Егоров Яков Петрович

Дьиҥнээх аанньал этэ

Яков Петрович Егоров 1914 сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр Кэнтик нэһилиэгэр үөрэҕэ суох тыа бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, бииргэ төрөөбүт убайыгар, республикаҕа киэҥник биллибит юрист Алексей Петрович Егоровка иитиллэн үөрэнэр уонна үлэһит буолар кыахтаммыта. Яков сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы фельдшерскэй-акушерскай оскуоланы туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитин кэннэ, сонно тутатына Иркутскайдааҕы медицинскэй институкка баран үөрэммитэ уонна ол институту 1940 с. ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Үөрэҕин кэнниттэн бастаан Бүлүү Мастааҕар, онтон Өлөөн улууһугар враһынан 5 сыл үлэлээн баран төрөөбүт дойдутугар 1946 сыллаахха кэлэн, оройуоннай балыыһаҕа түөрт сыл враһынан үлэлээбитэ. Онтон Сунтаар улууһугар баран, Элгээйи, Тойбохой балыыһаларыгар сэбиэдиссэйинэн, враһынан 6 сыл үлэлээбитэ. Онтон 1956-1963 сс. оройуон кылаабынай враһынан өрө таһаарыллан үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн Ньурба улууһугар 1963-1969 сс. эмиэ кылаабынай враһынан үлэлээбитин кэннэ, доруобуйа харыстабылын министерствотыгар райисполком туруорсан, бэйэбит улууспутугар кылаабынай враһынан 1969-1973 сс. үлэлиирин ситиспиппит.

Яков Петрович дойдутугар кэлэн улахан өрө көтөҕүллүүлээхтик, ициативалаахтык, улуус салалтатын, бары үлэһиттэрин астыннарар курдук, эмп үлэһиттэрин барыларын күүстэрин, дьоҕурдарын түмэн, тэрийэн, киэҥ далааһыннаахтык үлэлээбитэ.

Яков Петрович дэгиттэр идэлээх врач этэ: терапевт, гинеколог, хирург, фтизиатр идэлэрин баһылаабыта. Кылаабынай враһынан үлэлиир бириэмэтигэр улууска доруобуйа харыстабылын сүһүөҕэр туруорууга бэрт элбэҕи оҥорбута. Бастатан туран, эмп үлэһиттэрин хас да көлүөнэ кадрдарын үөрэттэрэн бэлэмнээһиҥҥэ ураты болҕомтотун уурбута. Улуус дьоҕурдаах ыччаттарын бэлиэтии көрөн, врач идэтигэр үөрэттэриини тэрийбитэ. Кинилэртэн үгүстэрэ үрдүк идэлээх врачтар, медицинскэй наука кандидаттара буолбуттарын, СГУ- га сэллик институтугар, эмп научнай киинигэр уонна республика араас улуустарыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларын билэбит, истэбит.

Кылаабынай врач быһыытынан биһиги улууска үлэлиир сылларыгар кини үлэтин стилин сүрүн уратытынан — маассаны уонна бары тэрилтэ салайааччыларын кытта ыкса сибээстээхтик, кинилэр көмөлөрүгэр, өйдөбүллэригэр тирэҕирэн үлэлиирэ. Онон эмп тэрилтэлэрин үлэлэригэр олохтоох нэһилиэктэр, колхозтар, тэрилтэлэр салайааччыларын көмөлөрүн тэрийиини ситиһэрэ (оттук мас бэлэмнээһиҥҥэ, өрөмүөннэр үлэлэригэр). Киниэхэ бас бэринэр үлэһиттэрэ хайдах үлэлииллэрин, ыарыһахтарга сыһыаннаһыыларын күннэтэ хонтуруоллуура. Үлэтин да бириэмэтигэр, үлэ чааһын да кэнниттэн балыыһаларга сылдьан, ыарыһахтары кытта кэпсэтэрин, сүбэлиирин-амалыырын сөбүлүүрэ, онон ыарыһахтар дууһаларын тутара, санааларын көтөҕөрө. Врачтар, атын да үлэһиттэр итэҕэстэрин тутатына көрөн, көннөртөрөр дьаһаллары ылан иһэр буолара.

Яков Петрович кылаабынай врач быһыытынан үлэһиттэрин билиилэрин, идэлэрин үрдэтиигэ сыламтата суох үлэлиирин таһынан, политическай уонна теоретическай бэлэмнээх коммунист буолан, балыыһа коллективын үлэһиттэригэр солбуллубат пропагандист быһыытынан уһуннук үлэлээбитэ, үлэһиттэри идейнэй-политическай иитиигэ тиһигин быспакка үлэлиирэ. Ол коллективка дьиссипилиинэни, бэрээдэги бөҕөргөтүүгэ, үлэҕэ эппиэтинэһи үрдэтиигэ көмөлөһөрүн билэрэ. Яков Петрович норуот доруобуйатын араҥаччылааһыҥҥа өр сыллаах түмүктээх үлэтэ Правительствонан үрдүктүк сыаналаммыта — ССРС Үрдүкү Советын Президиумун 1971 сыл атырдьах ыйын 16 күнүнээҕи ыйааҕынан Ленин орденынан наҕараадаламмыта, СР уонна РФ үтүөлээх враһын бочуоттаах аата иҥэриллибитэ. РФ персональнай пенсионера буолбута.

Родион ИЛЬИН,

үлэ, тыыл ветерана, улуус бочуоттаах гражданина

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат, 1995 с., от ыйын 27 к.