Улууспут устуоруйатын бэлиэ түгэннэрэ

1879 сыл — Даллырга аан бастаан тутуллубут чочуобуна (1861 с. ) оннугар Иннокентьевскай таҥара дьиэтэ  тутуллубута.

Саха сиригэр Якутскайдааҕы таҥара сулууспатын салалтата 1731-1753 сс. Иркутскай епархияҕа бас бэринэрэ, онтон кэлин Камчаткатааҕы епархияҕа көспүтэ. Таҥара сулууспатын алын сүһүөҕүнэн таҥара дьиэтин прихода буолара.

Read More »

1876 сыл — Үөһээ Бүлүүгэ маҥнайгы церковной-приходской оскуола арыллыбыта

Саха сирэ революция иннинэ ыраахтааҕылаах Россия саамай хараҥа муннугунан буолара, суруйар уонна ааҕар киһи аҕыйаҕа.             Маҥнайгы оскуола  Үөһээ Бүлүү улууһугар Куорамыкыга 1876 сыллаахха аһыллыбыта.

Read More »

1912 сыл — Быракаан оскуолата аһыллыбыта

Быракааҥҥа 1912 сыллаахха үөрэххэ баҕалаахтар көрдөһүүлэринэн биир кылаастаах “туора урдустар” үөрэнэр оскуолаларын көҥүллээбиттэр. Ол билигин Быракаан начальнай оскуолата буолан турар. Куорамыкы оскуолатын кэнниттэн иккис оскуола.

Read More »

1906 сыл — Боотулууга Ньукуола таҥаратын дьиэтэ аһыллыбыта

Былыр-былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри, Боотулу Эбэтигэр Сайылыктан Үөһээ Бүлүүлүүр аартыгынан  киирэн кэллэххинэ, аан бастаан күөл уҥуор, үрдүк хаалдьаайы үрдүгэр дьэндэйэн турар таҥара дьиэтин көрө түһэҕин.

Read More »