Исиидэр Бараахап Өргүөт сиригэр

Исиидэр Бараахап 1898 сыллаахха олунньу 12 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Харбалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Өлөөнө, уолун Исиидэри, төрөөбүтэ аҕыйах хоммутун кэннэ, эрдэттэн кэпсэтэн, оҕону күрэтии бары үгэһин тутуһан, Өргүөккэ Чэччэйдэр диэн ыалга таһааран биэрбиттэр. Бараахап Микииппэр чугас аймаҕа – Чочу нэһилиэгин кинээһэ, Ыбыгыр Ньукулай улахан кыыһа Кэтириинэ Өргүөккэ Чэччэй Эҥиэнтэйгэ эргэ тахсан олороро. Чэччэйдэр олохторо Ньыкаакы […]