Үөһээ Бүлүү улууһа Аҕа дойду Улуу сэриитигэр. 1941-1945

Үөһээ Бүлүү улууһуттан 1941-1945 сс. барыта 2163 киһи фроҥҥа ыҥырыллыбыттара. Кинилэртэн 1131 киһи сэрииттэн эргиллибэтэҕэ, 746 киһи сэрииттэн кыайыы-хотуу кынаттаах эргиллибиттэрэ (ол иһигэр Германия фронуттан 515 киһи, Япония фронуттан 231 киһи). 286 саллааттар сэриилэспэккэ эрэ сулууспалаан төннүбүттэрэ. 298 киһи үлэ фронугар ыҥырыллан норуот хаһаайыстыбатын араас салаа үлэлэригэр — промышленноска, балыктааһыҥҥа, суол оҥоһуутугар онтон да атын үлэлэргэ үлэлээбиттэрэ.

Аҕа дойду көмүскэлигэр көрдөрбүт геройдуу хорсун быһыыларын иһин фронтан наҕараадаланан кэлбиттэрэ:

Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденынан 1 киһи (В. С. Павлов), II степеннээх орденынан 13 киһи, «Слава» орден II-III степеннэринэн 18 киһи, «Кыһыл Сулус» орденынан 25 киһи, «Хорсунун иһин» уонна «Бойобуой үтүөлэрин иһин» медалларынан 73 киһи.

Тыылга, эмиэ фроҥҥа курдук, күүрээннээх үлэ оргуйбута. Үөһээ Бүлүү улууһун үлэһиттэрэ, оҕолоро, сэрии сылларыгар утуйар ууларын умнан туран хоодуоттук үлэлээбиттэрэ. Улуус 1941-1944 сылларга фроҥҥа көмөлөспүт сыыппаралара маннык кэпсииллэр:

Оборона фондатыгар киллэриллибитэ:

Харчынан299.867 солк.
Гоосзаемнар облигацияларынан      682.955 солк.
Бэйэлэрин уурумньуларыттан көһөрүүнэн18.965 солк.
Танковай дивизия тутуутугар бэриллибитэ148.544 солк
Санитарнай самолеттар тутууларыгар бэриллибитэ4.100 солк.
Кыһыл Армия саллааттарыгар бэлэх фондатыгар16. 185 солк.
Кыһыл армеецтар тулаайах оҕолоругар көмө фондатыгар4.719 солк.
Кыһыл армеецтар кэргэттэригэр уонна босхоломмут оройуоннар нэһилиэнньэ лэригэр көмө фондатыгар31.616 солк
Сталинград куораты чөлүгэр түһэрни фондатыгар3.870 солк
Тыа хаһаайыстыбатын араас бородуукталарынан25.966 солк.
1942 с. маҥнайгы госзаемҥа суруттарыы764.354 с.
Маҥнайгы уонна иккис харчы-мал лотереятын атыылааһын154.700 с.
Иккис госзаемҥа суруйтарыы519.595 солк.
Үһүс харчы-мал лотереятын атыылааһын81.949 с.
Кыһыл Армия буойуннарыгар бэлэх ыытыы37.109 солк.
Барыта2.794.499 солк
Ичигэс таҥас-сап ыытыллыбыта5.400 устуука.

Гитлеровецтар оккупацияларыттан босхоломмут оройуоннар нэһилиэнньэлэригэр көмө быһыытынан 1070 устуука араас мал-сал ыытыллыбыта.

Итини таһынан колхозтаахтар оборона фондатыгар 1231 буут бурдугу, 3156 центнер оту, 6443 кг хортуоппуйу уонна босхоломмут оройуоннары чөллөрүгэр түһэрингэ 16 центнер бурдугу, 8,5 центнер оҕуруот аһын киллэрбиттэрэ.

Улуус үлэлээн иитиллээччилэрэ оборона фондатыгар 40,2 гр. кыһыл көмүһү, 28845,8 грамм үрүҥ көмүһү киллэрбиттэрэ.

1943 сылга Нам нэһилиэгинээҕи «Кыһыл үлэһит» колхоз оборона фондатыгар 200 буут бурдугу туттарбыта, ити иһин Верховнай Кылаабынай Командующай И. В. Сталинтан махтал телеграмма кэлбитэ.

Аҕа дойду сэриитин маҥнайгы күннэриттэн кадровай офицердар К.П. Догоров (I Боотулуу), Ф. Ф. Федоров (Кэнтик), Н.К. Докторов (Нам) уо. д. а. Ийэ дойду көмүскэлигэр туруммуттара.

Ленинградка олорор научнай үлэһит, сахалартан бастакы историк-ученай Н. С. Романов улуу куорат оборонатыгар ополченецтар кэккэлэригэр сылдьан, 1941 сыл балаҕан ыйыгар сырдык тыынын толук уурбута. Кини уоттаах сэриигэ аттанаары туран эппит этиитэ «Известия» хаһыакка бэчээттэммитэ.

Офицердар К.П. Догоров рота командирынан ыараханнык бааһыран сэрииттэн эргиллибитэ. Кини араас советскай- хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ эҥкилэ суох үлэлээбитэ.Н. К. Докторов 1942 с. илиитигэр ыараханнык бааһыран сэрииттэн эргиллибитэ. Кини араас советскай-хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Саха народнай поэта Н. Н. Тобуруокап Сталинград куорат көмүскэлигэр бааһыран, сэрии хонуутуттан туораабыта. Кини поэзия хонуутугар хотуулаахтык үлэлээн, саха норуотун тапталлаах ырыаһыт-поэтынан буолла.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Кэнтиккэ 1912 сыллаахха төрөөбүт Алексей Афанасьевич Миронов Бүлүү оройуонуттан сэриигэ 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Кини кыраҕы харахтаах снайпер быһыытынан киэҥник биллибитэ. Снайпер Алексей Миронов бэргэн ытыытыттан элбэх өстөөх хара буору уоппута. Кини 1945 сыллаахха кыайыы буолуо биир ый иннинэ сырдык тыына быстыбыта. Алексей Афанасьевнч Мироновка 1990 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр Советскай Союз Геройун үрдүк аата иҥэриллибитэ.

Прокопий Афанасьевич Софронов 1942 с. олунньуга немецтэри кытта кыргыһыы үгэнигэр нуучча командирын бэйэтинэн хаххалыы түһэн геройдуу өлбүтэ, командирын быыһаабыта, бу хорсун быһыы туһунан киин хаһыаттарга бэчээттэммитэ уонна Москваттан радионан ахтыллыбыта.

Үөһээ Бүлүү улууһуттан ыҥырыллыбыт Владимир Спиридонович Павлов (Өргүөт) 1944 сыллаахха атырдьах ыйын 27 күнүгэр Латвияны босхолуур иһин кыргыһыыга геройдуу охтубута. Кини хорсун быһыыта Аҕа дойду сэриитин I степеннээх орденынан бэлиэтэммитэ.

И. Л. Омукчанов (Өргүөт) саха аатырбыт артиллериһа Г. Протодьяконовы кытта биир расчекка сулууспалаабыта. Илларион Леонтьевич үс бойобуой орденыиан наҕараадаламмыта.

Улуус чулуу уолаттара Н. К. Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап, И.В. Дмитриев, В.К. Иванов-Кустуктуурап, В.И. Степанов-Буучугурас, Я.В. Егоров уо. д. а. сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ, кыргыһыы хонуутугар геройдуу охтубуттара.

Н. М. Титов, А.Д. Данилов, Г.И. Константинов, П.С. Мухоплев, А.Н. Чоросов, Г.Р. Захаров, Е.В. Михайлов, С.А. Кыланов, М.Н. Котоконов уо. д. а. элбэх бойобуой орденнаах, мэтээллээх дойдуларыгар эргиллэр дьолломмуттара. Бойобуой офицер Аҕа дойду сэриитин I-II степеннээх орденнарын, «Кыһыл Сулус» орденнар кавалердара, кырдьаҕас педагог Адам Данилович Данилов сүүрбэччэ сыл сыралаһан үлэлээн, Үөһээ Бүлүү оройуонуттан 1941-1945 сс. ыҥырыллыбыт буойуннар испииһэктэрин чуолкайдаан хаалларбыта. Кини хомуйан оҥорбут испииһэгинэн 4 чаастаах өйдөбүнньүк кинигэ тахсыбыта: I чааһа — сэриигэ баран өлбүттэр, сураҕа суох сүппүттэр, II чааһа — сэриилэһэн дойдуларыгар кэлбиттэр, III чааһа — сэриилэспэккэ эрэ сулууспалаан кэлбиттэр, IV чааһа — үлэ фронугар ыҥырыллыбыттар. Сэрии, үлэ ветерана Иван Варламович Дудуков бу кинигэни ситэрэн бэчээккэ бэлэмнээбитэ.

И.Е.Чычахов, Саха Республикатын 

норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,

Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо,

Ветераннар улуустааҕы Сэбиэттэрин бэрэстээтэлэ.