БИҺИРЭМ ТЫЛ

Портрет ДапсыМихаил Петрович Алексеев – Дапсы — биллиилээх саха лингвиһа, тыл билимин хандьыдаата, араадьыйаҕа “Биһирэм тыл” биэрии ааптара, сэтинньи 6 күнүгэр 90 сааһын бэлиэтиир.

Саха араадьыйатыгар “Биһирэм тыл”  биэрии 1992 сыл алтынньы 18 күнүгэр тахсыбыта. Ол кэннэ 25 сыл устата  (1992-2017) хас өрөбүл күн сарсыарда 12 чаас 10 мүнүүтэттэн Сэргэй Зверев «Сарсын, сарсын сарсыарда» тойугунан доҕуһуоллаах Дапсы кэпсээнэ саҕаланар.

Бу сыллар тухары Ийэ тыл туһунан сэргээн  истээччи элбээбитэ, саха дьоно кэтэһэр-маныыр биэриитэ киэҥник тэнийбитэ. Киһини эрэ толкуйдатар, үөрэтэр-иитэр сэһэннэри ылынан Дапсыны норуот «саха тылын эмчитэ» ааты иҥэрбитэ.

Саха тылын чинчийээччи  Петрова Т.И. «Дапсы «Биһирэм тыл» биэриитэ Республикабыт суверенитет ылынан, Е.П. Жирков «Национальнай оскуола концепцията» олоххо тэтимнээхтик киирэн, саха дьоно «мин сахабын, биһиги сахаларбыт диэн санаата аһыллан, көхсө көнөн эрэр кэмигэр биир күүс-көмө буолбут социальнай-историческай көстүү буолар», – диэн олус сөпкө суруйбута.

М.П. Алексеев – Дапсы «Биһирэм тыл» бары биэриилэрэ Саха араадьыйатын фондатыгар харалла сыталлар.

О.Д. Федорова аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека кыраайы үөрэтэр салаатыгар Дапсы бэйэтэ биэрбит пуондатыттан «Биһирэм тыл» биэриилэриттэн таһаарабыт. Сэргээн, сэҥээрэн истиҥ.

Тыл үйэлээх үгэһин домньута Михаил Петрович Алексеев - Дапсы

Хаартыскалар

Эһэтэ оҕонньор Г. А. Алексеев – Тоҥус Хабырыыса Эбэтэ – Муос Баһылайын кыыһа А.В.Алексеева.1954 с. Аҕалаатар аҕата олоҥхоһут, тойуксут Бүөтүр Алексеев – Хабырыыса Бүөтүрэ Күн

Read More »

Дапсы ыллыктаах тыллара

Дапсы ыллыктаах тыллара Тыл билимин кандидата Өлөксүөйэп Мэхээлэ Бөтүрүөбүс – Дапсы 2017 – 2018 – 2020 – 2023 – 2024 сылларга улуустааҕы киин бибилэтиэкэҕэ үлэлиир

Read More »

М. П. Алексеев-Дапсы кинигэлэрэ

Сүр тостубатын.- Дьокуускай: Ситим, 1992.- 110 с. В книге автор делится своими сокровенными мыслями о языке якутской художественной литературы Уус – кыһатынан, суруйааччы – тылынан.-

Read More »

Дапсы хоһоонноро

          Дапсы — хоһоонньут. Хоһуйбатаҕына сатаммат. Кини тугу сэргээбитин, тугу туора көрбүтүн, туохтан долгуйбутун дьүөрэ тылга түһэрэр. Оннук тартарыылаах. Оччоҕо эрэ

Read More »

“Биһирэм тыл” биэрии — 1001 тахсыытыгар

Төрөөбүт тылбыт үйэлээх үгэһин тутуһууга олоҕун анаабыт Михаил Петрович Алексеев-Дапсы бу күннэргэ араадьыйаҕа “Биһирэм тылын” 1001 биэриитин истиэхпит. Бу — кини ымыы санаа оҥостубут сыралаах

Read More »

Алексеев Михаил Петрович – Дапсы бэйэтин туһунан

учуонай, суруналыыс, публицист, кириитик, бэйээт быһыытынан нэһилиэстибэм, онно сыһыаннаан, олоҕум кэпсээнэ маннык сааһыланан көстүө этэ Оҕо сааһым. Тулаайах аҥаардаах кыһалҕалаах оҕо сааһым үөрүүтэ, хомолтото, иҋэбэр,

Read More »

Алексеев Михаил Петрович – Дапсы

(06.11.1936) Алексеев Михаил Петрович-Дапсы  – филолог языковед, кандидат филологических наук, старший научный сотрудник ГИИ РС(Я), СО РАН заслуженный ветеран СО РАН, отличник культуры СР, член

Read More »