Үөһээ Бүлүү оройуона тэриллибитэ 85 сылын көрсө улуус библиотекаларын ситимин иһинэн, быйылгы 2019 сылы – “Кыраайы үөрэтии уонна библиография сылынан” биллэриллибитэ. Сыл устата араас хабааннаах үлэлэр ыытыллан кэллилэр.
Ол курдук олус туһалаах кыраайы үөрэтэр авто-десант Илин Эҥээр улуустарга айымньылаах айана буолла. Үөһээ Бүлүү киин библиотекатыттан 12 буолан от ыйын 1-6 күннэригэр 7 күннээх айаҥҥа турунан, биэс улууска — Уус-Алдан, Таатта, Чурапчы, Амма, Мэҥэ-Хаҥалас улуустарыгар сырыттыбыт. Айар тыл аҕалара – суруйааччылар, судаарыстыбаннай деятеллэр, биллиилээх улуу дьоннор төрөөбүт, олорбут сирдэригэр сылдьан, үтүө ааттарыгар сүгүрүйэн, түмэллэригэр харалла сытар туттубут малларын илэ көрөн, элбэҕи билэн өй-санаа өттүнэн байан-тайан кэллибит.
Ону сэргэ бэйэбит улууспут киэҥ историятын, биллиилээх дьоннорун, суруйааччыларын сырдаттыбыт, хайа да улууска тиийдэххэ үөһээ бүлүүлэри кытары ситимниир история чахчылара баар буолан иһэллэр. Холобур, П.А. Ойуунускай бииргэ төрөөбүт балта М.А.Слепцова Өргүөт нэһилиэгэр кийиит буолан кэлбитэ, кини оҕолоро манна удьуордарын тэнитэллэр. А.Е. Кулаковскай Аһыкай нэһилиэгэр 1908 сыллаахха кэлэн үс сэргэни туруорбутун, кини уола Реас кулуба Потапов дьиэ кэргэнигэр олорон күн сирин көрбүтүн билэбит, кулуба Д.А. Лебедкин уола А.Д. Лебедкин Дүпсүн кулубатын А.П. Афанасьев хаан удьуорун кыыһын кэргэн ылан дьоллоохтук олорбуттара, саха уһулуччулаах интеллигенциятын ортотугар үлэлээбитэ.
Сылдьыбыт сирбит ахсын биир идэлээх коллегаларбыт итии чэйдээх, толору астаах остуолу тэрийэн, үлэбит тула санаа атастаһан, үөрүйэҕи үллэстэн, тото кэпсэтэн тарҕастыбыт.
Бастакы сылдьыбыт сирбит Суотту буолла. Манна биһигини библиотека сэбиэдиссэйэ Черкашина Р.Н., Мохноносова А. А. уонна Осипова И. А. уонна Хоноҕор библиотекатын заведующайа көрүстүлэр. С.С. Васильев Борогонскай аатынан музейга сырыттыбыт.
Суоттуга Суорун Омоллоон төрүттээбит аһаҕас халлаан анныгар история уонна архитектура «Доҕордоһуу» музейын комплексыгар үрдүттэн хонон-өрөөн сытан көрдүбүт. Бэрт интэриэһинэй лекцияны иһиттибит, экспозициялары сөҕө көрдүбүт. Бу «Доҕордоһуу» комплекс 1992 сылтан республикаҕа ураты харыстанар сиринэн буолар.
Тааттаҕа Ытык Күөлгэ уонна Чөркөөххө биир дойдулаахпыт Кырыкый нэһилиэгиттэн төрүттээх, поэт Василий Алексеев кэргэнэ Екатерина Ивановна уонна “Далбар” айар түмсүү далбардара кыынньыбыт быырпаҕынан, арыылаах алаадьынан, ырыанан-тойугунан, истиҥ кэпсээнинэн көрүстүлэр. Екатерина Ивановна кэргэнигэр Василий Андреевичка анаан музей-балаҕан туттаран киллэрбит.
Платон Ойуунускай төрөөбүт, улааппыт ураты тыыннаах ытык алааһыгар хааман, үөскээбит балаҕаныгар, үөрэммит оскуолатыгар сылдьар наһаа долгутуулаах буолла.
Айылҕа саамай тупсан турар кэмигэр күөрэгэй ырыатын доҕуһуолугар тиийэн Ойуунускай “Бырастыы” хоһоонун олус долгуйан туран аахтыбыт. Күнүс Чөркөөхтөөҕү музей-комплекс хас да обьегы кытта билистибит. Бу аһаҕас халлаан анныгар турар историко-мемориальнай музей –комплекыһы народнай суруйааччы Суорун Омоллоон иилээн-саҕалаан, Таатта улууһун олохтоохторун күүһүнэн, Саха сирин мас зодчествота Таатта үрэх аттыгар 11 га сири тэнийэн дьон-сэргэ көрүүтүгэр оҥоһуллубут уонна 1977 сыллаахтан арыллан үлэтин саҕалаабыт.
Манна Тааттаттан эрэ буолбакка Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Амма улуустарыттан көһөрүллэн кэлбит былыргы тутуулар биир сиргэ түмүллэн тураллар. 20-н тахса обьекка 3 тыһыынчаттан тахса экспонат баар. Дьоннор олус сыаналаах, былыргы экспонаттары аҕалан туттарбыттар.
Биһиги политсысыльнайдар В.Ф. Трощанскай, Э.К.Пекарскай, В.М. Ионов, В.Г. Короленко, П Алексеев ссылкаҕа олорбут балаҕаннарын, олохторун-дьаһахтарын, туттубут малларын кытта чугастык билистибит. Маны сэргэ Трощанскай, Ионов олорбут балаҕаннара, Ионов-Дьуона учуутал үлэлээбит оскуола-балаҕаннара бааллар.
Бу музейдарга киһи көрөрө-истэрэ оччотооҕу политссыльнайдар хайдах олорбуттара толору арыллар. Политсыльнайдар Трощанскай, Ионов, Короленко аймахтара эбии экспонаттары ыытан музей историятын эбии хаҥаппыттар.
Бу саха сирин кэпсиир историческай музей комплекстары сүүрэн-көтөн туруорсан кэлэр көлүөнэҕэ, бүтүн саха норуотугар, ону ааһан Россияҕа биир кэрэ, элбэх үөрэтэр-биллэрэр баайдаах нэһилиэстибэни оҥорон хаалларбыт сүдү муударай өйдөөх-санаалаах Саха Саарыныгар – Д.К. Сивцев- Суорун Омоллоон, кини үлэтин үйэтитэн салгыы айа-тута, үлэлии сылдьар бары музей үлэһиттэригэр “Краеведческай десант” аатыттан барҕа махталбытын биллэрдибит.
Айаннаан киэһэ Аммаҕа тиийдибит. Улуустааҕы библиотекаҕа тиийбиппитигэр директор Макарова С.Е. көрүстэ. Амма кэрэ – бэлиэ миэстэлэрин: Амма өрүс скверыгар,-Сахааччаҕа анаммыт музейга, Чакыр турбазаҕа хоннубут. Сарсыарда 11 чааска саҥа тутуллубут стадиоҥҥа кэлэн выставкалары көрдүбүт, Оттон Амматааҕы кииннэммит библиотечнай ситим сэбиэдиссэйэ С. Е. Макарова оонньууларга бэлэмнэнэн быыстапка улахан саалатыгар “Об Амге с любовью”, “Албан албан ааттаахтара”, “Амга спортивная” быыстапкалары оҥорбуттар.
Күннүк Уурастыырап аатынан Амма улуустааҕы библиотекатыгар биир идэлээхтэрбитин уонна айар түмсүү чилиэттэрин кытта “Айар тыл абылаҥа, уран тыл умсулҕана” көрсүһүү буолла. Биһиги Үөһээ Бүлүүбүт суруйааччыларын хоһооннорунан композиция оҥорон ааҕан иһитиннэрдибит. Бу көрсүһүүгэ поэт Семен Харитонов ыалдьыттаата, хоһооннорун аахта. Маны сэргэ “Айар абылаҥ” айар түмсүү чилиэннэрэ бэйэлэрин хоһооннорун аахтылар,үлэлэрин-хамнастарын кэпсээтилэр.
Хас сылдьыбыт библиотекаларбытыттан улуус историятын, биллиилээх дьоннорун тустарынан уонна суруйааччыларын тустарынан кинигэлэри бэлэхтээтилэр. Биһиги эмиэ илии тутуурдаах,өттүк харалаах баран бэйэбит улууспут туһунан тахсыбыт кинигэлэри бэлэхтээтибит. Онон кэлэрбитигэр бу 5 улуус саҥа тахсыбыт 50-чаҕа тиийэр кинигэлээх кэллибит.
“Кыраайы үөрэтии уонна библиография сылын” чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин историятын үөрэтэр, нэһилиэк туһунан тахсыбыт материаллары мунньан системалыыр сыалтан библиографическай ыйынньык конкурса сылы быһа ыытыллынна. Нэһилиэктэр историяларыгар ананар библиографическай ыйынньык бэлэмнээһинигэр “Бастыҥ кыраайы үөрэтэр биобиблиографическай ыйынньык” күрэххэ барыта 14 үлэ киирбититтэн:
Бастакы группаҕа:
1 миэстэ-Нам, Өргүөт модельнай библиотекалара, сэбиэдиссэйдэр
(Саввинова У. Ю., Захарова И. И.),
2 миэстэ – Харбалах модельнай библиотеката (Николаева Р. А.)
3 миэстэ – Магасс модельнай библиотеката (Тимофеева И. И)
Иккис группаҕа:
1 миэстэ – Туобуйа сельскай библиотеката (Сидорова Т. В.)
2 миэстэ – Хомустаах сельскай библиотеката (Семенова П. И.)
3 миэстэ – Мэйик сельскэй библиотеката (Иванова Г. А.)
Биһирэбил бирииһи – Онхой сельскай библиотеката (Сергеева К. В.). Миэстэлэспит библиотекаларга улуус бюджетыттан 300,0 үп көрүллэн библиотекаларын саҥа мебелинэн, анал техниканан саҥардар чиэскэ тигистилэр.
Бу анал сылы көрсүү народнай поэттар П.Н. Тобуруокап, С.Т. Руфов биобиблиографическай ыйынньыктарын сүрэхтэниитинэн саҕаламмыта. Билигин народнай суруйааччы Н. Якутскай, В.Сивцев айымньыларын ыйынньыга тахсарыгар үлэ бара турар.
Дьокуускай куоракка П. Ойуунскай аатынан музейга поэт, журналист С.Е.Дадаскинов 85 сааһыгар аналлаах литературнай-музыкальнай ахтыы киэһэтэ, “Сүдү киһибит” кинигэ выставката турбута. Бу тэрээһиннэргэ суруйааччы төрөөбүт нэһилиэгиттэн уонна улуус салалтата баран кыттыыны ылан кэлбиттэрэ.
Нам нэһилиэгэр алтыс төгүлүн “Тобуруокап көмүс күһүнэ” ыытылынна Манна 13 улуустан, куораттан 125 айар куттаахтар хоһоонноро ааҕылынна, көрөөччү ахсаана 585 хабылынна. “Тобуруокап көмүс күһүнэ” кинигэ таҕыста. Бу тэрээһин республикаҕа биир биллэр, күүтүллэр, саха литературатын сайдыытыгар, айар куттаах дьоммут тахсалларыгар улахан олук буолар диэн бэлиэтээтилэр.
Суруйааччы Герасимов Н.А.-Айталын төрөөбүтэ 80 сылыгар “Айталын айар абылаҥар” улуустааҕы кэтэхтэн ааҕыы күрэҕэр 7 филиал. 2 улуус оскуолата кытынна. Барыта күрэххэ 39 үөрэнээччи уонна ыччат Айталын хоһоонун аахтылар.
Тыа хаһаайыстыбатын сылын иитинэн Кырыкыйтан төрүттээх СР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Россияҕа биллибит арыы собуотун үрдүк категориялаах маастара, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна СР суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ поэт В.А. Алексеев төрөөбүтэ 70 сылыгар “Кырыкыйтан кынаттанан, Тааттаҕа силис тардан” аналлаах тэрээһин ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ Таатта улууһуттан поэт кэргэнэ Ек.Ив. Алексеева, суруйааччылар уонна тыа хаһаайыстыбатын салайааччылара кыттыыны ыллылар. Кинигэ быыстапката, төгүрүк остуол, Үөһээ Бүлүү, Таатта улуустара оҥорон таһаарбыт үүт-ас бородууксуйатын дьаарбаҥката уонна атыыта ыытылынна.
Ыам ыйын 27 күнүгэр Бүтүн Россиятааҕы библиотека күнүгэр Нам нэһилиэгэр саҥа модельнай библиотека дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Библиотекаҕа РСФСР култууратын үлэһитэ, “Кыһыл Знамя” орден кавалера М.С. Романов аата сүктэрилиннэ. Хас сыл аайы туттарыллар О.Д. Федорова аатынан кыраайы үөрэтиигэ «За особый вклад в области краеведения и продвижения исторического наследия улуса» туһуламмыт премия СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Константинова М.И. туттарылынна.
2022 сылга Үөһээ Бүлүү улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө уонна театр сылынан харахтарынан көрбөт дьоҥҥо анаан олоҥхоһут К.Н.Никифоров –Лөкөчөөн «Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн» айымньытын тифлоспектакль көрүҥүнэн туруорууга проект көмүскэнэн, улуустааҕы киин библиотекаҕа республикаҕа бастакыннан тифлоспектакль туруорулунна. Проекка улуус бюджетыттан 615 000 тыһыынча үп көрүллүбүтүнэн 12 наименованиелаах музыкальнай аппаратура ылылынна.
Ааҕааччыларыга анаан сылын аайы сонунтан-сонун тэрээһиннэри, проектары тэрийэн ыытабыт. Ол курдук быйылгы сонун проегынан “Кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр” диэн саҥа бырайыагын ыытта. Бу бырайыагынан улууска баар араас талааннаах дьоннору кытта көрсүһүүлэри оҥорон дьон-сэргэ билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарыы, билиһиннэрии. Проект бастакы ыалдьытынан буолар Боотулуутааҕы норуот тыйаатырын сүрүн артыыһа, оһуохайдьыт, хоһоонньут, ырыа айааччы, ырыаһыт, уруһуйдьут В.Л.Васильев – Луукус бэйэтэ айбыт “Хапсаҕай халбас харата” хоһоон-номоҕун ааҕан иһитиннэрдэ уонна оҥоһуктарын быыстапката буолла.
Улуустааҕы киин библиотека уонна тыа филиаллара Бүтүн Россиятааҕы этнографическай уонна Олоҥхо национальнай күнүгэр аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Олоҥхо дьыктаана” аахсыйаҕа кыттан ааҕааччыларга диктаан суруйуутун ыыттылар.
Түмүктээн эттэххэ быйылгы “Кыраайы үөрэтии уонна библиография” сыла улуус уонна тыа библиотекаларыгар библиотечнай үлэ хайысхатыгар туһалаахтык, киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна.
Улуустааҕы О.Д. Федорова аатынан киин библиотека үлэһиттэрэ
Буртахова Е.И., Егорова Г.А.
Кыым. – 2019. – Кулун тутар 14 күнэ. – С. 31.