Федорова Ольга Дмитриевна — биһиги улууспут олохтоохторо убаастыыр, киэн туттар, холобур оҥостор дьонноруттан биирдэстэрэ. Кинигэни, ааҕааччылары кытта үлэтин 1948 сыллаахха Үрэҥ учаастагын ааҕар балаҕаныттан саҕалаабыта. Онно үс сыл үлэлээн баран, Дьокуускайдааҕы култуурнай-сырдатар училищеҕа библиотека салаатыгар үөрэнэ киирбитэ, 1954 сыллаахха Харбалаахтааҕы тыа библиотекатыгар анаммыта. Онтон 1960–1965 сс. Илин Сибиирдээҕи култуура институтун ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн, оройуоҥҥа бастакы үрдүк үөрэхтээх библиотека үлэһитэ буолбута, 1965 сыллаахтан оройуон библиотекатын сэбиэдиссэйинэн анаммыта.
Омос көрдөххө библиотекарь үлэтэ анал билиини ирдээбэт, сүрдээх судургу үлэ курдук. Үгүс дьон оннук да саныыр буолуохтаахтар. Ол эрэн бу бастатан туран араас өрүттээх киэҥ билиини, дьоҥҥо амарах сыһыаны, психология, литературоведение, педагогика методтарын баһылыыры, идэҕэ бэриниилээх буолууну, кинигэ нөҥүө билиини тарҕатыыга саҥаттан саҥа ньымалары туһаныыны эрэйэр үлэ. Ольга Дмитриевна библиотекарь быһыытынан үрдүк квалификациялааҕын үлэһит характеристиката чахчы да туоһулуур. 60-с, 70-с сылларга кини быһаччы салалтатынан оройуон уонна нэһилиэктэр библиотекаларын пуондалара инвентаризацияланан бэрээдэктэммиттэрэ, наадалаах кинигэни чопчу булан ыларга анаан системаламмыттара, справочнай, алфавитнай уонна систематическай, предметнай каталогтаммыттара.
Саҥа кинигэлэр туһунан бюллетеннэр бары библиотекаларга хас кыбаартал аайы тарҕаналлара. Ольга Дмитриевна исписэлиистэрин кытта араас көлөнөн: массыынанан, тыраахтарынан, сөмөлүөтүнэн — туох түбэһэринэн, тыа библиотекаларыгар сылдьан методическай, практическай көмө оҥороро. Мин 1975–1976 сс. кинини кытта Туобуйаҕа, Боотулууга сылдьыһан турардаахпын, онно биһиги бастаан библиотекаҕа үлэлээбиппит, ааҕааччылары кытта көрсүбүппүт, киэһэ тематическай биэчэр ыыппыппыт. Элбэхтик командировкаҕа сылдьарбыт миэхэ, оччотооҕуга саҥа үлэлээн эрэр исписэлиискэ, дьиҥ-чахчы үлэ оскуолата буолбута.
Ольга Дмитриевна салайааччы быһыытынан бэйэтэ туспа ньымалардаах этэ. Ол курдук, эдэр исписэлиистэргэ кини ийэлии кыһамньылаахтык сыһыаннаһара. Исписэлиистэр олорор дьиэлэригэр оттук мастара киирбитин-суоҕун, иһэр уунан, мууһунан хааччыллыылара хайдаҕын, атын туох кыһалҕалаахтарын тус бэйэтэ бэрэбиэркэлиирэ, элбэхтик ол туһуттан олохтоох салалтаны кытта эллэһэрин, кыыһырсарын биһиги истэр этибит.
1976 сыллаахха библиотека саҥа дьиэтин тутуута саҕаламмыта. Ольга Дмитриевна уоппускатын кэмигэр курортан иһэн Москваҕа ССРС култууратын министиэристибэтигэр сылдьан туруорсан саҥа тутуу үбүлээһинин ылбыта. Үөһээ Бүлүү оройуонун салалтата кинини өйөөбүтэ. Биһиги, библиотека үлэһиттэрэ, Валентина Тусахова-Леончук, Варвара Малышева, мин, Ирина Иванова уо.д.а. муоста аннынааҕы буорун куппуппут, ханаппаакы үлэтигэр, түннүгүн самааскалыырга, олордорго Ольга Дмитриевна көҕүлээһининэн, хонтуруолунан үлэлээбиппит. Ол иһин да буолуо, библиотека оччоттон баччаҕа диэри кыһын сүрдээх ичигэс. Бу дьиэ 1978 сыллаахха саҥа дьыл иннинэ үлэҕэ киирбитэ сүрдээх да үөрүүлээх этэ. Ити сыл оройуон үрдүнэн кииннэммит библиотечнай ситим тэриллибитэ.
80-с сылларга Үөһээ Бүлүү оройуонун кииннэммит библиотечнай ситимэ Бүтүн Союзтааҕы библиотекалар күрэхтэһиилэригэр бастакы уонна үһүс миэстэлэргэ хаста да тахсыбыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бастыҥ үлэлээх библиотека аатын сүкпүтэ. Библиотека общественнай үлэҕэ — фестиваль буоллун, от үлэтэ буоллун, субботниктар да буоллуннар — эмиэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьара. Ити барыта Ольга Дмитриевна кадрдары сөптөөхтүк аттаран туруорарын, айымньылаахтык үлэлэтэрин, салайар үлэни толору баһылаабытын туоһулуур.
Ольга Дмитриевна 60 сааһын туолан баран кииннэммит библиотека дириэктэрин үлэтиттэн уурайбыта. Оччотооҕуга мин култуура управлениетын начальнигынан үлэлии сылдьыбытым, кинини кытта оройуон тыыннаах историятын, култууратын үйэтитиигэ сорук бириэмэ ирдэбилэ буолбутун туһунан элбэхтик сэһэргэспиппит уонна култуура, история фото-аудио-видео-документальнай пуондатын тэрийэр туһунан сүбэлэспиппит. Бу пуонда инвентарнай кинигэҕэ учуоттанан, справочнай аппараттанан, сыллата ситимин быспакка саҥардылла туруохтааҕын, пуонда оройуон баайа-дуола, кини библиотечнай пуондатын анал көрүүгэ-истиигэ сылдьар чааһа буоларын ситиһэр туһунан кэпсэппиппит. Онтон ыла кини ити идеяны олоххо киллэрэргэ үлэлээн барбыта. Ол кэмтэн номнуо сүүрбэттэн тахса сыл ааста, Ольга Дмитриевна ити үлэтигэр былааннаахтык, айымньылаахтык, ис сүрэҕиттэн тартаран туран үлэлээбитэ үтүө түмүктэрдээх буолла. 2003 сылтан «Өйдөбүнньүк» кулуубу тэрийэн, кини улуус тыыннаах историятын, олорон-үлэлээн ааспыт дьон ахтыыларын, улуус историятын, култууратын уратытын түмэн, сыаната биллибэт күндү матырыйаалы кэлэр көлүөнэлэргэ бэлэмнээтэ. Ол кини сыралаах үлэтинэн тахсыбыт Үөһээ Бүлүү улууһун чулуу дьонун сырдык ааттарын, нэһилиэктэр историяларын үйэтитии араас сериянан 58 кинигэлэрэ, үгүс элбэх видеозаписьтар. Билигин краеведческай пуонда састаабыгар 164 видео, 6800 хаартыска, 15 аудио, 2250 рукописнай докумуон баар. Видеодокумуоннар цифровой формакка көһөрүллэн үйэтитилиннилэр. Бу пуондаҕа резервнай (депозитарий) пуонда тэриллэрэ саҕаламмыта.
Улуус салалтата кини үлэтин үрдүктүк сыаналыыр. 2003 сылтан «Улуус историческай мэтириэтэ» диэн бырайыагынан нэһилиэктэр историяларын үйэтитиигэ олохтоммут анал циклга 19 кинигэ оройуон үбүлээһининэн бэчээттэнэн таҕыста, билигин икки эрэ нэһилиэк кинигэтэ тахсара хаалла. Улуус биллиилээх дьонун туһунан ахтыылары, архивнай докумуоннары мунньан, «Үөһээ Бүлүү өҥ буоруттан» диэн икки чаастаах (таһаарыылаах) сборнигы бэлэмнээн бэчээккэ биэрбититтэн 2012–2013 сылларга оройуон үбүлээн I, II чаастарын, 2015 сылга кинигэ III тахсыбыта.
Килбиэннээх үлэтин иһин Ольга Дмитриевнаҕа ССРС култууратын туйгуна, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн» туйгун бэлиэ, «Саха Өрөспүүбүүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ», «Үөһээ Бүлүү улууһун култууратын бочуоттаах бэтэрээнэ», «Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо» үрдүк ааттара иҥэриллибиттэрэ. Кини быһаччы кыттыытынан уонна салайыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ библиотека үлэһиттэрин ортотугар ыытыллар араас күрэхтэргэ, аныгы технологиянан сонун бырайыактары көмүскээһиҥҥэ Үөһээ Бүлүү библиотеката тэҥнээҕин булбата, элбэх тус сыаллаах программалары олоххо киллэрбитэ. Кыраайы үөрэтэр отдел 2000–2011 сс. алта төгүл Саха Өрөспүүблүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранын, 2012 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин Гранын ылбыта.
Ольга Дмитриевна 2014 сыллаахха 84 сааһыгар өссө да элбэх инники былааннардаах үлэни толоро сылдьан олохтон туораабыта. Ол эрэн кини эдэр кэллиэгэлэрэ кини көтөхпүт идеяларын өссө да өрө тутан, сайыннаран үлэтин салҕаан кэскиллээх үлэлэри ыыта сылдьаллар.
Наталья Филипповна ГУРЬЕВА,
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын
үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна,
Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо




