Кыайыыны уһансыбыт ырыалар

Киһи олоҕун ханнык баҕарар түбэлтэтигэр: үөрүүтүгэр, хомолтотугар ырыата суох сатаммат. Сэрии суостаах күчүмэҕэй кэмнэригэр ырыа кыргыһыы хонуутугар саллааттары, тыылга үлэһит дьону кытта бииргэ Ийэ дойду көмүскэлигэр бойобуой харабылга турбута.

Ырыа ыксаллаах, ыарахан кэмнэргэ дьон эрэйин чэпчэтэрэ, кыһалҕатын аччатара. Сэрии кэмигэр элбэхтик ыллыыллара. Саллаат походка ырыата суох табыллыбат. Ыраах уһун айантан ыран-быстан, сылайан иһэн күргүөмнээх ырыаттан күүс-сэниэ ылара. Күүстээх үлэҕэ умса баттаппыт, кырыымчык ыарахан олохтоох киһи ырыа ыллаатаҕына, эрэйэ чэпчиирэ, санаата көтөҕүллэрэ.