Г.И. Чиряев үлэтин сырдатар “Өлбөөдүйбэт өйдөбүлү хаалларбыта” кинигэ сүрэхтэниитэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүнэн!
Күндү биир дойдулаахтарбыт!

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа күнүс 15 ч. 30 мүн. 1955 – 1958 сылларга ССКП Үөһээ Бүлүүтээҕи райкомун II сэкирэтээринэн үлэлээбит, бөдөҥ сэбиэскэй-партийнай, судаарыстыбаннай диэйэтэл, 1965 – 1982 сс. ССКП Саха сиринээҕи обкомун I сэкирэтээрэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин, ССРС VII, VIII, IX, X ыҥырыылаах Үрдүкү сэбиэтин дьокутаата, экэниэмикэ билимин хандьытаата, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха сирин үрдүкү салалтатыттан соҕотох Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылаҕа, “Ленин”, “Октябрьскай революция”, икки төгүл “Үлэ Кыһыл Знамятын”, “Монголия” уордьаннар кавалердара Гавриил Иосифович Чиряев 1955-1958 сылларга Үөһээ Бүлүү оройуонугар партийнай-салайар үлэтин саҕалаан үйэлээҕи оҥорон-тутан ааспытын сырдатар “Өлбөөдүйбэт өйдөбүлү хаалларбыта” саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт.

Күндү дьоммут – сэргэбит үтүө киһи аатын үйэтитэр кинигэ сүрэхтэниитигэр көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт, күүтэбит.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *