Социалистическай Үлэ Геройун үрдүк аатын сылгы төрүөҕүн өлөрбөккө 100 бырыһыан ииппит Туобуйа сылгыттарыгар С.И. Васильевка, А.Н.Саввиновка иҥэрэр туһунан
1949 сыллаахха бэс ыйын 30 күнүгэр ССРС Верховнай Советын ыйааҕа тахсыбыта. Онно Туобуйа нэһилиэгин урукку Молотов аатынан колхоз бырабылыанньатын председателигэр Степан Иннокентьевич Васильевка уонна сылгы ферматын сэбиэдиссэйэ Афанасий Николаевич Саввиновка 1948 сыллаахха 61 биэттэн 61 кулуну энчирэппэккэ ииппиттэрин иһин Социалистическай Үлэ Геройун аатын иҥэрбиттэрэ.
Ол үрдүк наҕарааданы туттара Саха АССР Верховнай Советын Президиумун председателин солбуйааччы Г.Г.Федоров 1949 сыллаахха атырдьах ыйыгар Туобуйаҕа тахсыбыта. Кинини кытта элбэх күндү ыалдьыттар кэлсибиттэрэ: Москваттан ССТА фото-корреспондена Л.Портер, Якутскайтан И. Д. Кулагин, оройуон кииниттэн Н. К. Николаев, Т. П. Орлов, В. П. Николаев, И.П. Лямин чугастааҕы колхозтартан Е.П. Прокопьев, Г.Г.Лазарев уо.д.а бааллара.
Колхозтаахтар бука бары мустан олордохторуна, үөрүүлээх быһыыга-майгыга т. Г.Г.Федоров Ленин орденын кытта Кыһыл көмүс сулуһу Васильев уонна Саввинов түөстэригэр асталаан биэрбитэ. Онтон сылгыһыттарга: Петров Н.Г., Спиридонов П.Ф., Прокопьев И.П., Тихонов А.Д. сылгы иитиитигэр маастар аатын иҥэрэн туран Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай Грамотатын туттартаабыта.
Бу этэ ыраах кытыы сиргэ олорор бар дьон үйэ-саас тухары күүппэтэх уонна билбэтэх үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ, үлэҕэ дьолломмут үтүөкэн күннэрэ!