Атомный диктант 2026
Күндү биир дойдулаахтарбыт!
Балаҕан ыйын 18 күнүгэр, күнүс 15:00 чаастан, О.Д. Федорова аатынан киин библиотекаҕа улуу уонна интэриэһинэй түгэн буолар.
V-с төгүлүн ыытыллар Бүтүн Аан дойдутааҕы “Атом Дьыктаана – 2026” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыакка кыттаргытыгар ыҥырабыт!
Бу дьыктаан биһиги улууспутугар аан бастакытын ыытыллар! Бу ураты тэрээһин билиигэ уонна наукаҕа дьулуһар хас биирдии киһиэхэ аналлаах. Атом уонна билим эйгэтин туһунан билиилэргин бэрэбиэркэлииргэ, саҥаҕа үөрэнэргэ, кэрэхсэбиллээх чахчылары арыйарга улуу кыах баар.
Дьыктаан ис хоһооно олус киэҥ: атомнай энергетика, ядернай мэдиссиинэ, космос чинчийиилэрэ, Арктиканы баһылааһын уонна атын билим уонна технология саамай кэрэхсэбиллээх хайысхалара!
Мунаарбакка кэлиҥ! Дьыктааны суруйарга анал үөрэх ирдэммэт. Баҕалаах хас биирдии киһи, сааһыттан, идэтиттэн тутулуга суох, бу билим эйгэтигэр бэйэтин кыаҕын тургута, саҥа билиини ыла кэлэрин күүтэбит.
Эйиэхэ аналлаах түгэни мүччү тутума!