1943 с. Тоҥуо Кууну нэһилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ.
1972 с. Иркутскай куоракка Илин Сибиирдээҕи тыа сирин уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтарын күннэригэр «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыаны аан бастаан толорбута, Саха АССР тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах телевизионнай фестивальга Үөһээ Бүлүү хорун коллективын кытта толорбута, онтон ыла 38 сыл устата
Кыайыы өрөгөйүн күннэрин Анна Петровна гимны толоруута ситэрэн биэрэр, киэргэтэр, дьону-сэргэни патриотическай тыыҥҥа иитэр, уоттаах сэрии ынырык сыллара хатыламматтарыгар ыҥырар.
1967 сылтан Үөһээ Бүлүүтээҕи музыкальнай оскуола преподавателэ, үлэ ветерана, Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Ырыаһыкка
Евдокия ГАВРИЛЬЕВА
Кэрэтик даҕаны ыллыыгын,
Киэҥ-холку куолаһын ырааһын!
Ыраҕын, тапталгын, олоххун
Ырыаҕар эн кэпсиир курдуккун.
Кутуллар эн кэрэ куолаһын —
Күн көмүс сыыйыллар утаҕа,
Үүннэрбит сибэккин — кыысчаанын
Үөрууттэн мичээрдиир хараҕа.
Талбаара, мэндээрэ чуумпурбут
Төрөөбүт-үөскээбит киэҥ Бүлүүн,
Дьиктиргээн тутаары сырсыбыт
Дьэрэкээн арылы кустугун.
Кэрэтик даҕаны ыллыыгын
Сааланы үмүрү тарданнын,
Сардана садарах кыымнарын
Сүрэххэ, дууһаҕа кутаҕын!
Төрөөбүт алааспар.— Дьокуускай: «Ситим» ЧИФ, 1995.— С.56.
Кэрэ ырыа кэһиилээх…
Төрөппүттэриттэн эрдэ маппыт Аана кыысчаан адьас кыратыгар 1949 с. оҕо дьиэтигэр киириэҕиттэн детдом оҕотунан ааҕыммыта. Ырыаһыт ырыаһыт буолуох курдук, кини манна олорор кэмигэр араас музыкальнай инструменнарга оонньуу үөрэммитэ.

Куочай нэһилиэгэ, Ньурба улууһа. Детдом. 1955 с.

1 кылаас, 1950 с. Нам детдома. 7 саастаах А. П. Дмитриева-Иванова

Куочай нэһилиэгэ. 1957 с.

Ханастан А.П. Дмитриева-Иванова, Света Уварова-Нестерович. Ньурба сэл., 1959 с.
Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищеҕа үөрэнэ барбыта. Экзаменатор Грант Арамович Григорян бэйэтэ этэ. Онно Аана Иван Гоголев тылыгар, Г.А.Григорян музыкатыгар “Сахам сирэ барахсан” ырыаны толорбута. Григорян сөҕүөн сөхпүтэ: олус күүстээх контральто куолас киһи ахсын бэриллибэт, аны туран кыыс, ким да үөрэппэтэҕин үрдунэн, музыкальнай инструменнарга оонньуура эмиэ үрдүктүк сыаналаммыта. Бу училищеҕа кини суола биир дойдулаах дьүөгэлэрин Зоя Николаевнаны, Любовь Тобурокованы кытта тиксиһэ туһэр. Үс дьүөгэлии кыргыттар музыка кынаттаах олохторо саҕаланнаҕа дьэ ити.
Анна 1967 с. музыкальнай училищены бүтэрэн дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ ананар уонна күн бүгүнүгэр диэри харыс халбарыйбакка, халты хаампакка оҕо музыкальнай оскуолатыгар үлэлии сылдьар. Итиччэ уһун кэмнэр усталарыгар бэрт элбэх оҕону үөрэттэ-такайда.
Кэлин сылларга Анна Петровна уопсай фортепианоны, домра, скрипка, хореография кылаастарыгар үөрэтэр. Манна даҕаны элбэх оҕо үөрэнэн музыканы арахсыспат аргыс оноһуннулар.
Анна Петровна үрдук категориялаах преподаватель. Кини уһун сыллаах сыралаах үлэтэ Россия уонна Саха сирин Культураҕа министерстволарын Бочуотунай грамоталарынан бэлиэтэммитэ.
1985 с. элбэх оҕолоох ийэлэргэ бэриллэр иккис степеннээх ордены ылбыта. Саха Республикатын культуратын туйгуна.
Ити эрээри Анна Петровнаны дьон-сэргэ туох-ханнык иннинэ чугас эргин тэҥнээҕэ суох ырыаһыт быһыытынан билинэр. Өссө Дьокуускайга училищеҕа үөрэнэ сылдьан 1965 с. лауреат аатын ылбыта. Хайа күн үөрэҕин бүтэрэн кэлиэҕиттэн Анна сценаттан түспэт ырыаһыт быһыытынан аатырыан аатырар. Улахан ырыаһыттар аан маҥнай албан аат суолугар үктэнэллэригэр ыллаабыт ырыаларын хаһан да умнан быраҕан кэбиспэттэр. Мэлдьи инники күөҥҥэ тутан ыллыыллар. “Тыыннаахтар умнубат сыллара” диэн патриотическай ырыа тылларын Петр Одорусов суруйбута, мелодиятын Николай Бойлохов айбыта. Дьэ, дирбийэн-дарбыйан ырыа да ырыа. Ырыа 1972 с. айыллыбыта, Анна Петровна күүстээх контральт куолаһыгар анаабыт курдук сөп түбэспитэ. Иркутскай куоракка Илин Сибиир уус-уран самодеятельноһын көрүүгэ Саха сирин делегациятын састаабыгар киирэн кыттыбыта уонна ити ырыатынан лауреат урдук аатын ылбыта.
Анна Петровна биэс оҕо амарах ийэтэ, алта оҕо тапталлаах эбээтэ. Кини дьиэ кэргэнин олоҕун сылыктаан көрдөххө, үгүстэрэ кэрэ эйгэтигэр абылатан, талааннар табыллан тахсан эрэр курдуктар. Сиэнэ Ануля хайаан даҕаны эбэтин аатын ааттатыа, туйаҕын хатарыа диэн эрэл баар. Уолаттара араас музыкальнай инструменнарга оонньууллар, фонограмма оҥороллор, ыллыыллар. Кэргэнэ Валерий Никонович бэйэтэ туспа олоххо көрүүлэрдээх киһи, улуус хаһыатын ааҕааччылара бэркэ билэллэр.
Анна Петровна айылҕаҕа олус чугас, мэлдьи кыһыннары-сайыннары сибэкки ортотугар олорор. Сиэннэригэр айылҕа кэрэтин, күндүтүн мэлдьи санатар, тыаҕа таҕыстаҕына сиэннэрин сиэтэ сылдьан от-мас арааһын үөрэтэр, такайар. Кини олох ыараханын этинэн-хаанынан билэн улааппыт буолан олоҕу сыаналыырга үөрэтэр.
Анна төһө да 60 сааһын томточчу туоллар кырдьары кыйдаан, өссө тэптэн туран ыллыа-туойуо, чуопчаарар кэрэ чыычаах буолан биһигини саатата сылдьыа диэн бигэ эрэллээхпит уонна үөрүүбүтүн үллэстэбит: олунньу 29 күнүгэр киэһэ 18 чаастан А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Культура киинигэр Анна Петровна Иванова Үөһээ Бүлүүтээҕи национальнай инструменнар оркестрдарыгар доҕуһуоллатан айар концерыгар Дьокуускай олохтоохторун ыҥырар.
Мария МАТАХОВА, Римма ДМИТРИЕВА.
Үөһээ Бүлүү. Саха сирэ хаһыат, 2004 с., Олунньу 28 күнэ, 4 стр.
Дьон дууһатын тутааччы…
Ырыа – бу искусство кэрэ көрүҥэ. Манна мелодия дорҕоонноро поэт айбыт уус-уран тылларын кытта бииргэ силбэһэн, дьүөрэлэһэн, бэйэ-бэйэлэрин байытыһан биэрэллэр, киһи өйугэр умнуллубаттык хатанар, дууһатын долгутар бэртээхэй колоритнай хартыынаны үөскэтэллэр.
Ырыа кэрэ дуораана төрөөбүт сирбитигэр дуораһыйа, доллоһуйа кутулла турдаҕына, ким санаата көнньүөрбэт буолуой? Төрөөбут дойдуга ити истиҥ тапталы ырыанан ыллаан бар дьону үөрдүү, кинилэр махталларын ылыы бу туохтан да кэрэ бэлэх.
Оннук дьолу тиэрдээччинэн ырыаһыт Анна Дмитриева буолар. Кини 1943 сыллаахха хара улар мунньустар халыҥ систээх, тайаҕы таныытыттан, эһэни арҕаһыттан сиэтэр байанайдаах, булчут сирдээх Тоҥуо-Кууну нэһилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Улаатан, киһи-хара буолан, иннигэр-кэннигэр сүүрэр ирбинньик оҕолордонон, олоҕо туспа остуоруйалаах, кэрэхсэнэр кэрэ-бэлиэ уратылаах буолан, күндү ааҕааччыларга кэпсэл оҥостон суруйан эрдэҕим.
Аанчык балтараа саастааҕыттан тулаайах хаалбыта, онтон Советскай былаас биэрбит өҥөтүнэн Нам детдомугар иитиллибитэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан уус-уран самодеятельноска сөбүлээн кыттара, араас инструменнарга: балалайкаҕа, гитараҕа, гармошкаҕа, баяҥҥа боростуой мелодиялары таһаарара. Кэлин ол искусство суолугар үктэнэригэр төрүөт буолбута. Сэттэ кылааһы бүтэрээт, Якутскайдааҕы музыкальнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Онно ханнык отделениеҕа киирэрэ биллибэт буолан, комиссия быһаарытынан дирижерскай-хоровой отделениеҕа ылыллар. Өссө оскуолаҕа бэлэмнэнии кылааска үөрэнэ сылдьан, сценаҕа бастакы «сүрэхтэниини» З.Винокуров «Сылгыһыт» диэн ырыатын ыллаан ылбыта. Дьэ итинтэн ыла саҕаланар ырыаһыт быһыытынан биллиитэ.
1967 сыллаахха Улуу Октябрьскай революция үйэ аҥаардаах юбилейыгар аналлаах уус-уран самодеятельноһы көрүүгэ училище хоругар кыттан, лауреат аатын ылбыта. Ити дьылтан биһиги оройуоммут музыкальнай оскуолатыгар күн бүгүнүгэр дылы фортепиано преподавателинэн үлэлии сылдьар. Кэннэки хас да сыл устата бэйэтин кылааһыгар 100 бырыһыан билиини ситиһэр.
Биһиги оройуоммутугар кэлиэҕиттэн элбэх гастролларга, агитбиригээдэлэргэ салгыбакка сылдьыһар. Анна Петровна ырыаларын Эдьигээн булчуттара, табаһыттара, Лена кытылыгар олохтоох оройуоннар хоһуун, улэһит дьонноро, Бүлүү умнаһын алмаасчыттара умсугуйан истэллэр. Кини хас толоруута үгэс курдук дохсун ытыс тыаһынан сценаҕа хос-хос ынырыынан доҕуһуолланар.
Ол курдук Аанчык куолаһа хаһан да кэхтибэт, кими баҕарар абылыыр үрдүк иэйиилээх. Ол барыта толорор ырыатыгар туох баар дууһатын, сүрэҕин иэйиитин биэриититтэн тахсар. Кини ордук патриотическай өрө көтөҕүллүүлээх, лирическай, көрдөөх ырыалары табыллан толорор. Анна Петровна репертуарыгар мелодистар Д.Данилов, В.Ноев, А.Алексеев, композитордар М.Жирков, З.Винокуров, Г.Комраков о.д.а. ырыалара бааллар. Кини репертуарын санаттан сана ырыаларынан байытар үгэстээх. Саамай кылаабынайа – саҥа, кэрэ ырыаларынан бар-дьону үөрдэ турар баҕалаах.
1972-73 сылларга ыытыллыбыт уус-уран самодеятельноһы Бүтүн Россиятааҕы көрүүгэ республикатааҕы, Илин Сибиирдээҕи түмүк концертарга кыттыыны ылбыта уонна иккиэннэригэр лауреат буолбута. Иркутскай куоракка ыытыллыбыт көрүүгэ кини толоруутун истэн баран Э.Климова «Восточно-Сибирская правда» хаһыакка бу курдук суруйбута: «Высокой публицистичностью отмечаются и современные вокальные сочинения, избранные самодеятельными певцами своего исполнения на зональном смотре. У преподавательницы Верхневилюйской музыкальной школы Анны Дмитриевой приятное меццо-сопрано, возможности голоса она использует максимально, чтобы донести до слушателей основную мысль песни: герои сорок первого года, герои сорок пятого, не вернувшиеся с полей войны, все равно живут в народе, вместе рядом с нами. («Мы помним» мелодия Н.Бойлохова, стихи П.Одорусова)».
1976 сыллааххы ыытыллыбыт республикатааҕы ыччат фестивалыгар В.Ноев «Кыракый уолчааным», В.Никаноров «Ыһыах» диэн ырыаларын толорон, лауреат буолбута. Кини оройуоҥҥа ыытыллар көрүүлэргэ уус-уран самодеятельность коллективтарын бэлэмниир идэлээх. Онно Анна Петровна бэлэмнээбит коллективтара 1-2 миэстэлэри ылааччылар.
Билигин уус-уран самодеятельноска кыттан эрэр эдэр толорооччуларга кини киэн масштаабтаах общественнай үлэтэ уонна айар дьоҕура холобур буолуохтаах.
Николай БОЙЛОХОВ
«Коммунизм сардаҥата» хаһыат, 1976 с., сэтинньи 4 к., 4 стр.
Анна Петровнаны аанньала арыаллаатын!
…Сааскы сылаас сыралҕанныы
Санныбыттан кууһуон дуо?
Муора күндү кубатыныы
Күҥҥэ илдьэ көтүөн дуо?…
Бу тылларын Анна Петровна Иванова толоруутугар истибэтэх улуус олохтооҕо да, оҕото да суо5а чахчы. Киһи хаста да истибитин ончу хал буолбат, төттөрутун саҥа истэрдии хас хамсаныытыгар тиийэ кэтэһэҕин-манаһаҕын. Музыка, куолас кууһугэр абылатан сүргэлиин көтөҕүллэҕин, айылҕа маанылаабыт талааныгар сүгүрүйэҕин.
Анна Петровна 1943 Аҕа дойду сэриитин ыар тыыннаах сылыгар Тоҥуо Куонуга күн сирин көрбүтэ. Балтараа саастааҕыттан тулаайах хаалар дьылҕаламмыта. 12 оҕоттон саамай кыралара хаалан түөрт сааһыгар диэри эбэтигэр, эбэтин сутэриэҕиттэн алтатыгар диэри тастыҥ аймахтарыгар иитиллэр. 1949 сыллаахха колхозтар бөдөҥсүйүүлэригэр Намнааҕы оҕо дьиэтигэр киирбит. «Оччолорго директорынан Кононов Василий Евсеевич үлэлиирэ. 1953 с. детдом Үөһээ Бүлүүгэ көспүтэ, директор Седалищев Иван Иванович этэ. Оччотооҕу иитээччилэр ураты да истиҥ, эйэҕэс этилэр. Ордук Марфа Варламовна Никифоровнаны өйдөөн хаалбыппын. Нөҥүө сылыгар доруобуйабынан мөлтөөн Ньурба Куочайын, Убайаан детдомнарынан иитиллэн, үөрэнэн 7 кылааһы бутэрбитим», – диир Анна Петровна.
«Бэйэбин өйдүөхпүттэн наар ыллыыр курдук этим. Тугу-тугу ыллыырбын отой өйдөөбөппүн. Детдомҥа 6 саастаахпар кэлэрбэр улахан кыргыттар: «Хайа, Аанчык, ырыа билэҕин дуо?» диэбиттэригэр биири да билбэтэхпэр «Пахай, оччоҕо манна ылбаппыт, кэлбит сиргэр бар» диэннэр ытыы-ытыы баран истэхпитинэ Марфа Варламовна көрсөн төнүннэрбиттээх.
Ньурба детдомугар балалайкаҕа, гармошкаҕа, баяҥҥа оонньуурга үөрэммитим, ырыа, үҥкүү буоллун – барытыгар кыттыһарым.
Сэттэ кылааһы бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищеҕа киирбитим. Баяҥҥа үөрэниэхпин баҕарбытым да, сааһым кыра буолан ылбатахтара, онон фортепиано кылааһыгар үөрэммитим. Үөһээ Бүлүүттэн Тобурокова Люба, Николаева Зоя, Ефимов Вася (Баянист Баака), композитор Ксенофонтов Владимир буолан бииргэ бүтэрбиппит.
Училищеҕа үөрэнэр сылларбар театрга үлэлии хааллара сатаабыттарыттан аккаастанан Үөһээ Бүлүүгэ дирижер-хоровик идэлээх үлэлии кэлбитим. Оччотооҕуга музыкальнай оскуола директора Артур Васильевич Васильев этэ. Ол 1967 сылтан үлэ киниискэтигэр учууталынан ылыллыбытым туһунан биир бирикээс суруллубута. Музыкальнай оскуолаҕа уопсай фортепиано учууталынан 1967 сыл атырдьах ыйын 14 кунугэр ылылынна диэн уонна пенсияҕа тахсыбытым туһунан».
Үлэ киниискэтигэр биир эрэ бэлиэлээх, тэрилтэҕэ үлэлии киирэн баран харыс да халбарыйбака пенсияҕа тахсан салгыы үлэлии сылдьар киһи бэрт сэдэх буолуохтаах. Бу чахчы талбыт идэҕэ тайаныыны, улэҕэ ис дууһаттан бэриниилээх дирин тапталы туоһулуур.
Анна Петровна учууталлыырын таһынан народнай инструменнар оркестрдара тэриллиэҕиттэн араас тэриллэргэ оонньоһон, оҕолору үөрэтэн, оччоттон солисткалаан бу күҥҥэ тиийэн кэллэ. Училищеҥа үөрэнэр сылларыттан ахсаана биллибэт конкурстарга саха мелодистарын, композитордарын ырыаларын контральт күүстээх куолаһынан Дьокуускайынан, Иркутскайынан, Магаданынан, Саха сирин бүтүннүү кэрийэн, толорон дьон-норуот үрдүк сыанабылын ылбыта, дипломант, лауреат ааттара иҥэриллибитэ, республикатааҕы радио фондатыгар ырыалара киллэриллибиттэрэ. Олор истэригэр П.Одорусов тылларыгар, Н.Бойлохов мелодиятыгар «Тыыннаахтар умнубат сыллара» гимн тэҥэ ырыа үйэлэргэ ыллана туруоҕа.
Улуус общественнай олоҕор мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар, эдэр коллегаларыгар өрүү көмөлөһөр, уус-уран самодеятельность ветерана Анна Петровна улууска, республикаҕа музыкальнай кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ, культурнай олоҕу сайыннарыыга улахан кылаатын иһин үгүс Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, «Саха Республикатын культуратын туйгуна» аат иҥэриллибитэ.
Кини олоҕун доҕоругар Валерий Никоновичка, биэс оҕотугар, сиэннэригэр күҥҥэ көрбүт күн тэҥэ киһилэрэ. Ырыа куттаах искусство киһитэ буоларын быһыытынан сибэккигэ олус сыстаҕас, кыһыннары сибэкки эгэргэтин үүннэрэр. Сайыҥҥы кэрэ сибэккилэрин уһун үйэлээри хатаран кэрэ көстүүлээх композициялартан паннолары оҥорон тулатынааҕы дьонун үөрдэр.
Стручкова З.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат, 2003 с., сэтинньи 14 к., 4 стр.
Үтүөкэннээх үлэһит ытыктанар ырыаһыт
Күүстээх кэрэ куолаһынан көрөөччу тапталын, махталын чахчы да ылыан ылбыт Анна Петровна Иванова ырыатын истибэтэх киһи Сахабыт сиригэр, бука, суоҕа буолуо.
Анна ырыаҕа дьоҕурдааҕа оҕо эрдэҕиттэн биллибитэ, баара-суоҕа сэттэ сааһыгар Нам кулуубун сыанатыгар тахсан «Сылгыһыт» диэн ырыаны толоруоҕуттан, ырыаҕа умсугуйан, балалайкаҕа, гитараҕа, хормуоскаҕа, баяҥҥа оонньоон барбыта. Нота диэни туһээн да баттаппатах, анаардас истэр
дьоҕурунан музыкаҕа дьарыктана сылдьар кыыс, 7 кылааһы бүтэрэн баран Дьокуускай куоракка музыкальнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. 1967 с. музыкальнай оскуола преподавателэ идэлээх дипломун туппутунан төрөөбүт Үөһээ Бүлүүтүгэр үлэлии кэлбитэ. Кини үлэтин киниискэтигэр баара-суоҕа биир сурук баар: 1974 сылтан үлэҕэ ылылынна диэн. Бу уһун сыллар усталаах-туораларыгар оҕо санаатын табан, сыламтата суох кинилэр сайдыыларыгар олук уурбут, олох кэрэтигэр уһуйбут, музыка эйгэтин үөрэнээччилэригэр тириэрпит уһулуччулаах учуутал. Ону культура, искусство, учуутал идэтин баһылаабыт үөрэнээччилэрэ туоһулууллар, ситиһиилэринэн үөрдэллэр.
– Билиҥҥи киһи бириэмэ сырсыытыгар сылдьар. Бириэмэни сатаан аттарынар киһи бары өттүнэн сайдыылаах буолар. Биһиги оҕолорбут ханна да тиийбиттэрин иһин атын омугу кытта тэбис-тэҥҥэ күн солото суох айаллар-туталлар, үөрэнэллэр-үлэлииллэр. Ону билэр буоланнар, төрөппүттэр оҕолорун музыкальнай оскуолаҕа үөрэттэрэ биэрэллэр, – диэн үлэтин туһунан Анна Петровна санаатын үллэстэр.
А.П.Иванова ырыалара төрөөбүт дойдуга тапталга, айылҕаҕа сүгүрүүйэ ананаллар. П.Одорусов уонна Н.Бойлохов айбыт өлбөт тыыннаах «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн ырыаны Анна Петровна кынаттаан көтүппүтэ. Кини күүстээх куолаһынан өрө күүрүүлээхтик ыллыырын хас сылын аайы сырдык Кыайыы күнүгэр республика олохтоохторо бука бары истэбит, долгуйабыт. «Хотун Бүлүүу» телестудия биэриитин саҕаланыытыгар «Үөһээ Бүлүүм – үрдүк үөрүүм» ырыата гимн буолан дуорайар. Иккиэн чахчы да табыллыбыт ырыалар.
1972 с. Иркутскай куоракка Илин Сибиирдээҕҕи тыа сирин уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтарын күннэригэр сабыс-сана суруллубут «Тыыннаахтар умнубат сылларын» Анна Петровна аан бастаан сценаҕа таһаарбыта. Эмиэ бу ырыаны Үөһээ Бүлүү хорун коллективын толоруутугар, Саха АССР тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах телевизионнай фестивальга Анна Иванова салайан илдьибитэ. 1976 с. тыа сирин самодеятельноһын көрүүгэ Дальнай Востокка Магадан куоракка ыытыллыбыта. Бу көрүүгэ В.Никаноров «Ыһыахха ынырыы» диэн ырыатынан Саха сирин делегациятыгар киирсэн кыттыбыта. Бу көрүүлэргэ барытыгар Анна Петровна лауреат, дипломант үрдүк ааттарын ылаталаабыта.
Кыра эрдэҕиттэн общественнай үлэҕэ эриллибит кыыс, училищеҕа үөрэнэ сылдьан профсоюзнай үлэҕэ кыттан барбыта. Кэлин өр кэмҥэ культура үлэһиттэрин профсоюзтарын үтүө суобастаахтык салайбыта. Профсоюз үлэтин үрдукү бэлиэтинэн наҕараадаламмыта. Урукку кэмнэргэ уус-уран самодеятельность көрүүлэрэ нэһилиэк, тэрилтэлэр икки ардыларыгар олус тэрээһиннээхтик ыытыллаллара. Дьон маассабаһын тардар хор биир сүрүн миэстэни ылара. Дьэ онуоха Анна Петровна үлэ чааһын кэнниттэн күн солото суох тэрилтэлэринэн сылдьан хордары үөрэтэлиирэ.
Кини өр кэмнээх общественнай үлэтэ уонна кэнчээри ыччаты музыка кэрэ эйгэтин биһигэр үөрэппитэ учуоттанан, СР культуратын туйгуна, үлэ ветерана, Үөдүгэй нэһилиэгин, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо үрдук ааттар хаһаайкалара. Анна Петровна аныгы киһи быһыытынан кэлиҥҥи кэмҥэ хаартыскаҕа туһэриини иккис дьарык оҥоһунна. Айылҕаны, дьону-сэргэни үйэтиттэ. Инникитин айылҕаны хаартысканан дьуһуйбутун көрдөрөн, быыстапка тэрийэр былааннаах.
Норуот театрын артыыската, «Дьүөгэ» түмсүү чилиэнэ, урукку кэмнэргэ обком хамыыһыйатыгар киирсиһэн хотугу улуустарынан ыллаабытын-туойбутун олоҕун биир кэрэ кэрчик кэминэн сыаналыыр. Былырыҥҥы уонна быйылгы дьылларга дьүөгэлэрин кытары Олекманан, Кэбээйинэн, Нам улуустарынан, Дьокуускайынан сылдьыһан, бэйэлэрин курдук түмсуулэрдиин санаа атастаһан, истиҥ иэйиитин истээччилэргэ иҥэрбититтэн астынар. Дьэ, ити курдук актыыбынай көрүүлээх үтүөкэн улэһити, ийэни, эбэни сэмэйдик сэһэргээн туран, тоҕоостоох кэм түбэспиччэ музыкальнай оскуола үйэ аҥаардаах үбүлүөйүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэхпит буоллун.
Валентина Семенова.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат, 2010 с.., ахсынньы 1 к., 3 стр.
Ырыа — олох аргыһа
Оҕо саас оонньообут-көрүлээбит, иитиллибит биһикпитин Намнааҕы оҕо дьиэтин ахтан-санаан кэллэхпитинэ миигин кытта иитиллибит эмдэй-сэмдэй кыракый кыргыттар кыысчааны Аанчыгы уоллуу кырыллыбыт баттахтаах, киэҥ халадаай ырбаахылаах сылдьарын субу баардык өйдүүбүн. Кини эмиэ оҕо дьиэтин тэлгэһэтигэр оонньоон-көрүлээн улааппыта. Манна оҕо дьиэтин директора Василий Евсеевич Кононов төгүрүк тулаайахтары үчүгэйдик көрөн-харайан ииппитин күн бүгүнүгэр диэри күндүтүк саныыбыт.
Аанчык барахсаны ол саҕана улахан кыргыттар көрөн-харайан, сороҕор дьээбэлээн ыллатан көрөллөрө. Кыра оҕо сааһыттан олус чөллөркөй куоластаах этэ. Чобуо кыысчаан оҕо саас ырыаларын иҥнибэккэ-толлубакка ыллыыра.
1952 сыллаахха Намнааҕы оҕо дьиэтэ сабыллан Үөһээ Бүлүүгэ көһөн киирбитэ. Улахан оҕолору интернаттарга, ремесленнэй училищеларга ыыталаабыттара, онтон биһигини — кырачааннары оҕо дьиэтигэр киллэрэн ииппиттэрэ. Манна даҕаны биһигини кыракый Аанчыкпыт бүтэһик эрээккэ турара.
Оҕо дьиэтин оҕолорун сотору-сотору атын оройуон детдомнарыгар атастаһыннараллара. Ол курдук Аанчык Куочай-Убайаан оҕотун дьиэлэригэр иитиллэр. Аанчык сэттэ кылааһы ситиһиилээхтик бутэрээт 1961 сыллаахха Саха сирин киин куоратыгар долгуйар Дьокуускайга үөрэнэ ааттаан тиийэр. Кини музыкальнай училищеҕа экзаменнары ситиһиилээхтик туттарар. Итинтэн сиэттэрэн ырыа абылаҥар ылларар.
1961 сыллаахха училище боруогун атыллаан киирэригэр Г.А. Григорян музыкатыгар И. Гоголев «Сахам сирэ барахсан» диэн ырыаны ситиһиилээхтик толорбутун Грант Арамович олус сэргии истибитэ. Музыкальнай училище теоретическай билиини, вокальнай толоруулары сатабыллаахтык баһылыыр. Контральт күүстээх куоластаах буолан кини толорор ырыалара түргэнник ситиһиилэммиттэрэ.
Анна Дмитриева бу музыкальнай училищеҕа үөрэнэр кэмигэр биир дойдулаах дьүөгэлэрэ Зоя Николаеваны, Любовь Тобурокованы кытта сүүс сүүстэриттэн өйөнсөн ситиһиилээхтик үөрэммиттэрэ. 1967 сыллаахха музыка преподавателин идэтин ылан биһиктээбит, билии биэрбит училищетыттан арахсан Анна Дмитриева төрөөбүт оройуонугар Үөһээ Булуугэ үлэлии кэлэр.
Бэҕэһээҥҥи студентка аны Анна Петровна диэн аатынан ыҥырыллар буолар. Онтон ыла 24 сыл устата фортепианнай кылааска харыс сири халбарыйбакка Анна Петровна Дмитриева-Иванова саха бастакы композиторын М.Н. Жирков аатын сүгэр музыкальнай оскуолаҕа күн бүгүнүгэр диэри ситиһиилээхтик үлэлиир.
Сыл хонук диэбиккэ дылы күн-дьыл биллибэккэ ааһар. Анна Петровнаны музыкальнай оскуола преподавателин эрэ быһыытынан кэпсиир тутах буолуоҕа. Кини оройуон общественнай олоҕор активнайдык кыттар. Оройуон уус-уран самодеятельноһын сайыннарыыга күүскэ кыттар. Кини аҕа табаарыстара, наставниктара А.В. Васильев, Н.И. Бойлохов киниэхэ үтүөлэрэ үгүс этэ. Иитиллибит Намыгар баар самодеятельнай композитордар М.И. Константинова, Г.М. Никифоров эмиэ күүс-көмө буолбуттара. Оройуон уус-уран самодеятельноһа республика, зона көрүүлэригэр инники миэстэҕэ тахсыытыгар музыкант-вокалист быһыытынан сыралаахтык үлэлэспитэ.
Дьон, норуот ииппит боростуой кыыһа эйэҕэс майгытынан уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарыгар ытыктанар. Кинини кытта эн-мин дэһэн Лидия Афанасьева, Фома Баскаров уо.д.а. талааннара арыллыбыта.
Оройуон уус-уран самодеятельноһын сайдыытыгар үгүс сыратын биэрбит Мария Иванова биһиги Аанчыкпыт үтүө сүбэһитэ эрэ буолбакка чугас эдьиий курдук көмөлөһөрө. Иккиэн вокальнай ырыалары тус-туспа куоласка арааран олус табыллан толороллоро.
А.П. Дмитриева-Иванова биир табыллыбыт ырыатынан самодеятельнай композитор Н. Бойлохов мелодиятыгар, П. Одорусов тылларыгар «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн ырыа буолар. Аана бу ырыаны күүстээх чуолкай куолаһынан өрө күүрүүлээхтик ыллаатаҕына биһиги, сэрии тулаайахтарыгар, аҕаларбыт, убайдарбыт кыырыктаах кыргыһыыга субу киирэн иһэрдии көстөн ааһарга дылылар. Ол курдук ылыннарыылаахтык ыллыырын өрүүтүн кэтэһэбит. Бу ырыа тылын олус табан суруйбут Петр Одорусовка саха омук баарын тухары өрүү махтана турарыгар эрэлим улахан.
Анна Петровна ыал сэмэй ийэтэ, биэс оҕо амарах аанньала. Улахан кыыһа Маша номнуо ыал буолан икки эмдэй-сэмдэй оҕолонно. Бэйэтин кырачаан оҕолоро Дима, Миша Ивановтар ийэлэрин ырыаҕа анаммыт олоҕун инникитин салгыахтарын туйаҕын хатарыахтарын сөп. Анна чугас доҕоро Валерий Никонович эдэр сааһыттан үлэҕэ эриллибит үтүө киһи быһыытынан дьонугар-сэргэтигэр ытыктанар. Кини Аанчыгын дириҥ талааныгар улахан убаастабылынан сыһыаннаһара өтө көстөр.
Анна Петровна сайынны өҥүрүк куйааска инньэ Туобуйанан, Сургуулугунан, Кырыкыйынан, Харбалааҕынан сылдьан агитбригадаларга ыллаан-туойан тыа сирин улэһит дьонун сынньаланын элбэхтик тэрийсибитэ.
Анна Петровна Дмитриева-Иванова отут сыл уус-уран самодеятельноска активнайдык кыттыбытын бэлиэтээһиннэ Саха АССР культуратын үтүөлээх улэһитэ самодеятельнай композитор М.И. Константинова, РСФСР уонна Саха АССР культуратын үтүөлээх улэһитэ И.С. Семенов, олохтоох поэт П.П. Одорусов уо.д.а. уонунан ааҕыллар кини чугас дьонноро барҕа махталы, истиҥ иһирэх тыллары эппиттэрэ. Кинини норуот билинэрэ, ытыктыыра онно арылхайдык көстүбүтэ. Ийэ дойдуга иитиллибит иэһи үлэнэн, буолаары буолан үрдүк таһаарыылаах үлэнэн төлөөһүн ырыаһыт, музыкант А.П. Дмитриева-Иванова олоҕор толору көстөр.
Иван Елисеевич ИВАНОВ,
ССРС культуратын туйгуна.
«Үөһээ Бүлүү» хаһыат, 1991 сыл, атырдьах ыйын 31 к.
Ыллаа, Анна, ыллаа
Аҕыйах сыллааҕыта Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии активнай кыттыылааҕа элбэх орденнар, медаллар кавалердара Илларион Леонтьевич Омукчанов Волгоградка Мамаев Кургаҥҥа сылдьан кэлэн баран, онно ураты сүргэтэ көтөҕүллүбүт үөрэн-көтөн кэпсээбиттээх. «Улуу мемориал үөһэ өттугэр тахсан истэхпинэ «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн ырыаны тардан кэбиспэттэр дуо. Көр, онно ураты сылайан, нэһиилэ дабайан испит бэйэм чэпчии түспүтүм. Дьэ үчүгэйэ бэрдэ, бэйэм дойдум, бэйэм үөрэппит оҕом, онтон кэлин бииргэ үлэлээбит Бүөтур Одорусовым тылларыгар, биир дойдулааҕым Анна Дмитриева сүргэни көтөҕөр күүстээх куолаһа кутулла түспүтэ».
Дьэ кырдьык ити ырыа элбэхтэр куттарын-сүрдэрин туппут дьоһун айымньыбыт Советскай народ Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ фашизмы кыайбыта 40 сылыгар анаан ыытыллыбыт советскай патриотическай ырыалары пропагандалыыр айар уус-уран самодеятельноһы Бүтүн Союзтааҕы көрүү түмүгүнэн поэт Петр Одорусовка, композитор Николай Бойлоховка ССРС Композитордарын Союһун Правлениетын бастакы секретара, Социалистическай Үлэ Геройа композитор Тихон Николаевич Хренников илии баттааһыннаах Советскай Союз Композитордарын Союһуттан Москваттан кэлбит Дипломнары ылар дьолломмуттара. Ити 1985 сыл ыам ыйын 24 күнүгэр этэ. РДК дьиэтигэр туттарбыттара.
Оттон ырыа ырыа буоларыгар, кини киэн билиниини ыларыгар өссө кырата суох оруолу кинини толорооччу ырыаһыт ыларын умнуо суохтаахпыт. «Тыыннаахтар умнубат сыллара» айыллыбыта син балачча өр буолла. Ол тухары бу патриотическай ырыаны элбэх солистар, дуэттар, өссө хор толорууларыгар иститэлээтим даҕаны Анна Дмитриева толоруутугар тиийэри истэ иликпин. Ити санаабын элбэхтэри кытта үллэһинним да, кинилэр эмиэ онно сөбүлэһэллэр.
Бу ырыа Анна Петровна контральт куолаһыгар эрэ ананан айыллыбыт курдук. Композитор Н.И. Бойлохов бокуонньук: «Бы ырыаны мин Анна Петровнаны кытта бииргэ үлэлээбэтэҕим буоллар, айарым саарбах этэ. Мин кинини үчүгэй ырыаһыт быһыытынан билбитим ыраатта эрээри, хайдах эрэ кини күүстээх куолаһыгар сөп түбэһэр ырыаҕа, айымньыга түбэһэ илик диирим».
Ырыаһыт элбэх ырыанан аатырбат. Кини ити ырыаны толорор буолбута тута аатырарга, биллэргэ барбыта. Анна Дмитриева сценаҕа киирэн ырыа тылларын чин-чинник этэр тыллара баай контральт куолаһа кутулунна да төһөлөөх да киэҥ саала иһэ сэргэхсийэ, кинини тулалыы үмүрүйэ түһэргэ дылы буолар. Оннук буолбуттара Магадан, Иркутскай, Дьокуускай куораттар аарыма концертнай саалалара. Саха сирин элбэх улуустарын улахан, кыра дыбарыастарын, кулууптарын саалалара.
Анна Петровна 1967 сыллаахха Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищены бүтэриэҕиттэн дойдутугар Марк Жирков аатынан музыкальнай оскуолаҕа фортепиано кылааһыгар үлэлиир. Бэйэтин бу сөбүлүүр идэтигэр элбэх ыччаты уһуйбута, сорохторо хайы-үйэ билигин бэйэтин кытта үлэлэһэллэр. Кини билигин ырыаһыт быһыытынан иккис киэҥ билиниини ылбыт ырыата Саха народнай поэта Леонид Попов тылларыгар Егор Кампеев музыкатыгар «Ураанхайдыы уруй» диэн ырыата буолан эрэр.
Күндү Анна Петровна, кутулла доллоһутар кэрэ чуор куоласкынан бар дьонуҥ дууһатын, сүрэҕин үөрдэ-көтүтэ сырыт.
Егор АФАНАСЬЕВ.
«Саха сирэ» хаһыат, 1993 сыл, ахсынньы 11 к.
Библиография
***
Иванова, Анна Петровна. Туруорсуу сурук : [Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор Мария Игнатьевна Константинова аатын Нам култууратын киинигэр иҥэрэри туруорсуу] /Анна Петровна Иванова уо.д.а. // Үөһээ Бүлүү. – 2020. – Ахсынньы 4 күнэ (N 91). – С. 5.
***
Иванова Анна Петровна : [об артисте театра, село Верхневилюйск] // Энциклопедия культуры и искусства Якутии. – 2011. – Кн. 1. – С. 204.
***
Афанасьев Е. Ыллаа, Анна, ыллаа //Саха сирэ.— 1993.— Ахсынньы 11 к.
Бойлохов Н. Дьон дууһатын тутааччы //Коммунизм сардаҥата.— 1976.— Сэтинньи 4 к.
Иванов И. Ырыа — олох аргыһа //Коммунизм сардаҥата.— 1991.— Атырдьах ыйын 31 к.
Матахова М., Дмитриева Р. Кэрэ ырыа кэһиилээх //Саха сирэ.— 2004.— Олунньу 28 к.— С.4.
Семенов Т. Ырыаны до5ордоьон //Бэлэм буол. — 1975. — Тохсунньу 19 к.
Семенова В. Үтүөкэннээх үлэһит, ытыктанар ырыаһыт //Үөһээ Бүлүү.— 2009.— Ахсынньы 1 к.— С. 3.
Стручкова З. Анна Петровнаны аанньала арыаллаатын //Үөһээ Бүлүү.— 2003.— Сэтинньи 14 к.— С. 4.
Судинов В. Ырыа алыбар ылларыы //Кыым. — 1984. — Муус устар 3 к.
Филиппова, Валентина Петровна. Үөһээ Бүлүүбүт киэн туттуута, хатыламмат талба талаана : [СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Петровна Иванова-Дмитриева туһунан] / Валентина Филиппова // Үөһээ Бүлүү. – 2023. – Сэтинньи 24 күнэ (N 46). – С. 3.
Хормуоска олук охсубута //Ленин суола. — Нам. — 1978. — Сэтинньи 14 к.
Ыллаа дууһа кылын таарыйан : [СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иванова-Дмитриева Анна Петровналыын бэсиэдэ / кэпсэттэ Тамара Саввинова, Үөһээ Бүлүү улууһа] // Үөһээ Бүлүү. – 2023. – От ыйын 21 күнэ (N 28). – С. 7.