егор Степанович кэргэнэ Васильева (Секова) Клара Федотовна (1944 с.т.) идэтинэн биология учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ кавалера. Кинилэр үс оҕолоохтор: Милана (1972 с.т.), Андрей (1974 с.т.), Людмила (1976 с.т.). Улахан кыыһа Милана Егоровна — педагогическай наука кандидата.

Сүөк Дьөгүөр, аймахтара сэрэйэллэринэн, Яков-Баһырҕас диэн уоллаах быһыылаах. Кини ыалга иитиллэн Дьөгүөр уола буоларын дьон соччо-бачча билбэт эбит. Харбалаах нэһилиэгэр 1927 с. ыытыллыбыт демографическай биэрэпискэ 153 нүөмэринэн 93 саастаах Николай Иванов дьиэ кэргэнин испииһэгэр киирбит. Кэргэнин сааһын 70-на диэбиттэр, 25-тээх Яков, 12-лээх Семён, 10-наах Марина диэн оҕолордоохторун ыйбыттар. Оҕолорун араспаанньаларын Ивановтарынан суруйбуттар. Саастарынан уонна аймахтыыларынан аттардахха Яков кинилэр ииттибит уоллара буолан тахсар. Дьаакып кэргэнэ Нина Филипповна, оҕолоро: Ефросинья, Валентина, Людмила, Светлана, Артур, Альберт.

Сүөк Дьөгүөр кыыһа Анна, 1927 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ Евдокия (1926 с.т.) диэн ааттаах кыыстааҕа суруллубут. Кини кэлинҥи дьылҕата биллибэт.

Мыкычаан Ылдьаа биир Балбааратын (сахалыы аата Хабах) Елена Егоровна Дьуккаах ийэтэ диэбит. Кырдьык Ороһу нэһилиэгэр Семён Ильинов, Дьуккаах диэн сахалыы ааттаах киһи, олоро сылдьыбыта докумуонунан бигэргэнэр. Кэргэнэ Ефросиния Данилова, уола Пётр (17.06.1916 с.т.). 1927 с. биэрэпискэ Семён араспаанньата Насыров, сааһа 40-на, кэргэнэ Ефросиния 36-та, оҕолоро: Пётр — 11-дээх, Ульяна — 9-таах, Мария — 8-таах диэн суруллубуттар. Е.Е. Попова оҥорбут төрүччүтүгэр олоҕурдахха, Настаа уонна Балбаара биэрэпис кэнниттэн төрөөбүттэр диэн сабаҕалаабыт.

Такаатта Ульяна — Мыкычаан Ылдьаа бэһис оҕото. Бигиэс аҕатын ууһуттан төрүттээх сэттэ оҕолоох Хонтууска (Ороһу) улахан уолугар Фёдорга сүктэн барбыт. Фёдор сахалыы аатын араастаан суруйаллар: Биэчэрэ, Бүөчэрэ. Уйбаан Ороһуунускай, Елена Попова Сүөдэр араспаанньатын Тимофеев дииллэр эбит. Оттон биэрэпистэргэ Хонтууска Ньукулай уола диэн суруйаллар. Онон араспаанньата Николаев диэнинэн сурукка киирэн үйэтийбит. Биэчэрэ үрдүк уҥуохтаах, уурбут-туппут курдук эттээх-сииннээх, сытыы, күүстээх киһи эбит. Киһи быһыытынан сымнаҕас, туохха да уолуйбат үтүө майгылаах киһи кэрэмэһэ буолар. Биэчэрэ аатырбыт олоҥхоһут, оһуохайдьыт уонна остуоруйаһыт эбит. Нэһилиэк үөрүүлээх күннэригэр оскуолаҕа ыҥыран олоҥхолотор, остуоруйалатар эбиттэр (У.Ороһуунускай). Ороһу нэһилиэгэр 1902 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ (СР НА 22 ф., 1 оп., 2650 дь.) суруллубутунан, Бикиэс (Бигеский род) аҕатын ууһун киһитэ Николай Прокопьев-Хонтууска Ньукулай үс уоллаах: Фёдор-Вечеря (1864 с.т.), Василий (1877 с.т.), Данил (1886 с.т.). Ойоҕо Мария киниттэн 13 сыл балыһа бэлиэтэммит. Икки улахан уолаттара олохторун оҥостуммуттар. Биэчэрэ Сүөдэр кэргэнэ Ульяна сааһынан эриттэн икки сылынан аҕа, оҕолоро: 17-лээхХаритина, 14-тээхПётр (1888 с.т.). Оҕолорун көстүбүт миэтирикэлэригэр төрүччү (Харитина (06.06.1887 с.т.), Пётр (10.06.1888), Меланья (01.06.1891 с.т.) Ульяна араспаанньатын Ильина диэн суруйбуттара, ити кини Илья Мыкычанов кыыһа буоларын бигэргэтэр.

1927 с. демографическай биэрэпискэ Харитина Фёдоровна кэргэнин Таҥастыйа Пётр (1872 с.т.), оҕолорун Агафия, Прасковья диэн суруйбуттар. Оттон кини төрөөбүттэрин туһунан миэтирикэлэрэ көстүбүт түөрт кыыстаах: Агафия (01.12.1911 с.т.), Евдокия (15.02.1914 с.т.), Христина (27.12.1916 с.т.), Параскева (02.09.1919 с.т.). Ити биэрэпискэ Биэчэрэ уолун Бөтүрүүскэни толору аатынан Тимофеев Пётр Фёдорович диэн киллэрбиттэр. Итинтэн ыла сурукка-бичиккэ Тимофеев диэн араспаанньанан киирэр буолбут. У.Ороһуунускай суруйарынан: «Саха норуотун уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаалын — олоҥхону истэн улааппыт Бөтүрүүскэ өй-санаа, күүс-уох өттүнэн ситэн- хотон модун санааланан улааппыта. Аҕатын курдук үрдүк уҥуохтааҕа, кэрэ сэбэрэлээҕэ. Кини саната бөдөҥө, тылы үчүгэйдик билэрэ, онуоха эбии айылҕаттан талааннаах буолан олоҥхото истээччилэригэр ордук тиийимтиэ. Кини оһуохайа үҥкүүгэ эттэҕинэ дьүрүһүтэн, энсэн, тыла ууһунан, кэрэтинэн уһулуччу этэ дииллэр. Уутугар-хаарыгар киирдэҕинэ кини обургу кэдэрги тартаран, көрөн-истэн иһэрэ бу баарга дылы диэн кырдьаҕастар ахталлар. Кэнники кэмҥэ Ньурба улууһун улуу этээччитэ Ньукуттаҕа маарынныыра үһү. Аата-сураҕа тарҕанан атын нэһилиэктэр ыҥыран олоҥхолотоллор эбит. Ыһыахтарга ынырыыга сылдьар үтүө оһуохайдьыта үһү. Кэлбит-барбыт айан дьоно хонон-өрөөн сытан кини олонхотун истэллэрэ» (Ороһу нэһилиэгэ. — Дьокуускай, 2007. — С. 138-139).

Бөтөрүүскэ 1907 с. сэтинньи 14 күнүгэр 16 саастаах Акулина Григорьеваны (Ороһу) кытта бэргэһэлэммитин туоһулуур докумуон архыыпка харалла сытар эбит. 1927 с. биэрэпискэ үс оҕолорун ааттара киирбит — Мария (1918 с.т.), Игнат (1920 с.т.), Пётр (1922 с.т.). Манна эбии миэтирикэтэ көстүбүт Меланьяны (30.08.1916 с.т.) киллэрэбит.

Мыкычаан Ылдьаа кыра кыыһын Аана туһунан суруйарбыт кэмчи. Е.Попова Аана кэргэнин Өрөҕө, кыргыттарыттан — биирдэстэрин (Хочуннара) уола Куонаан, иккиһин 2 кэргэнэ Степан Кардашевскай-Быралгы диэн суруйбут. Архыып докумуоннарын кытта тэҥнээн көрөбүт. Нэһилиэккэ 1927 с. ыытыллыбыт демографическай биэрэпискэ Өрөҕө аата киирбит, сааһын 75 диэбиттэр. Анна (1897 с.т.) диэн ааттаах кыыһын кытта олороро ыйыллыбыт. Спиридон Васильев (1864 с.т.) кэргэнин Анна Ильинаны кытта 1891 с. бэс ыйын 3 күнүгэр бэргэһэлэммиттэр, миэтирикэлэрэ көстүбүт икки кыыстаахтар

  • Анастасия (05.10.1898 с.т.), Христина (01.01.1900 с.т.). Куонаан (1933 с.т.) ийэтэ, биһиги сабаҕалыырбытынан, орто кыыс Анна-Хочуннара буолуон сөп курдук. Аҕата Савва Васильев туһунан билиибит суох. Куонаан кэр- гэнэ Фёдорова Александра Ивановна (1920 с.т.)
  • Мэйиктэн төрүттээх Холоруктуур Уйбаан кыыһа. Уйбаан толору аата—Иван Фёдорович Ксенофонтов (Степанов), Александра — кини үһүс ойоҕуттан Аграфенаттан кыыһа.

Куонааннаах үс оҕолоохтор: Спиридон (1955 с.т.), Зоя (1960 с.т.), Капитон (1963 с.т.). Уолаттартан утуму салгыыр ыччат суох.

Зоя Кононовна идэтинэн медсиэстэрэ, үс оҕолоох. Улахан уола иитиллибитинэн Лазарев Айаал Петрович (19.03.1986 с.т.) — ыарахан ыйааһынҥа аан дойду биир биллэр бөҕөһө, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Саха сирин алта, Киргизия биэс төгүллээх чемпиона, Азия түөрт төгүллээх чемпиона уонна призёра, устудьуоннарга Россия чемпиона (2008), араас таһымнаах турнирдар (Россия, Турция, Иран, Белоруссия, Испания) кыайыылааҕа уонна призёра.

Зоя Кононовна кыыһа Александра Андреевна (1984 с.т.) Үөһээ Бүлүү Намын орто оскуолатын төрүт култуураҕа учуутала, кэргэнэ Егоров Пётр Васильевич, икки оҕолоохтор. Тихон Александрович (1993 с.т.) СГУ ИТФ-тын бүтэрбитэ, билигин идэтинэн үлэлии сылдьар.

М.П. ГРИГОРЬЕВ.

Күрүлгэн. – 2016. – № 4- С. 75-81.

 

       Г. Р. Кардашевскай аҕатын төрүттэрин туһунан бэйэтин ахтыыта: “XVIII үйэ ортотун диэки Кындыл Уйбаан христианскай итэҕэли ылыммыт (Харбалаахха төрөөн-үөскээн ааспыт киһи). Кындыл соҕурууттан кэлбит нуучча, көссүүнэн саха дьахтарыгар Үчүгэй кыыска (Эмээхсиҥҥэ) оҥорбут уола үһү. Кындыл Уйбаан Тимофеевич уон биир оҕотуттан Огдооччуйа диэн кыыһа Харбалаахха Томскай Охонооһой (Атаака) диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Кинилэр кыстык дьиэлэрэ Илин Баска, сайылыктара Улуу Сыһыыга эбит. Атаака Охонооһойдоох Василий Афанасьевич Кардашевскай диэн күүстээх-уохтаах уолламмыттар. Кини бастакы кэргэниттэн Михаил Ва­сильевич Томскай төрөөбүт.

Мэхээлэ оҕолоро:

  1. Чөкө Сүөдэр — оҕото суох.
  2. Анна Михайловна (Ноокос) 100 сааһын туолан баран өлбүт. Кини Нам киһитигэр Токурууса Уйбааҥҥа кэргэн буолан уон үс оҕону төрөөбүтүттэн биэс оҕо ордубут:
  3. Софья (Чыычаах).
  4. Сергей Иванович Кардашевскай (Хоноһо).
  5. Мария Ивановна Каменева (Иванова), улуус бочуоттаах медигэ.
  6. Александра Ивановна Кардашевская, үтүөлээх зоотехник.
  7. Василий Иванович Кардашевскай — эдэригэр өлбүт.

Василий Афанасьевич Томскай иккис кэргэнэ Нам нэһилиэгин Ытаҥа Киргиэлэй кыыһын Сыччыы диэни ылбыта, оҕоломмотох. Үһүс кэргэнэ Золотаревтар кыыстарыттан Томскай Николай (Татаар) уонна Бочоох Огдооччуйа диэннэр төрөөбүттэр. Татаар икки кыыһыттан оҕо суох. Бо­чоох Огдооччуйа икки уоллаах:

  1. Таракаан Баһылай.
  2. Уйбаан Томскай (Устуунап).

Уйбаан Устуунаптан үс кыыс:

  1. Елена (Семен Павлович Васильев-Атыйах кэргэнэ).

2. Мария (Спиридон Ионович Иванов-Хабаахап кэргэнэ).

  1. Прасковья — ветсанитар.

Василий Афанасьевич Томскай төрдүс кэргэнин, Балаҕаннаахтан Киргиэлэй оҕонньор кыыһын Устиньяны, эргэ барбатах кыыс-дьахтары ылбыт. Былыргы сокуон быһыытынан, төрдүс кэргэн буолан бэргэһэлэммэтэх. Онон сокуоннайа суох кэргэн диэн буолбут. Кинилэртэн түөрт оҕо төрөөбүт:

  1. Молоо Мэхээлэ.
  2. Саанньа Дабыыт (Жендринскэй Давыд), Ачалык Дьөгүөр ииппит, Г. Р. Кардашевскай аҕата.
  3. Чоорооно Ньукулай.
  4. Бискэх Өкүлүүнэ.

Кындыл Уйбаантан төрүттээх саха киэн туттар дьоно:

  1. Бараах Уйбаан удьуоруттан — Исидор Никифорович Барахов — революционер.
  2. Бөгдьөөн Миитэрэй удьуоруттан — Ноттосов Дмитрий Алексеевич, н/х үтүөлээх үлэһитэ, Тумусов Федот Семенович — философ, экономическай наука доктора, Гос. Дума депутата (2007 с.).
  3. Тугутук Өлөксөй удьуоруттан — Иван Гоголев — Кындыл Уйбаан — народнай поэт.
  4. Александра удьуоруттан — Василий Сивцев — поэт, Иннокентий Егорович Томскай — экономическай наука доктора, академик, уола — Михаил Иннокентьевич — медицинскэй наука доктора.
  5. Кыйыкаат Маарыйа удьуоруттан — Николай Якутскай — народнай суруйааччы.
  6. Огдооччуйа удьуоруттан — Г. Р. Кардашевскай — филологическай наука кандидата, литературовед учуонай.

Попова-Харабынова Е. Е. Балаҕаннаах – төрүт сирбит.- Дьокуускай: Дани-Алмас, 2008.- С. 213-214.