«АРАССЫЫЙА – НОРУОТ ДЬИЭТЭ» БҮТҮН АРАССЫЫЙАТААҔЫ ДЬЫКТААН ТИЭКИҺИН СУРУЙТАРЫЫ
Күндү биир дойдулаахтарбыт, ытыктабыллаах ыалдьыттар!
Балаҕан ыйын 8 күнэ – Арассыыйа норуоттарын тылларын күнэ!
Бу бэлиэ күн чэрчитинэн, төрөөбүт тылбытын үйэтитэр, кини кэрэтин, күүһүн көрдөрөр соруктаах Бүтүн Арассыыйатааҕы дьыктаан ыытыллар.
О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа төрөөбүт тылбытынан суруллар дьыктааҥҥа көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт!
Оҕоттон аҕа саастаахха тиийэ барыгытын күүтэбит!
Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук туттарыллар!
Бириэмэтэ: Балаҕан ыйын 8 күнэ, күнүс 15:00 чаастан.
Ыытыллар миэстэтэ: О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека.
Кэлиҥ, кыттыҥ, төрөөбүт тылбыт күүһүн үйэтитиэҕиӈ!
Суруйар ручкалаах кэлэргит биһирэнэр.